Данил Макеев

Кырыыстаах кылаат


Скачать книгу

хаһыытаан үүрэн таһаарбыта. Кырааскалаах муостаҕа халты тэбинэ-тэбинэ, таһырдьа талаһан эрэр ыты батыһан, Киэсэ күүлэҕэ ойон тахсыбыта. Ураанньык мээнэҕэ кэлбэт. Бөһүөлэктэн көстөн ордук Таппаҕа үрэҕэр убайа аах звеноҕа оттуу сылдьаллара. Ардах түһэн бөһүөлэккэ киирэн эрэллэрэ буолуо. Баһаам үгүс сабы сыыйан кэбиспиттии, быыстала суох түһэр самыыры быыһынан Алаас Эбэттэн кэлэр суол төрдүн одуулаһа турдаҕына, ыта атаҕар аалынан, кибис-кирдээх атахтарын түөһүгэр уураары ыксаппыта. Ахтыбыт быһыылааҕа. Көрбөтөҕө ыйтан ортоҕо дии. Куукунаҕа ойон киирэн, эдьиийэ билбэтинэн үс-түөрт алаадьыны ойутан таһааран Ураанньыкка биэрбитэ. Ыта итии алаадьыны омунугар эмискэ уобан тыбыыра түспүтүгэр күлэн тоҕо барбыта:

      – Э-һээ! Иҥсэҕинээҕэр итии эбит дуу?

      Ураанньык муостаҕа түспүт алаадьыны атаҕынан хаһыйбахтыы турдаҕына, эдьиийэ өҥөс гынаат:

      – Хайа, ким кэллэ? Оо, бу алаадьыны ыкка биэрэр дуу?! Үчүгэй аҕай, ыппытын алаадьынан аһатыыһыбыт дии, – диэн биир тыынынан кутан кэбиспитэ. Ураанньык буруйдаммыттыы уулаах бөтүөн кэннигэр түһэн эрдэҕинэ, ойон кэлэн сиргэ сытар алаадьыны ылан, сойутаары эргитэ сылдьан үрбэхтээт ытыгар ууммута.

      – Ураанньык, мэ. Сиэ-сиэ. Оонньоон этэбин. Оо, эрэйдээҕим, ырбыккын даҕаны. Адьас уҥуох-тирии буолбуккун дии. Ноо, эн, алаадьынан күндүлээбэккэ ҕин, булуустан ыт аһын таһааран, үчүгэйдик аһатаар эрэ, – диэт, төттөрү ыстаммыта.

      Киэсэ Алаас Эбэлиир аартык диэки көрбүтэ, сүөһү ыллыгынан биир бэрт кыра киһи, халты-мүлтү тэбинэн халдьаайыны түһэн эрэрэ. Чугаһаабытын кэннэ Артем буоларын, дьэ, билбитэ. Ураанньык утары сырбаҥалаан тиийбитигэр Артем:

      – Хайа, эн кэлэ охсубуккун дуу? Сискэ киириэхпэр диэри иннибэр сылдьыбыта ээ, – дии-дии, кэлэн Киэсэҕэ илиитин биэрбитэ. Таҥаһа биир да кураанах сап хаалбат гына ньылбы сытыйбыт, саппыкытын иһэ халлырҕас уу буолбут этэ. Ону устан астаһа олордоҕуна эдьиийэ эмиэ өҥөс гыммыта.

      – Ээ, Артемка кэлбит эбит дии. Хайа, оттон дьонуҥ?

      – Ардах сэллээтэҕинэ киирэллэрэ буолуо. Мин сатыы түһэ турдум.

      – Ити киһилиин оонньуу охсоору тиэтэйдэҕиҥ дии. Ноо, ыл, бу кураанах таҥаста биэр эрэ уонна хоспох оһоҕун отун. Таҥастарын онно куурдуҥ. Сотору убайдарыҥ эмиэ ньылбы сытыйан кэлиэхтэрэ, – диэт төттөрү ньимис гыммыта.

      Таҥас уларыттан, хоспох оһоҕун оттон киирэллэригэр остуол номнуо тардыллан тоһуйбута. Төһөнү оттообуттарын кэпсэтэ-кэпсэтэ, сүөгэйдээх алаадьыны мотуйбахтаабыттара. Онтон хоско киирэн, Киэсэ оронун анныттан «Настольный хоккей» диэн суруктаах хоруопканы ороон таһаарбытыгар киһитэ хараҕа уоттана түспүтэ. Артем быйыл алтыһы, Киэсэ сэттиһи бүтэрэн сылдьаллара. Киһитин дьиэтэ кинилэртэн көстөн турар. Сотору-сотору хардары-таары хонсоллор. От ыйын бастакы күнүгэр Киэсэ эдьиийин сыбаайбатыгар Бүлүүгэ сылдьан баран бу, бэҕэһээ, кэлэн олороро.

      Хоккейдарын туруоран оонньоон киирэн барбыттара. Киэсэ эрдэттэн эрчиллибит буолан маҥнай киһилээбэтэҕэ. Ол эрээри киһитэ сотору үөрэнэн