Егор Картузов

Тыын былдьаһыгар


Скачать книгу

дуоһуйуу, сынньаныы буоллаҕа. Куорат булчуттарыгар сыл тахсар ас буолбатах.

      Дьааҥыга

      Хас да сыл оҥостон, бэлэмнэнэн, уоппуска ылан, эт-ас тоҥор буолбутун кэннэ сэтинньи ыйга, аалым баһа хоҥнон, Дьааҥыга куобахха туһахтыы барар буоллум.

      Баатаҕай пуордугар убай курдук саныыр Бүөтүрүм көрүстэ. Үөһээ Дьааҥы куоратыгар хонон туран, халлаан айа кылыыта көстөр буола суһуктуйа сырдыыта, сарсыарда эрдэ Тэккэни Эбэ үүтээнигэр массыынанан айаннаабыппыт. Халлаан сырдаан, утары сандааран тахсан аламай күн кытары кыыһан эрдэҕинэ, халлааҥҥа харбаспыт Дьааҥы хайаларын үрдүнэн айаннаан истэххэ, аан айылҕа кэрэмэн көстүүтэ арылыйар. Чоҥкуйа кырыаран турар мастар үрүҥ көмүс мөһүүрэ симэҕи кэтэн тупсан көстөллөр. Хаарынан бүрүллүбүт хатыҥнар, байбаралаах мааны ырбаахылаах хотуттар курдук, лаглаһан тураллар.

      Харах ыларын тухары тула хайалар, дөрүн-дөрүн тайах уһун дьороҕор атаҕынан атаралаан ааспыт суола көстөр. Хаар анныттан хара улар көтөн лаһыйан тахсар, киис обургу мас көтөрүгэр үөмэн сыбдыйбыт суола дыргыйар. Кини обургу утуйа сытар куртуйахтары, бочугурастары биллэрбэккэ эрэ түүлэрин бурҕатан эрдэҕэ. Албын саһыл куобахха иҥээҥнээн, чөм-чөм үктээн ааспыт суола көстөр. Кырынаас кутуйах көрдөөн биир тэҥник лэкэчэктээн ойбут. Хаххан, хаппыт маска олорон, аарыма төбөтүн эмискэ сүр түргэнник эргитэн, үүн тиэрбэһин саҕа эрилкэй хараҕынан тулатын көрүнэр. Улуу Суорун уола хара суор биһигини уруйдаан, батыһа көтөн халаахтыыр. Мин бултуйдахпына уос-тиис үллэстэр буоллаҕа.

      Тулам кырса түүтүн курдук кылбархай хаар. Киһи тылынан ойуулаабат кэрэ көстүүтэ. Ама, бу кэрэ көстүүнү көрө олорон хайа да дьиппиэн бэйэлээх манньыйан, нохтолоох тойон сүрэҕэ толугуруу мөхсүө, хайҕахтаах хара быара хамсыа суоҕай? Төһө да кыһыҥҥы кылгас күн киириэр диэри айаннаатарбыт, бииртэн биир кэрэ көстүүнү уонна кыраһа суругун көрөн күн биллибэккэ ааста.

      Борук-сорукка Тэккэни Эбэ үүтээнигэр тиийэн кэллибит. Үүтээн саха балаҕаныныы тутуллубут, таһынан буору хаайан сабараанньалаабыттар уонна өһүөтүгэр дылы буор куппуттар. Буор чиҥээн миэтэрэ аҥаара түспүт, маһын быыһынан үрдүк мэҥэ халлааҥҥа сулустар балаҕаны эргиччи бачыгыраһан, кылапачыһан көстөллөр. Хараҥаҕа харбыалаһан уоппутун отуннубут, хата, булт үгэһин тутуһар дьон сылдьыбыт буолан, аҕыйахта оттор маһы хаалларбыттар.

      Тоҥ турар үүтээни отуннубут, оһохпут үөрэн-көтөн умайан сирилээтэ. Үрэххэ киирэн ойбон алларан, уу баһан, ас астанныбыт. Эбии, тэйиччи сиртэн хаппыт маһы кэрдэн, түүн отторбутугар мас бэлэмнээтибит. Хойукка диэри түбүгүрдүбүт. Үүтээммит киһи тыына бурҕаҥнаабат эрэ буола сылыйыыта Баай барыылаах Байанайтан, сир-дойду иччилэриттэн көрдөһөн, Дьокуускай куораттан анаан-минээн кэргэммэр астатан аҕалбыт арыылаах алаадьыбынан аал уоппун айах тутан күндүлээтим. Ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ аһаатыбыт. Тото-хана аһаан баран, утуйар таҥаспын бэрийдим. Баата матараас үрдүнэн таба тэллэх тэлгээтим, ол үрдүнэн үүтээҥҥэ баар олохтоох нэк