Группа авторов

Саха саарына Тэрис


Скачать книгу

көмөлөсүһүөхтээх. Бу буолар итэҕэл дьиҥнээх ис хоһооно. Ол иһин былыргылар этэр этилэр: алгыһы абааһы хоппута суох диэн. Үтүөнү оҥоруу – махталлаах. Оҕолоох саха киһитэ куһаҕаны оҥорортон куттанар – бу куһаҕаны оҥорбутум оҕобор тиийиэ диэн. Үтүөнү оҥорортон үөрэр – үчүгэйи оҥорбутум оҕобор тиийиэ диэн. Таҥара эмиэ итини ирдиир. Киһи сиэри тутуһуохтаах.

      – Лазарь Андреевич, сылын аайы саас итэҕэл сугулаана ыытыллар. Бу туох сыаллаах-соруктаах ыытыллар тэрээһиний?

      – 2014 сылтан сахаҕа сыһыаннаах итэҕэллэр холбостулар. Сыл аайы кулун тутар 21 күнүгэр итэҕэл сугулаана ыытыллар. Онно сыллааҕы сүрүн сорук быһаарыллар. Түмсүү 9 ытык дьонноох. Итэҕэли тута сылдьар 3 киһилээх. Сүрүн соруга – бырабыыталыстыба үлэтигэр кыттыһыы. Ол курдук судаарыстыбаҕа суолталаах туомнары ыытыы, кэмиттэн кэмигэр дьон өйө-санаата сайдан иһэригэр, ханнык духуобунай соруктар иннибитигэр туралларын туһунан этиилэр киириэхтээхтэр. Холобур, быйылгы сорук саха итэҕэлин ааҕыыларын күнүн оҥоруу буолар. Ол сиэринэн, ааҕыылар алтынньы, сэтинньи ыйдарга оҥоһуллуохтара. Айыы итэҕэлин тарҕатар дьон бэлэмнэнэн тураллар. Онтон улуустарга сахалыы моһуоннаах дьиэлэри, ураһалары тутуу салгыы ыытыллыахтаах. Ону таһынан бу дьиэлэргэ дьиҥ сахалыы туомнары оҥорор дьон үлэлиэхтээхтэр. Бу үлэни саха итэҕэлэ түмсүү, ордук айыы дьиэтэ сүрүннүүр кыахтаах. Билигин сир аайы олоҥхо дьиэтин тутуу бара турар. Итэҕэлэ суох олоҥхо диэн суох этэ. Онон Олоҥхо дьиэтин биир элимиэнэ итэҕэл буолуохтаах. Ол туһунан кэпсэтии бара турар.

      – «Кут-сүр» үөрэх саха култууратыгар тирэҕирэн ыытыллар үөрэх буоллаҕа.

      – Билигин итэҕэллэр элбэх бөлөхтөрө баар. Биһиги ити бөлөхтөрү саха култууратыгар төһө сыһыаннааҕар болҕомтобутун уурабыт. Саха култууратын билэр бөлөх саха итэҕэлин сайыннарар. «Кут-сүр» биир сүрүн бириинсиптээх. Норуот айбытын эрэ дьиҥнээх диибит. Билигин саха итэҕэлигэр 99 кинигэ оҥоһулунна. Ити кинигэлэр саха норуотун олоҕун үөрэппит дьонтон уонна архыыптан ылыллыбыта. Онон биһиги түмсүүбүт саха култууратыгар 100% тирэнэбит. Холобур, айыылары толкуйдааһыҥҥа Улуу Суорун аата эрэ мөккүөрдээх буолбута. Ол гынан баран ити ааты талан ыларбытыгар олоҥхону төрүт оҥостубуппут. Ордук мөһүлгэ тиэмэтэ ыарахан буолбута. Быстах-остох сибидиэнньэлэр эрэ бааллара. Олорго тирэнэн оҥорон көрүү диэн ньыманы туһаммыппыт. Итини нууччалыы «реконструкция» дииллэр. Оҥорон көрүү былыргыттан туһаныллар. Кини олохторо, тирэхтэрэ улахан суолталаах, бигэ буолуохтаахтар.

      – Мэҥэ Хаҥалас ытык сирдэринэн сырыы туһунан тус санааҥ.

      – Быйыл ураты улахан ситиһиилэннибит. Ытык сирдэр устун сахаҕа бастакы ытык сырыы буолла. Мэҥэ Хаҥалас улууһун устун сылдьан, Чүүйэ дэриэбинэтин таһыттан тоҕус ойбонноох сэргэни буллубут. Манна саха итэҕэлин ис дьиҥэ толору баар. Ол барыта үлэлии турар гына оҥоһуллубут. Онон бу сэргэни саха итэҕэлин сүрүн сэргэтин быһыытынан ылынныбыт. Бу сэргэ аны биһиэхэ Мекки курдук суолталанар. Сахабын диир киһи саатар үйэтигэр биирдэ бу сэргэҕэ