Айталина Никифорова

Дьолго баҕаран


Скачать книгу

гырыыр тыаһа иһилиннэ. Аҕатын сөҥ куолаһа иһиллэр, хас да киһи ботугураһан кэпсэтэллэр.

      – Кыыска хайдах этэбит? Оо, дьэ, буолар да эбит! – тастыҥ эдьиийэ өрө тыынар.

      Кыысчаан иэдээн буолбутун сүрэҕинэн-быарынан сэрэйэн ытыы сыппыта…

      Ийэтэ муҥнаах “женскэйинэн” эпэрээссийэҕэ киирэн баран, наркоһу тулуйбакка, быстыбыта. “Ээ, бу диэн, уустук операция буолбатах, элбэх билэр дьахтарым оҥорторон тахсыбыта…” – диэн кимниин эрэ төлөпүөнүнэн кэпсэтэн күлэр саҥата бу баарга дылы.

      Бу күннэргэ кыракый квартираларын иһэ – аалыҥнас киһи. Ийэтин элбэх да киһи билэр, сылаастык саныыр эбит.

      – Зоя барахсан соһумардык, хомолтолоохтук да күрэннэ. Саҥа отутун ааһан иһэн… Сахаҕа сэдэх кыраһыабай, өйдөөх дьахтар этэ. Кандидатскайа олох бэлэм этэ, көмүскүүрэ эрэ хаалбыта. Ону ити ыарыы обургу илдьэ барда. Арай операцияҕа сөбүлэспэтэҕэ буоллар, билигин биһиги аттыбытыгар идэтинэн күлэн мичилийэ сылдьыа этэ! – диэн хараастан туран Зоя үлэлиир кафедратын сэбиэдиссэйэ эппитэ-тыыммыта. Кини кырдьык да улаханнык уйадыйбыт, санаата түспүт көрүҥнээҕэ.

      Бу курдук дьон биир-биир туран кыысчаан ийэтин истиҥник-иһирэхтик ахталлар, хараасталлар, ытыыллар.

      Оттон кини барытын түүл-бит курдук ылынар. Баҕар, барыта түүл буолуо. Уһуктубут киһи диэн, бэйэтин ыарыылаахтык кымаахтаан ылар. Суох, иэдээн обургу илэ кэлэн турар эбит. Түүл буолбатах… Кыыһы аймахтарыгар хонноро ыыппыттара. Сарсыныгар дьиэтигэр кэлбитэ, саала ортотугар ууруллубут улахан остуолга хоруоп турар. Киһи эмиэ толору. Надя ийэтин көрүөн тоҕо эрэ толлор. Хоруоп диэки көрбөккө буола сатаан хоһугар ааһан иһэн бэйэтиттэн тутулуга суох, ханнык эрэ күүс ыҥырбытын курдук, хараҕа онно хатанна. Ийэтэ бөдөҥ бэйэтэ хайдах эрэ синньээн, кыччаан хаалбыт, сирэйэ куп-кубархай, дуоспуруннаахтык туттан илиитин түөһүгэр ууран сытар. Ама бу кини ийэтэ дуо? Кыыс атыҥырыы санаата, түөһүн иһин туох эрэ аһыынан хаарыйан, хам ылан кэбистэ, тыыныан салгына тиийбэт курдук, дьон саҥата ырааттар ыраатан барда, тула барыта устугас буолла… £йдөнөн кэлбитэ, оронугар сытар эбит. Аҕата туналыппакка көрөн олорор. Надя оҕо эрдэҕинээҕитин санаан кэлэн, саамай чугас киһитин моойуттан ыга кууһан ылан уйа-хайа суох ытаата.

      – …Паапа, бииргэ олоруохпут дуо?

      Ыйытыы салгыҥҥа ыйанан хаалла. Бу ыйытыыга кыыс олоҕо, инники дьылҕата бүтүннүү киирэрэ. Күн анныгар кини соҕотох аҕата эрэ хаалла. Киниттэн атын кимэ да суох. Аҕата тоҕо эрэ саҥарбат. Атаҕын аннын көрөн ыар санааҕа баттатан олордо. Ол курдук хоруйу биэрбэккэ хостон аа-дьуо тахсан барда. Кыыс аҕатын көҥдөй көхсүн эрэ көрөн хаалла.

      Надя аҕатыгар хомолтото бу аһыыга умнулла быһыытыйбыта хат тиллэн кэллэ. “Миигиннээҕэр бэйэтин оҕолорун ордорор буоллаҕа. Кини атын ыал аҕата. Атын ыал аҕата, атын ыал аҕата…” – ити тыллар күн сырдыгын бүөлээн, биирдэ киэптээн кэбистилэр.

      Ийэтин кистиир күннэрэ күһүҥҥү уорааннаах халлааҥҥа дьүөрэтэ суох чаҕылхай күннээх, сырдык этэ. “Сырдык санаалаах, элэккэй киһилиин халлааммыт кытта кылбаа күнүнэн быраһаайдаһар”, – диэн дьон ботур-ботур кэпсэтэллэрин аһыытын быыһыгар кыысчаан истэн хаалбыта.

* * *

      Надя кыыс уон үс сааһын күһүнэ ити курдук ийэтин илдьэ барбыта. Кинилэр иккиэйэҕин сүрдээх иллээхтик, ыраастык олорбут квартиралара кураанахсыйан, хараҥаран хаалбыт курдуга. Кыыс кими да көрүөн, кимниин да айах атан кэпсэтиэн баҕарбат. Оронугар сытан тахсар. Аймахтара кэлэн аралдьытан, араас аһы астаан күндүлээн көрөллөр да, кыыс тулалыыр эйгэни истибэт курдук буолбута. Тастыҥ эдьиийдэрэ айаҕалыы сатаан аҕатын ыҥырбыттара. Надя бу сиргэ баар куоластартан эрэ күндү аҕатын бүтэҥи куолаһын истэн, сүрэҕэ үөрүүнэн туолбута. Хараҕын быһа симэн аҕалаах олоҕун санаан ылбыта.

      – Паапа, эн дуо? Букатын кэллиҥ дуо?

      – Суох, сыллыый, эн хайдаххын билээри кэллим. Сатаммат, салгыы олоруохха наада. Баҕарар буоллаххына, биһигини кытта олор. Балтыларыҥ туора көрүөхтэрэ суоҕа, – диэн баран аҕата тоҕо эрэ хараҕын кистиир.

      “Баҕарар буоллаххына”… Кини аҕатын кытта олоруон баҕарара кэмнээх буолуо дуо? Оттон кини кэргэнэ хайдах көрсүөй? Кыыс аҕата кута-сүрэ тостубутун, ити ыҥырар да тыла эрэлэ суоҕун оҕотук сүрэҕинэн сэрэйбитэ.

      “Миша научнай үлэтин олох бырахпыт быһыылаах. Наар “молочкаҕа” уочаракка турарын көрөллөр эбит. Ити дьахтара дьиэҕэ хаайан бүтэрбит ээ, быһыыта. Дьиҥэр, кини кыахтаах киһи ээ…” – диэн ийэтэ дьүөгэтинээн кэпсэтэрин истибитин бу олорон санаан кэллэ. Аҕатын уота-күөһэ суох, мунчаарыы кыымынан эрэ саҕар хараҕын көрөн, Надя аһынан, “анараа дьахтарга” абатыйан киэр хайыспыта.

      – Суох, мин бэйэм да олоруом, – өһөс куолаһынан хардарбыта.

* * *

      Бүгүн Надя оскуолатыгар бараары эрдэ турда. Турбута, школьнай формата өтүүктэнэн плечиккэ ыйаммыт, саҕата, манжеттара кичэллээхтик сууйуллан олох саҥа курдук кылбаҥныыллар. Бэлэм таҥаһын кэтэн баран куукунаҕа киирбитэ, остуол тардыллан турар. Эдьиийэ хааһы астаан түбүгүрэ сылдьар.

      – Бэйи, хайдах соҕотоҕун бараары гынаҕын? Мин атааран биэриэм, – диэт сонун үрдүгэр түстэ.

      Кыыс өрүү бэйэтэ сылдьар этэ. Муодарҕыы санаата да, саҥарбата.

      Оскуолаттан