Иван Дьячковский

Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн


Скачать книгу

маҥнайгы «Бег за радугой» диэн ааттаах кинигэм 1993 с. нууччалыы тылынан Ульяновскайга тахсыбыта. Суруйтаран сакаастаабыт дьоҥҥо эрэ тарҕаммыта (подписканан). «Эдэр саас» хаһыат редактора Иван Ушницкай ылыннарыылаах көрдөһүүтүнэн, «Кустугу ситтэрбиэн» диэн оҕо сааһым, оскуолатааҕы сылларым туһунан кэпсээннэр суруллан, ити хаһыакка 1995–1997 сс. бэчээттэнэн дьон сэҥээриитин ылбыта. «Кыталык Уйбаан И. Ушницкай тылын ылынан, кылгас кэм иһигэр сахалыы сурдурҕаччы суруйарга үөрэнэ охсубут эбит. Маладьыас!» – диэтэххит буолуо. Улаханнык алҕаһыыгыт. Дьиҥинэн, мин былыргы үөрэҕэ суох оҕонньорго дылы, олорон эрэ кэпсиирбин кэргэним саха тылын уонна литературатын учуутала Сардаана Владиславовна сурукка түһэрэр, бэчээккэ бэлэмниир. Онон мин киниэхэ махталым улахан. «Орто Дойду сонуннара» хаһыат редактора И.Ушницкай иккистээн төхтүрүйэн модьу- йуутунан, салгыы устудьуон сылларым туһунан 2004–2005 сс. «сурдурҕаччы суруллубута», ити хаһыакка бэчээттэммитэ. Онон бу кинигэ сахалыы суруллуутугар Иван Петрович Ушницкай үтүөтэ улахан. Киниэхэ биһиги ыал истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

      Мин бэйэм олоҕум туһунан хайдах баарынан суруйдум. Кинигэбин икки чааһынан аҥаардаан таһаарарга быһаарынным.

      Күндү ааҕааччы! Эһиги олоххут уонна чугас, аймах-билэ дьоҥҥут дьылҕалара кыталык халыҥ үөрэ Сахабыт сирин күннээх халлаанын устун дьолу тосхойор айаныгар майгынныахтын!

      Сахабыт сирин хас биирдии оҕото «мин дьиэм – улахан таптал, улахан олох, улахан дьол уйата!» диэн киэн тутта этиэхтин!

      Эһигини сэттэ өҥнөөх кустук ыраахха, сырдыкка, ырааска, үтүөҕэ, кэрэҕэ, үйэлээххэ угуйа туруохтун!

Ааптар

      Улуу художник, эбэтэр   «чудовищелыын» көрсүһүү

      Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан балыыһа оронугар «лип» сытарым. Биһиги палаатабыт үрүҥ өҥ саарыстыбата этэ: өһүөтэ үрүҥ, эркиннэрэ үрүҥнэр, түннүк сабыыта, тумбочкалар, утуйар таҥас – барыта үрүҥ өҥнөөҕө. Мин: «Бу биэс уол манна урут-уруккуттан сыппыппыт, билигин да сытабыт, куруук даҕаны маннык сытыахпыт, оттон үрүҥ халааттаах сиэстэрэлэр биһигини көрбүттэрэ-харайбыттара, көрө-харайа сылдьаллар уонна өссө да төһө баҕарар көрүөхтэрэ-харайыахтара», – дии саныырым. Палаатам уолаттара уонна сиэстэрэлэр бука бары сырдык халлаан күөҕэ харахтаахтара, сап-саһархай баттахтаахтара. Мин сиэркилэ диэн баарын туһунан билбэт этим, ол иһин бэйэбин эмиэ итинник күөх харахтаах, сырдык баттахтаах курдук сананарым.

      Саамай сөбүлүүр сиэстэрэбит Света диэн ааттааҕа. Кини биһигини укуоллаабат, ап-аһыы амтаннаах эми иһэрдибэт этэ. Света үөрэн мичилийбитинэн киирэн кэллэҕинэ, маҥан палаатабыт иһэ өссө сырдаабыт, тупсубут курдук буолара. Оннооҕор «чудовище» туһунан сүрдээх кутталлаах остуоруйаны да кэпсээтэҕинэ, биһиги аттыбытыгар бу үтүө санаалаах, кэрэ дьүһүннээх Света баар буолан, соччо куттаммат этибит. Күн аайы остуоруйа кэпсээт да, сиэстэрэбит аптаах холбуйатыттан биһиэхэ саамай кэтэһэр малбытын ылан түҥэтэлиирэ. Воваҕа пластилин, Вадимҥа тимир конструктор, Владикка элбэх бытархай мас кубиктар тиксэллэрэ. Васяҕа кини бэйэтин сакааһынан, рецебинэн астаныллыбыт аһы-үөлү аҕалбыт буолара, оттон миэхэ ыраас кумааҕы лиистэрин, киистэ, кырааска, харандаас уонна ханнык эмэ биллиилээх художник хартыынатын биэрэрэ. Мин бэйэбин илиибэр киистэни туппутунан төрөөбүт курдук сананарым. Хас күн аайы Света атын-атын хартыыналары аҕалара, ол гынан баран бары биир «пейзаж» диэн ааттаах буолаллара. «Шишкин, Левитан, Суриков, Серов диэн эмиэ бэйэм курдук сытан эрэ уруһуйдуур уолаттар буолуо» дии саныырым.

      Хартыынаттан үтүгүннэрэн ойуулаабыт «пейзажпар» тоҕо эрэ Вова уол пластилин кыылларын, Вадим тимир кырааннаах массыыналарын, Владик кубиктарынан туппут дыбарыаһын, Вася      минньигэс аһын, сиэстэрэ Света кэпсээбит остуоруйатыттан тэтэгэркээн сибэккичээни, үс оҕолоох эһэни сиэри бэс мастар үрдүлэринэн арбайан турар «чудовищены» эбии уруһуйдаан биэрэрим. Уолаттарым уонна сиэстэрэ Света биллиилээх художниктар шедевр-айымньыларынааҕар мин уруһуйдарбын быдан хайгыыллара, сөҕөллөрө-махтайаллара. Ол иһин мин бэйэбин улуу художник курдук сананарым.

      Биир күн Света «пейзажка» олох майгыннаабат хартыынаны аҕалан соһутта. Ыйыппыттыы көрбүппэр: «Бу хартыына аата «Семья», бу – эн ийэҥ», – диэт, тоҕо эрэ маҥан буолбакка, сибэкки ойуулаах халааттаах сиэстэрэни ыйан көрдөрдө. Оттон эриэн, халаакка ханан да майгыннаабат таҥастаах, уоһун үрдүнэн «баттахтаах сиэстэрэни» бу – эн аҕаҥ диэн быһаарда. Биһиги Васябытыгар дылы аһыырын сөбүлүүр уолу бу – эн быраатыҥ диэтэ. Итиэннэ Светабыт олох атын, сабыс-саҥа остуоруйаны кэпсээтэ: «Киһи барыта чугас, таптыыр дьонноох. Эһиги бары тус-туспа ыал оҕолороҕут. Ваня, эн ийэлээх аҕаҥ, бииргэ төрөөбүттэриҥ Амма диэн сиргэ олороллор. Эйигин сарсын онно илдьэр буоллубут». Мин улаханнык ыксаатым. Хаарыан маҥан палаатабыттан, чугас, таптыыр дьоммуттан туура тутан хайа эрэ Амма диэн сиргэ хаһан да харахтаан көрбөтөх ыал диэн ааттаах сиэстэрэлэргэ илдьэн биэрээри сылдьаллар эбит. Бу иэдээни! Букатын төннүбэт сирбэр ыытаары гыннылар диэн улаханнык айманным: «Света! Миигин бука диэн ханна да ыытыма, кимҥэ да биэримэ! Мин эһиги ыал оҕотобун, мин дьиэм – бу палаата, мин убайдарым-бырааттарым бары бу сыталлар. Мин ханнык да Амманы билбэппин, барыахпын олох баҕарбаппын!» – дии-дии хараҕым уутун соттубуппар,