сир. Онон туалет да кыайан хаhыллыбат, арай буур эрэ хастаҕына. Быйыл аҕыс кырыылаах ураhа тутуннубут. Ситэтэ суох. Итиитэ кыай-бат, носуос ылыахпыт диибит да хайдах буолар, 5 тыhыынча солкуобайдаах, маҕаhыыҥҥа атыыланар. Үп-харчы кырыымчык. Эhиил сайын буорунан сыбыахтаахпыт эркиннэрин таhын, аллара өттүн. Кыhынын кыстаппата буолуо. Онтон биhиги тохтоон олорбоппут, үлэлээбиппит курдук үлэлиибит. Туомнарбытын ыытабыт.
Л.Ф.: Лазарь Андреевич, кэпсэтииҥ иhин улахан махтал. Бу саха норуотун туһугар дириҥ суолталаах ыытар үлэҕитигэр үрдүк ситиhиилэри, тус бэйэҕэр доруобуйаны баҕарабын. Онон, итэҕэлбитин, Айыы Таҥарабыт үөрэҕин – киhи киhиэхэ, айылҕаҕа тапталынан, наар үчүгэйинэн эрэ сыhыаннаhар үөрэҕин тарҕатыаҕыҥ, хаалларыаҕыҥ. Ыччаппытыгар, кэлэр көлүөнэлэрбитигэр атын норуоттары кытта тэҥҥэ сайдар, олорор суолларын оҥоруоҕуҥ. Оччоҕуна эрэ дьиҥнээх духуобунай, сырдык санаалаах норуот буолуохпут, атын омуктарга ытыгыланыахпыт.
Айыы Үөрэҕин туһунан
Мин, Полина Васильевна Ноговицына, аҕабынан Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, ийэбинэн Ньурбаттан төрүттээхпин. Оҕо caahым күөх Ньурбаҕа Бүлүү өpүhүн биэрэгэр ааспыта. Оскуоланы бүтэрэн баран, дьоллоох Дьокуускай куоракка киирбитим, быраас үөрэҕин баһылаары медицина факультетыгар үөрэммитим. Онтон дойдубар терапевт бырааһынан үлэлээбитим. 1994 сыллаахха куоракка үөрэнэ киирбитим уонна 1996 сыллаахтан эндокринолог идэтин ылан куоракка үлэлии сылдьабын.
Ол сылдьан Айыы үөрэҕин туһунан истэр этим, ол гынан баран чуолкай өйдөбүлүм суоҕа. Ньурбаҕа үлэлии сылдьан, Валентина Александровна Седых, Любовь Антиповна Федорова, Светлана Николаевна Иванова уо.д.а. буолан Н.К. Рерих, Ошо кинигэлэрин ааҕарбыт. 80-с сылларга ити кинигэлэри булар ыарахан этэ. В.А. Седых Москваттан сакаастаан ылара. Ыйга биирдэ көрсөн санаабытын үллэстэрбит. Итэҕэлгэ интэриэһим онтон күөдьүйбүтэ.
Оскуолаҕа үөрэнэ, устудьуоннуу сылдьан, Саха поэзиятын интэриэһиргээбитим. Сэмэн Данилов, Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Варвара Потапова, Анна Парникова хоһооннорун аахпытым. Онно саха итэҕэлин билбэт эбиппин диэн өйдөөбүтүм.
2005 сыллаахха дьүөгэм: «Айыы балаҕана аһылынна, онно барыахха», – диэбитигэр, онно тиийбитим. Саҥа дьыл саҕаланыыта этэ. Таҥхалааһын кэмигэр тиийбитим. Тэрис, Уйусхаана, Намыйа, Айыына, Саҕаана үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ.
Айыы үөрэҕэр сылдьан дьарыктанан барбытым. Бэйэм көрүүм, ис туругум олох уларыйбыта. Бутулла сылдьыбыт санааларбын сааһылаабытым. Айыы үөрэҕэ ки-һи ис кутун бөҕөргөтөр. Олоххо түгэхтээх, инникигэ эрэллээх буоларга үөрэтэр эбит. Мин Айыы үөрэҕэр сылдьарым үлэбэр улахан суолталаах дии саныыбын. Ыарыһахха сөптөөх диагноз туруорарга, истиҥник кэпсэтэргэ, ыарыыта туохтан саҕаламмытын быһаарарга, ыарыһах ис күүһүн ыарыыны утары oxcyhapгa туһаайарыгар көмөлөөх. Үксүгэр ыарыы үөскүүрүгэр киһи бэйэтэ оҥорбут алҕастара, сыыһата-халтыта, санаа-оноо баттыктара тиэрдэллэр. Онтон хайдах