Степан Марков

Даайыһым, эрэлим


Скачать книгу

шкатулканы көрөн, сөҕүү-махтайыы бөҕөтө буоллулар, муусукалаах иһити бары да саҥа көрөн эрдэхтэрэ. Онуоха оҕолорго ымсыырыы да, ордук санааһын да баар буолан ыллаҕа, кини курдук бэйэлэрэ бас билэр, куруук бииргэ илдьэ сылдьар оонньуурданыахтарын баҕарбаттара кэлиэ дуо… Даайыс оҕолорго өссө чугас киһи буола түстэ. «Бу мин ийэм бэлэхтэрэ, кинилэри олус таптыыбын!» – диэн кыратык ботугураан, оҕолор истэллэрин курдук эттэ. Сарсыарда тураат, эмиэ оонньуурдарын көрөр баҕалаах мөһөөччүгүн аспыта – суохтар. Олус соһуйда, итэҕэйиэх санаата кэлбэтэ. Хайдаҕый бу? Ханна барда? Аҕыйах таҥастаах кыракый мөһөөччүгүн хос-хос булкуйан көрдө да, суох аата суох… Оронугар олоро түһээт, саҥа таһааран ытаан барда.

      Оҕолор эмиэ үмүөрүһэ түстүлэр. Улахан оҕолор өттүлэриттэн «дьиэтин аҕыннаҕа», «ытыы түһэн баран аһарыаҕа» диэн саҥалар иһилиннилэр. Маша кыыс эмиэ ким-хайа иннинэ кэлэн ыйытта:

      – Даша, туох буоллуҥ, тоҕо ытаатыҥ?

      – Оонньуурдарым суох буолбуттар, – диэтэ ытыырын быыһыгар.

      Даайыс оонньуурдара ити күн көстүбүттэрэ. Оо, онно үөрбүтэ даҕаны! Машаҕа махтана санаабыта. Иитээччитэ Ирина Николаевна тута оҕолору мунньан баран: «Оҕолоор, эһиги ортоҕутугар ылбыт оҕо баарын билэбин. Даайыс эмиэ эһиги курдук тулаайах оҕо. Ийэтэ тыыннааҕар оҕотугар куруук миигин саныы, илдьэ сырыттын диэн биэрбит бэлэҕин ылар олус куһаҕан. Ылбыт оҕо түргэнник төннөрүөхтээх уонна киниттэн хайаан да бырастыы гыннарыахтаах, онно эрэнэбин», – диэбитэ. Ити хайа да оҕо ыраас дууһатыгар тиийимтиэ гына этиллибит үтүө тыллар этилэрэ. Ол кэнниттэн Ася диэн кыра кылааска үөрэнэр кыысчаан ылбытын аҕалан биэрэригэр ытыы-ытыы: «Бырастыы гын», – диэн көрдөспүтэ. Даайыс онно, хата, кыыһы бэйэтин олус аһыммыта. Ити түгэн сотору умнуллубута.

***

      Оҕолор күлэн-оонньоон, айдаарсан да ылар түбүктээх олохторугар күн-дьыл биллибэккэ ааһан, устан испитэ. Даайыс бу саҥа олоҕор үөрэнэн, сыстан барбыта, элбэх табаарыстаммыта. Иитээччилэр элэккэй кыысчааны таптыыллара. Үөрэҕэр олус кыһамньылаах, үчүгэй оҕолор ахсааннарыгар сылдьар. Ол эрээри оҕолорго ийэ-аҕа сылаас тапталын, кыһамньытын ким, туох солбуйуо буоллаҕай?! Даайыс ийэтин, дьиэтин, дойдутун ахтан соҕотохсуйбут, туорхаһыйбыт күннэригэр ким да көрбөтүгэр кистээн ытаан ылара.

      Оҕолор уруоктарын тас өттүгэр араас куруһуоктарга дьарыктаналлар. Даайыс атын оҕолор курдук эмиэ иис куруһуогар баҕаран туран киирбитэ. Ити кини кыра эрдэҕиттэн иистэнньэҥ буолар, бэйэтэ тутан-хабан тикпит таҥастарын кэтэр баҕата этэ. Бука, ийэтэ киниэхэ кыратыттан иннэ-сап туттаран тимэҕи, кыра абыраҕы тиктэрэ үөрэппитэ оҕо иистэнэргэ баҕатын, дьоҕурун уһугуннарбыт буолуон сөп. Кэллэҕин бастакы сылыгар улууска сааскы үөрэх каникулун кэмигэр буолбут кыра саастаах оҕолор иискэ айар быыстапкаларыгар, кыра Барби куукулаҕа сахалыы моһуоннаах, киэргэтиилээх былаачыйа тигэн, Хайҕал суругу уонна обургу хоруопка хаалаах сакалааты ылбытын үчүгэйдик да саныыр, олус үөрбүтүн билигин да умнубат. Олоҕор бу маҥнайгы ситиһиитэ