Группа авторов

Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан


Скачать книгу

түстэ: «Хайа, эмиэ суоххун дуу?»

      Итинтэн биир хонук ааста дуу, икки хонук дуу, сыттыгым анныттан сурук, күлүүс тылын уонна элбэх баҕайы харчыны булан ыллым. Платон: «Наташаҕа таҕыс, көмөлөһүннэр, киэһэ аста астааҥ», – диэбит. Наташа оччону истэн баран, куорат маҕаһыыннарын ылан кэбистэ. Оһох отунна, астаан-үөллээн сырылатта-бырылатта. Бэйэтэ миигин туох иһин ыыппат: «Платон сибилигин кэлиэ, тохтоо-тохтоо».

      Ити курдук бутулла олордохпуна, Платон көтөн түстэ. Үөрбүт, чаҕылыҥнаабыт: «Дорооболоруҥ!» – диэтэ. Онтон бокуойа суох саба түһэн уураан-сыллаан барда. Ол икки ардыгар Наташабыт аһа остуолга тардыллан бэлэм буола охсубут.

      Сыбаайбабыт манан бүттэ. Ити 1930 сыл сэтинньи 6 күнүгэр этэ.

      Платоннуун биһиги сэттэ сыл биир ый 23 хонук устатыгар бииргэ олорбуппут. Мин эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сиппит-хоппут, олох уонна охсуһуу итиитин-буһуутун билбит-көрбүт киһиэхэ кэлбитим. Икки кэргэн тухары дьиэ-уот, күннээҕи олох-дьаһах боппуруостарыгар даҕаны ким баҕарар чопчу сүрүннэниэхтээх кэмэ ини ити. Онон даҕаны, биһиги олус эйэлээхтик, наһаа тапсан олорбуппут. Платону мин дьиэҕэ-уокка «паапа» диэн ыҥырааччы этим, оттон кини миигин үксүн «тооруом» диэччи этэ, кыргыттара «паапа» да «паапа».

      Көрө түһүүгэ, Платон уҥуоҕунан кыра киһи этэ. Дьон ол да иһин Ойуунускай кыратын, хатыҥырын урут бэлиэтээн этээччилэр. Ити гынан баран, эр киһитэ да өтөн эрдэҕэ, миигиннээҕэр өндөс курдуга. Оттон миигин саха дьахтарыгар эдэрбэр-сэнэхпэр оччо наһаа кыра диэбэттэрэ ини. Платон уһун суптугур сэҥийэтэ, имнэрин уҥуохтара дэбдэгэрдэрэ хатыҥыр киһи дииллэригэр көмөлөһөн эрдэҕэ. Дьиҥэр, кини наһаа оннук дьарамай киһи буолбатах этэ, сыгынньахтаннаҕына бэйэтигэр сөп толору эттээх-сииннээх, уҥуохтара ханан да биллибэт, сөп киппэ буолара. Уоруйах эттээх-сииннээх киһи баар буолааччы дэһэллэр, бука, оннук киһи эбитэ буолуо.

      Платон ийэтэ Дьэбдьиэй кугастыйан көстөр баттахтаах, саһархайдыҥы сырдык харахтаах, үрүҥ туртаҕар субалаах ыраас дьахтар эбитэ үһү. Платон ийэтиттэн үгүһү ылбыт эбит, кини эмиэ сырдык, ыраас эттээх-сииннээх киһи этэ, оҕо эрдэҕинэ эрбэһин курдук кугас баттахтааҕа үһү, ол кэлин хараарбыт. Аҕатын арай уҥуоҕун, быһыытын-таһаатын баппыт.

      Киһи ордук бэлиэтиирэ – харахтара. Ис-иһиттэн сырдаан көстөр кугастыҥы харахтааҕа. Кырыытынан көрдөххө, мэктиэтигэр сандааран, чаҕылыйан олорорго дылыта. Оччо сытыы, оччо ыраас буолара харахтара. Ол гынан баран, ачыкыта суох аахпат да, суруйбат да этэ, көннөрүтүгэр да куруук ачыкыланара.

      Доруобайа эбитэ буоллар, бука, бэйэтин бараалаахтарыгар соччо баттаппат, сөпкө кыанар киһи дэтиэх эбитэ буолуо. Дьиэтигэр даҕаны, онно-манна сырыттаҕына даҕаны, наар дьону кытта тустар, өрө хачымахтаһар, кылыйа-ыстаҥалыы сатыыр идэлээҕэ. Онно үксүгэр кыайарыттан, уолаттары дөбөҥнүк айыка дэтэриттэн сылыктаатахха, син кытаанахтык тутар-хабар быһыылааҕа. Миигин даҕаны дьээбэлэнэн туттаҕына-хаптаҕына, илиитэ биир кэм кытаҕас курдук буолааччы. Аны үҥкүүлээн тэлээрэрин көрүөҥ этэ. Платон үҥкүүнү олус таптыыра.