Егор Картузов

Тыын былдьаһыгар


Скачать книгу

сылдьар буолбутум.

      Хайа иччитэ киирэ сылдьыбыт киэһэтигэр, ким-туох киһи кэлбитин көрөн таҕыстаҕа. Онно сөбүлээн атарахсыппакка бэйэ киһитэ, сиэри-туому, булт үгэһин тутуһар, өһүк эбит диэн көрөн-харайан, өйөөн-убаан этэҥҥэ сырытыннаран өлгөмнүк бултатта. Үүтээҥҥэ соҕотоҕун туох эмэ буоллахха ытаа да ыллаа, арбаҕастаах да абырыа суоҕа. Аар тайҕа баһыгар ким кэлэн быыһыай?

      Дьэ итинник, айылҕаҕа эмтэнэн Баай Байанай өлгөмнүк бэрсэн, эбиитин суруйар үлэҕэ сыстан, тоҥон-хатан, хатарыллан, этэҥҥэ сылдьан турабын. Эһиилигэр эмиэ амтаһыйан, Дьааҥы Эбэ хотуҥҥа бултаабытым, ол бэйэтэ туспа кэпсээн. Билигини сымыйа дьэргэлгэни эккирэтэрбин тохтотон, доруобуйабын тупсараары, чэбдигирдээри күн аайы тоҥуу хаары тиритэ-хорута кэһэбин.

      Лөкөчөөн Күүлэлээҕэр

      Биир үтүө саас Лөкөчөөн Күүлэлээҕэр куска бултуу сытабыт. Эбэ быйыл ырбыыламмакка ортотунан сайан, кус күөл ортотугар түһэр. Киэһэ, сарсыарда кус көтөр кэмигэр кыралаан ытабыт. Сандал саас кэлэн, айылҕа уһуктан, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх курдук. Ханна эрэ от быыһыгар күөх төбөлөөх атыыр көҕөн тыһытыгар бэрдимсийэн кэһиэҕирбит суон куолаһынан маатырҕыыр, чыркымай үөһэнэн эрийэ-буруйа көтөн иһэн чурустуур, сиэдэрэй өҥнөөх мороду бокуойа суох, кимтэн эрэ өрүһүспүттүү, мин аҕайбын диэн уруттуур. Эбэни эргийэ көтөн, моонньоҕоннор дөрүн-дөрүн саҥарсаллар, сотору-сотору хаастар айманан ааһаллар, хара тыаҕа куртуйах үөрүн мунньан охсон кулдьугуруур, ханна эрэ хабдьы бэбээрэр.

      Ити барыта, түүнү быһа төһө да тары сиэбит ыт курдук тоҥон бабыгырыы олордоххо, кэрэ иэйии буолан сүрэххэ-быарга сылаанньыйа киирэр. Сааскы айылҕа кэрэ дьүһүйүүтүн истэ олордоххо түүн биллибэккэ ааһар, онно эбии сотору-сотору чыркымайдар обургулар сирэйгин быһа охсо сыһан ааһаллар, ону сыыһа-халты ытан хаалаҕын. Итинник түүнүн кус тоһуйабыт, күнүһүн сири-уоту көрө таарыйа уу кэрийэбит. Баай Байанай кыралаан бэрсэр.

      Сороҕор ыалларбыт билсэ кэлээччилэр. Биирдэ, эбиэт саҕана, ыалбыт Куочукка кэллэ. Үгэс быһыытынан чэйдии-чэйдии булт-алт туһунан кэпсэттибит. Ол олорон манныгы сэһэргээтэ:

      «Биһиги урут, сопхуос саҕана, күһүн Баппаҕаайы уонна Күҥкүс үрэхтэр холбоһор сирдэригэр Самахха оттообуппут. Ол оттуу сылдьан, харабыт бүтэн, миигин матасыыкылынан бултата ыыттылар. Тыа саҕатыгар тохтоон тэйиччи баар элгээҥҥэ, баҕар туох эмэ суол-иис баара буолуо диэн, көрө бардым. Тоҥ күөс быстыҥа хаампытым кэннэ, арай иннибэр икки таба иһэр. Мин суон бэс кэннигэр саһан хааллым. Кыылларым аа-дьуо чугаһаан баран, сыппын ылан таныыларын тардырҕата-тардырҕата, тула көрөн, сиэгиргээн, олооруҥнаатылар.

      Икки уостаах доруоп саабын аргыый ылан, биир улаханын саам сыалыгар киллэрэн баран, чыыбыспын сыыйа тартым. Онуоха саам уот биэрбэккэ чап гына түстэ. Кыылларым сэргэхтэрэ сүрдээх, ойон хааллылар. Иккис уоспунан ыттым да хантан табыахпыный, суох буоллаҕа. Ол туран «бу биир уостаах саанан ханна баран тугу бултаары, адьырҕа суола элбэх, аны киһини былдьыаҕа» дии санаатым, онон