олорон хааллылар. Мунньах саҥа салалтаны талбыта. Ол салалтаҕа Данил Попов, Егор Суҥхалыырап уо.д.а. киирбиттэрэ.
Ф. Егоров
Тулаайах дириҥник махтанар
Таайыгар олорбут балтын кыыһа Прасковья Терентьевна Аянитова-Сыромятникова ахтыытын билиһиннэриэхпин баҕарабын:
«Мин ийэм Мария Алексеевна Хоочугурдарга 8-с оҕонон төрөөбүт. Кини дойдутун киһитигэр Терентий Михайлович Аянитовка кэргэн тахсан 4 оҕону төрөппүтүттэн мин соҕотоҕун ордубуппун. Ийэм кырабар өлбүтэ, аҕам 1936 с. өлөн, мин тулаайах хаалбытым.
1937 с. ахсынньытыгар таайым быыбардааччыларын кытта көрсө Ытык Күөлгэ тахсыбыта. Бу инниттэн кэпсэтии баар буолан, миигин Боробултан көрсүһүү буолар дьиэтигэр аҕалбыттара. Миитин бүтэрин кытта кэтэҕинэн сыанаҕа өрө сүүрэн тахсан көрсүбүтүм. Мин иннибэр кыра уҥуохтаах, сырдык мичээрдээх, маҥан ыраас сэбэрэлээх, наһаа эйэҕэс киһи көрсө түспүтэ. Кып-кыра тулаайах аймаҕар сонно тута болҕомтотун ууран, түспүт хоһугар илдьэ тахсан, өр истиҥник кэпсэппитэ. Мин онно кини тулаайах аймахтарыгар дьиҥ ис сүрэҕиттэн кыһалларын билбитим. Аара Чөркөөххө балтыгар Маринаҕа сылдьан, Чурапчыга табаарыстарыгар хонон, Төҥүлүгэ балыксыт оҕонньорго сылдьан, Дьокуускайга тиийбиппит. Мин тиийэрбэр, бэйэтин оҕолоруттан ураты, эмиэ киниэхэ иитиллэр тулаайах бырааттара Василий Никитич уонна Дьулустаан бааллара.
Таайым наһаа оҕомсоҕо, биһиэхэ барыбытыгр тапталлаах аҕа этэ. Сотору арахсалларын билбит курдук, кыргыттара Саргылаана уонна Сардаана илиитин да ититэр бокуой биэрбэккэ, икки өттүгэр ытарҕа буола түһэллэрэ. Хас киэһэ аайы аһылык иннинэ соло булан кэпсэтэн-ипсэтэн, сээкэйинэн аралдьытан, тэҥҥэ оонньоон-күлэн ылара. Үөрэнэр оҕолортон үөрэхпитин ыйыталаһара, ирдиирэ, ол иһин хайаан да ааҕа, толоро сатыырбыт. Арыт барыбытын түмэн, патефон ыллатан иһитиннэрэрэ, сэргэхситэн ылара. Платон наһаа истиҥ, ытыктабыллаах ыал аҕата этэ. Ол курдук, баарыгар аһыы да олорон, иллэҥ да кэмҥэ бары кыратыттан улаханыгар тиийэ, кинини тула түмсэрбитин өйдүүбүн. Кини болҕомтолоохтук киһини бэйэтигэр тардан кэпсэтэрэ-ипсэтэрэ. Үлэ кэнниттэн үгүс киһи мустан, бары уһуннук кэпсэтэн үөрэн-көтөн бараллара.
Мин наһаа үтүө майгылаах ыалга иитиллэн абыраныым, хомойуох иһин, уһаабатаҕа… Кыргыттара Саргылаана, Сардаана алталаах-үстээх саастарыттан тулаайах хаалан эрэйдэнэр, «норуот өстөөҕүн» кыргыттара аатыран сирэйгэ-харахха анньыллар, үөрэхтэн матар ыар олохторо саҕаламмыта. Таайым: «Паша, балтыларгын куруук көрөр-истэр буолаар», – диэбитин уулуссаттан сэрэтэр буоллаҕа дии саныырым, кэлин санаатахха дириҥ ис хоһоонноох сэрэтии сүбэ эбит…
Таайым тапталлаах кэргэнэ, оҕолорун ийэтэ – Акулина Николаевна хаһан да, кимиэхэ да кыыһырбат, наһаа үчүгэй майгылааҕа. Эмискэ тиксэн хаалбыт ыар олоҕун кимиэхэ да соҥнообот этэ. Саҥаһым кэлин дойдутугар Чурапчыга тахсан аймахтара, оҕону иитэр тэрилтэ көмөлөрүнэн, ыарыһах бэйэтэ үлэлээн, оҕолорун киһи оҥортообута.