Степан Марков

Даайыһым, эрэлим


Скачать книгу

алаах курдук. Cааһым тухары онно үлэлээн айахпытын ииттэн олордохпут. Оҕом, эн эрэ үөрэннэргин…

      Ийэтэ барахсан бу орто дойдуттан арахсыар диэри баар-суох соҕотох кыыһыгар этэр тыла, баҕарар баҕата ити эрэ этэ.

      – Ийээ, мин хайаан да үөрэниэҕим, тылбын биэрэбин. Улааттахпына, үлэһит буоллахпына, биһиги да үчүгэйдик, баайдык олоруохпут дии, – диэн кыыһа куруук ийэтин эрэннэрэр, уоскутар этэ.

      Ийэтин ити оҕотугар баҕарар, ыралыыр, көрдөһөр намыын саҥата Даайыс кулгааҕар билигин да чуолкайдык иһиллэр курдук. Олох кыра эрдэҕиттэн ити ийэтин баҕа санаата кинини арыаллаан, аргыс-таһан улааппыта. Билэрэ, ити үчүгэй, улахан кыһалҕата суох олох кини үөрэхтээх эрэ буоллаҕына кэлэрин. Ол да иһин үөрэҕэр олус кыһанара, куһаҕана суохтук үөрэнэрэ. Биллэн турар, кыахтаах ыал оҕолорун курдук таҥас-сап, ол-бу араас оонньуур киниэхэ суоҕа, кыра сылдьан оннук оҕолорго олус ымсыырара. Обургу сааһыгар да барыта дэлэй буолбатаҕа, ол эрэн ийэтэ барахсан оҕолортон оннук олус биллэр-көстөр гына татымнык көрбөтөҕө-ииппэтэҕэ. Даайыс иккис кылааһы бүтэрдэҕин сайын ийэтэ эмискэ ыалдьан бу сиртэн бараахтаабыта. Ийэтэ хаһан да киниэхэ да, кимиэхэ да ыалдьабын, сылайабын диэн үҥсэргээбэт этэ, биирдэ да сытан ылбакка үлэлээн хачыгырыйара. Эрдэттэн ыалдьа, мөлтүү сылдьаахтаабытын кыыһыттан кистии, эмиэ бэйэтин куолутунан барыта ааһыа, этэҥҥэ баран-кэлэн иһэр ини диэн уоскутуна санаабыта буолаахтыа. Ол сайын Даайыска олус ыарахан этэ, аймаммыта, санаатаҕын, аҕыннаҕын аайы сэниэтэ эстиэр диэри ытыыра. Ийэтэ суох ханна барабын, хайдах буолабын диэн оҕотук санааҕа ылларан, тумаҥҥа мунан хаалбыт курдуга.

      Даайыс киһини өйдүүр буолуоҕуттан ийэтэ барахсан дэриэбинэҕэ баар тэрилтэлэргэ дьиэ хомуйааччынан үлэлиирэ. Хаһан да оҕотугар үлэтэ ыараханын, кирдээҕин, сороҕор үтүөмсүйбүт, сэнээбит дьон хаҕыс тылынан саҥаралларын кэпсии сылдьыбат, үҥсэргээбэт этэ. Оттон оскуолаҕа сорох мэник-тэник, тыллаах, үчүгэй дьон оҕолоро «эн баара-суоҕа дьиэ хомуйааччы, муоста сууйааччы оҕотоҕун буолбат дуо, тугу эн билиэххиний, туохтаах буолаҥҥын тарбачыһаҕын» эҥин диэтэхтэринэ, утары кыайан тугу да саҥарбакка, харахтарыгар уу-хаар баһан туран хаалара. Бииргэ үөрэнэр, бииргэ сылдьар оҕолоруттан итинник тыллары истэрэ олус да абалаах, кыһыылаах буолара. Дьиэтигэр кэлэн, сыттыгын сыыһыгар умса түһэ сытан, абаккатыттан уйа-кэйэ суох ытыыра. Киэһэ ийэтэ хойутуу үлэтиттэн кэлэригэр сирэйин-хараҕын суунан, аһын бэлэмнээн, үөрэн-көтөн, туох да буолбатаҕыныы көрсөрө.

***

      Даайыс ааспыт олоҕун эргитэн элбэҕи саныыр. Олортон санаатын уоскутан ылара элбэх эбээт… Туох баар хомолтото, ыарахана, күндүтүк саныыра кэннигэр аастаҕа, бүттэҕэ, аны иккистээн туох да эргиллибэт! Туох да! Сороҕор урукку кыһалҕалаах, ыарахаттардаах олоҕун санаатаҕына, хараҕын уута сарт түһэр уонна сүрэҕэ ыарыылаахтык ыгыта туппахтыыр, оччоҕо өрүтэ тыыммахтаан ылар.

      Олох… Олоҕу олоруу диэн олус уустугун, кыраһа хаар түспүт эриэ-дэхси хонуутугар чэпчэкитик хааман иһэр курдук буолбатаҕын күн-дьыл түргэнник ааһар мөссүөннэрэ Даайыска көрдөрөн испиттэрэ.

***

      Даайыс аҕатыгар көтөхтөрөн олорорун үдүк-ба-дык өйдүүр. Кыһын бултуу сылдьан сыыстаран, улаханнык тымныйан ыалдьыаҕыттан өрүттүбэккэ, кыыһа түөрт саастааҕар күн сириттэн арахсыбыта. «Аҕаҥ Ньукулай түүлээхчит этэ, уһун кыһын устата ыраах үрэхтэр бастарыгар үүтээҥҥэ, балааккаҕа хоно сылдьан бултуура», – диэн ийэтэ кэпсиирэ. Кинилэргэ көмө, өйөбүл буолуох айылаах чугас аймах-билэ дьоно суох тулаайах эргийэн хаалбыттара. Үтүө санаалаах ыаллара, бииргэ үлэлиир дьоно баар буоланнар, бэйэлэрин дьиэлэригэр ыал тэҥэ буруо таһааран олорон испиттэрэ баара, ити буоллахтара. Барыта этэҥҥэ баран испитэ буоллар, төһө да олох араас уустуктарын көрүстэллэр, син дьон-сэргэ тэҥинэн олорон иһиэхтэрэ этэ буоллаҕа.

      Ийэтин дэриэбинэттэн чугас баар кылабыыһаҕа кэргэнин таһыгар кэккэлэһиннэрэ кистээбиттэрэ. Ыкса ыаллара уонна бииргэ үлэлээбит тэрилтэтин дьоно көмөлөһөн, үлэтин тэрийэн тиһэх суолугар атаарбыттара. Бокуонньук поминкатыгар сылдьыбыт дьон ахтыыларыгар Аана көнө майгылааҕын, үлэһитин, дьоҥҥо биир тэҥ үчүгэй санаалааҕын үтүктүспүт курдук эппиттэрэ-саҥарбыттара. Оттон Даайыс билигин ханна баран олоруохтааҕын, үөрэниэхтээҕин туһунан ким да, тугу да тоҕо эрэ саҥар-батаҕа, ахтыбатаҕа. Дьон аһаан тарҕаспытын кэннэ, дьахталлар иһит сууйа сырыттахтарына, кэккэлэһэ олорор ыкса ыала Өкүлүүн эмээхсин Даайыс, соҕотоҕун мунан хаалбыт курдук, санааҕа ылларан утуйар хоһун түннүгүттэн таһырдьаны одуулуу олордоҕуна, аттыгар кэлэн кыыс төбөтүн имэрийэн:

      – Оҕом Даайыас, наһаа айманыма, санаарҕаама, буолар буолбутун кэннэ хайыахпытый, олохпут ыйааҕа оннук буоллаҕа, барыта орун-оннугар буолан иһиэҕэ, кытаат. Ийэҥ Ааныска түөрт уон хонуктаах ахтыытыгар диэри иккиэн бииргэ бу дьиэбитигэр олоруохпут, санаарҕаама. Сөп дуо? – диэбитэ.

      Даайыс хайаахтыай, сөбүлэһэр эрэ буоллаҕа, ити эппит түөрт уон хонуктаах ахтыы диэн тугун хантан билээхтиэй, арай бу ийэтиниин олорбут дьиэтиттэн ханна да барыан баҕарбат. Өкүлүүн эмээхсин дьиэтэ, биир тэлгэһэҕэ баар курдук, олох кэккэлэһэ турар. Эмээхсин элбэхтик оҕоломмутуттан тутан хаалбыт соҕотох кыыһыгар Настаатыгар олорор. Эмиэ соҕотох сиэнэ кыыс атын улууска баран ыал буолбут. Ыаллара Даайыс эбэтин-эһэтин, төрөппүттэрин кытта уһуннук