Группа авторов

Саха саарына Тэрис


Скачать книгу

хабар, ол курдук, киһи орто дойдуга сиэри-туому, төрүт үгэһи, төрүт тылы, төрүт дьарыгы, төрүт аһы, төрүт хамсаныыны бэйэтиттэн араарбакка тус олоҕор таба туһанан, Айыы суолугар сөпкө үктэнэригэр суол ыйар.

      Айыы үөрэҕэ айылҕаны кытта ыкса ситимнээх, киһи бэйэтин кыаҕын, өйүн-санаатын, күүһүн өйдүүргэ, тулалыыр эйгэни, айылҕа кистэлэҥнэрин быһааран билэргэ, олоҕу-дьаһаҕы анаарарга, өйдүүргэ кыаҕы үөскэтэр.

      Айыы үөрэҕэ киһи кутун-сүрүн туругун айыылардыын ситимнээн көрдөрөр. Биирдиилээн киһи бэйэтин кута чөл, сүрэ күүстээх, отуора олохтоох буоларын туһугар харыстанар сиэри-туому, үгэһи өйдөөн-төйдөөн, санаан туран, сарсыҥҥы сардаҥалаах, кэлэр кэскилин туһугар кыһалларыгар такайар-үөрэтэр. Бу барыта саха омук тыыннаах буолуутун, сайдыытын, чөл буолуутун мэктиэлиир. Айыы үөрэҕэ ыччаты сиэрдээх майгылаах, оттомноох, дуоспуруннаах, түс-бас буоларга уһуйар кыахтааҕын дьон-сэргэ өйдүүр, ылынар.

      Мин саха норуотугар Айыы суолбутун ыйбыт сүдү киһилиин, Лазарь Андреевичтыын, култуура уонна духуобунас эйгэтигэр үлэлии сылдьан алтыспыппыттан киэн туттабын. Кини үлэлэрин мэлдьи ааҕарым. Тэрис киэҥ далааһыннаахтык, хабааннаахтык үлэлиириттэн олус сөҕөрүм уонна ханна эрэ наһаа үрдүккэ сылдьан үлэлиирэ, олус муударай дьоннуун алтыһара буолуо диэммин толло саныырым. Онтон Тэристиин алтыһан баран, кини киһи быһыытынан олус чараас, уйан сүрэхтээх эбит дии санаабытым. Үөһээ салалта киниэхэ болҕомто уурбатыттан олус диэн сөхпүтүм уонна соһуйбутум. Ол гынан баран, Лазарь Андреевич норуокка ыкса чугас этэ, үгүс дьоннуун алтыһара, кинини сэһэнньит, бахсы, сүбэһит, духуобунай учуутал быһыытынан билинэллэрэ.

      2002 сыл бэс ыйын саҕаланыытыгар Дьаҥхаадыга кулууп дириэктэринэн үлэлии сырыттахпына, И.И. Шамаев «дьөһүөлдьүттэр семинардарын ыытыс» диэн эрийбитэ. Л.А. Афанасьев-Тэрис уонна А.Н. Павлов-Дабыл биир нэдиэлэлээх «Кут-сүр» кыһа үөрэҕин ыыппыттара. Улуустартан 17 киһи кэлэн кыттыбыта уонна сааһыламмыт өбүгэ үөрэҕиттэн элбэҕи билэн бардыбыт диэбиттэрэ. Тэрис сарсыарда «Сарыал хамсаныытын» көрдөрбүтэ. Орто уҥуохтаах киһи сиртэн олус чэпчэкитик тэйэ-тэйэ, ис-иһиттэн көтөн эрэр курдук хамсаныылары оҥорон көрдөрбүтэ билиҥҥээҥҥэ диэри харахпар бу көстөр курдук. Бэйэтин олус кыанар, сахалыы дириҥ сэһэннээх киһи баар эбит диэн сөҕө-махтайа санаабытым. Ити кэмнэргэ биһиги кулууппут үлэтин хайысхатын көрдөнө сылдьар этибит. Сахалыы куттаах-сүрдээх дьоммут Лазарь Андреевич уонна Анатолий Павлович ис сүрэхтэриттэн тахсар сэһэннэриттэн, өбүгэлэрбит силистээх олохторуттан-дьаһахтарыттан, сиэрдэриттэн-туомнарыттан ситимнээх «Айыы үөрэҕэ» тиһигин оҥорбуттарын өйдөөбүппүт. Дьаҥхаады нэһилиэгин общественноһа Айыы үөрэҕин үөрэттэхпитинэ эрэ үүнэр, сайдар суолу тобулуохпут диэн санааҕа кэлбитэ. Онон сынньалаҥ киин үлэтин бырагыраамата үгэс сыллааҕы эргииринэн – ыйдар суолталарыгар, үгэстэригэр тирэҕирэн оҥоһуллубута. Үгүс сахалыы куттаах-сүрдээх, айдарыылаах, дьоҕурдаах, дьаныһан дьарыктанар дьону уонна учуонайдары кытта алтыспыппыт. Үгэс сыллааҕы эргиирэ – кырдьык, бу үөрэх