дьахталларын кытта бэркэ тапсан атыыһыттаан, дьиэтигэр төннүбүтэ. Табаарын бөһүөлэк маҕаһыынын атыыһытыгар, ыаллыы олорор Сибиэтэҕэ бырыһыаҥҥа туттарбыта. Кураанахсыйан турбут маҕаһыыҥҥа саҥа, чэпчэки сыаналаах табаар киирбит үһү диэн, дьон үмүөрүһүү бөҕө буолбуттара. Онон Антонина аҕалбыт табаарын үс бүк сыанаҕа батаран, санаата улаханнык көтөҕүллүбүтэ. Барыһын ылаат, өссө барбыта. Дьон буоллаҕына аны Туонньаны ас-таҥас тахсар киһитин курдук көрөн, анаан кэлэн сакаастыыр буолбуттара. Онон аны ырааппакка дьиэтигэр олорон атыылаан абыраммыта.
Бу курдук кини бизнеһэ санаатын хоту баран испитэ. Сотору бэйэтэ маҕаһыын туттарбыта. Бөһүөлэк киинигэр ыраахтан “Антонина” диэн бөдөҥ буукубаларынан сандаарар бэртээхэй маҕаһыын баар буолбута. Билигин Туонньаҥ бэйэтэ атыылаабат. Хамнаска атыыһыт тутар.
Урукку да былааска, билиҥҥи да кэмҥэ миэстэтин булбут Антонина Ивановнаны дьон бары ытыгылыыр этэ. “Кини аһатан-таҥыннаран олорор дии”, – диэн буолара. Тиийиммэттэргэ Туонньа килиэби-саахары иэс биэрэр буолан үгүстэри, кырдьык, абыраабыта. Кини дьадаҥытык улааппыт буолан, элбэх оҕолоох кыаммат ыал ийэлэрин ис дууһатыттан аһынара.
Алта оҕолоох соҕотоҕун хаалбыт ийэтин санаатаҕына тыына кылгаан ылар. Аҕалара төһө да арыгыһыт буоллар, биир кыһын үлүйэн күн сириттэн суох буолбутугар, Туонньа улаханнык аймаммыта. Кини оҕолортон эрэ мөлтөх таҥастаах, наар аччык сылдьыбыт оҕо сааһын умна сатыыр. “Мин оҕолорум баайдык-тоттук олоруохтаахтар” диэн санаа өйүгэр-сүрэҕэр бигэтик иҥэн, билигин кини ыстаал курдук кытаанах, туруоруммут сыалын ситиһэргэ туохтан да иҥнэн-толлон турар санаата суох.
Киһи баҕарбытын барытын күн бүгүн толорон биэрдэххинэ, онно тута кини бу баҕа санаата – барыта буолбатах эбит дии саныаҕа диэн биир философ эппитэ баар. Киһи баҕа санаата – байҕал. Онтун толорор иһин олорор. Ол эрээри харах туолбата диэн эмиэ баар. Антонина Ивановна сөптөөхтүк атаҕар турда эрээри, санаам туолла дии санаабат. Наар киниттэн ордук олорор, куоракка килэйбит-халайбыт коттеджтаах дьоҥҥо ымсыырар аатыгар түспүтэ. Санаатыгар кинилэр – кырдьык байбыт дьон. Аны куоракка үчүгэй дьиэ-уот тэринэр туһунан толкуйга түһэн, уйатыгар уу киирэн, уку-суку сылдьыбыта.
– Туох буоллуҥ? Кэлин санааҥ түспүт курдук ээ, – кэргэнэ Баһылай хараҕын өҥөйөр. Кини Туонньа настырыанньатын сэрэйэ охсор идэлээх. Эрчимнээхтик сүүрэ-көтө сылдьар сэгэрэ бу күннэргэ тугу эрэ умнубут курдук тутта сылдьарын хайдах бэлиэтии көрүө суоҕай. Кини Туонньата бу курдук буоларын сөбүлээбэт. Тута чуҥкуйа түһэр. – Барыта этэҥҥэ буолбат дуо? Аһыыр ас, таҥнар таҥас баҕас баар. £ссө атыттарга бэрсиэхпитин сөп.
– Эн күннээҕинэн олороҕун. Бүгүн иһиҥ тот буоллаҕына – эйиэхэ туох да наадата суох.
– Оҕолор этэҥҥэ сырыттыннар. Уонна эн санааҕын түһэримэ да, миэхэ, кырдьык, атын наадата суох.
– Киһи барыта эн курдук судургу эбитэ буоллар, олох чэпчэки да буолуо эбит.
– Судургубар хотонтон