Айталина Никифорова

Дьолго баҕаран


Скачать книгу

дьиэ тутта охсубута. Биир сайын оройуон киинигэр элбэхтик сыбыытаан, хайа эрэ оһуобай дефицити бэрийэр дьахтардыын ылсан-бэрсэн, мутукча күөх өҥнөөх сабыс-саҥа “Жигулины” көтүтэн аҕалан, оҕонньорун уруулга олордон кэбиспитэ. Оччолорго оннук массыына сэбиэттэригэр уонна маҕаһыын сэбиэдиссэйигэр эрэ баара. Туонньаны дьон таһыттан көрөн, санаата туолбут, олоҕор элбэҕи ситиспит дьахтар курдук саныыллара. Оннук да этэ. Баҕардаҕына кимиэхэ барытыгар сөбүлэтэр, тылын ылыннарар эдэр дьахтар сотору үлэтэ-хамнаһа бэркэ табыллан барбыта. Оскуолаҕа алын кылаастар учууталларынан үлэлии сылдьыбыт киһини детсад сэбиэдиссэйинэн оҥорбуттара. Сотору олохтоох сэбиэккэ депутатынан талбыттара.

      Киһи-киһи тас көрүҥүнэн эрэ тус-туһунан буолбат. Биһиги бары туспа ауралаах, ураты энергиялаах буоларбыт туһунан ордук кэлиҥҥи кэмҥэ дьүүллээн биллибит. Сорох киһиттэн түргэнник сылайаҕын, биричиинэтэ суох кыыһырыаххын баҕараҕын. Оттон Туонньа ураты тыынынан дьону барытын “иитэр” курдук. Оннук кини көстүбэт күүстээх. Ол иһин атыттар кини тылынан барбыттарын өйдөөмүнэ да хаалаллар. Бөһүөлэк биир да тэрээһинэ Антонина Ивановната суох барбат буолбута. Бэл сэбиэттэрэ “кини туох диирэ буолла” диэн, тиһэх быһаарыныыны ылыммат буолбутун дьон бэлиэтиирэ.

      …Таһырдьа атын кэм кэлбитэ. “Дьиикэй ырыынак” кэмэ үүнэн сиэтэ-аһаата диэн айдаан бөҕө айааһаабыта, үгүс түрүлүөн турбута. Элбэх киһи куттанан, бу айдааннаах кэм ааһарын кэтэһэн, сууланан олорбута. Дьон үксэ туох-туох буолан иһэр диэн, улахан сэрэххэ түспүттэрэ. Ол икки ардыгар тыа сирин тутан олорбут совхозтар ыһыллан хаалбыттара. Совхоз баайын үллэстии кытаанах киирсиитэ буолбутугар саҥа кэммит букатыннаахтык кэлбит ээ, быһыыта, диэн тойоннооһун буолбута. Паай былдьаһыытыгар тыын тыыҥҥа туруу кытаанаҕа сатыылаабыта. Ыаллыылар сирдэрин былдьаһан иирсибиттэрэ, аймахтыылар ынах-сүөһү ахсаанын аахсыытыгар хайалара да ордук-хоһу ылбатын кэтээбиттэрэ-манаабыттара. Ол эрээри, буоларын курдук, бу да сырыыга боростуой дьонтон былааска чугас дьон ордон тахсыбыттара. Кинилэр тыал хайа диэки үрэрин түргэнник билэн, совхозтан буор-босхо ылбыт сирдэрин-уоттарын, сүөһүлэрин-сылгыларын, күрүөлэрин-хаһааларын чааһынай хаһаайыстыба диэн ааттаан, кумааҕылаан-таймалаан, сокуоннаан кэбиспиттэрэ.

      Антонина Ивановна, биллэн турар, бу итии күннэргэ инники кирбиигэ сылдьыбыта. Сотору оҕонньорун бааһынай хаһаайыстыба салайааччытынан оҥорбута эрэ баара. Сир үчүгэйиттэн быһан ылбыта. Совхоз биир улахан бааһынатын эмиэ бэйэтин анныгар суруммута. Николаевтар биирдэ байа түспүттэрэ. Ыал ийэтэ, кэпсэтиилээх муҥутаан, куоракка киирэн, дьиэ кэргэн экономикатынан дьарыктанабыт диэн, чэпчэтиилээх, өр сыл болдьохтоох бөдөҥ кредити ылан, техника арааһын атыыласпыта. Кинилэр илиинэн оттооһун диэни түргэнник умнубуттара. Оттон босхо төһө ынаҕы, дьиэ кыылын ылбытын ыаллара ситэн аахпат да буолбуттара. Туох да диэбит иһин, рынок кэмэ Антонинаҕа сирэйинэн эргийбитэ. Кырдьыга да, бу – кини курдук дьоҥҥо анаммыт кэм-кэрдии.

      “Туһанан