утары көрөөт хараҕын куоттарбыта. Илиилэринэн сирэйин тутан көрбүтэ, баттаҕын имэрийэн иһэн: «Айкаа, б…», – диэн хаһыырбытынан икки ытыһын сирэйигэр үҥүлүппүтэ. Ыарыытын саҥа билэн, сирэйин хам баттаабыта: «Оо, б… да эбит», – диэн ньим баран сыппыта.
– Туох айылаах бу дьаабылана сылдьаҕын? Аны тоҥон өлөрүҥ итэҕэс дуо? – Дьэбдьиэй хомойбут дуу, кыыһырбыт абатын дуу итинник таһаарбыта уонна тугу эрэ кэтэһэрдии саҥата суох олорбута. Дьоҕур илиитин тарбахтарын имэрийбитэ, атахтарын өндөтөн өҥөйбүтэ буолаахтаабыта, сирэйин мырдыҥнатан, хаастарын сүүрэлэтэн алдьархай буолбутун дуу, буола сыспытын дуу араарбакка, ыарыытыгар кыыһырар курдуга.
Кини туох да диэҕин билбэтэ, хайдах, туох буолбутун дьүүллээн-дьүһүннээн араарбакка да сытара. Барыта үдүк-бадык курдуга: үлүйбүт илиитин, атаҕын улаханнык атыҥырыы одуулаһан, тохтоппокко кыҥастаһара. Кыбыстарын өйдөөбүтэ, саатарын эмиэ билбитэ. Ону-маны араара сатаан муҥнанарын быыһыгар, бэйэтигэр кыйаханан, иһигэр маатыралаан көрөрө. Маннык балаһыанньаҕа тугу гыныахтааҕын толкуйдаан да көрбөккө, арай, эдьиийэ баарыттан үөрбүтэ буолбута, тугу эрэ кэтэһэр быһыылааҕа.
Бу кэмҥэ эдьиийэ баара кинини хайдах эрэ уоскуппут курдуга, оҕо сааһын эргиллибэт кэмнэрэ уһукта быһыытыйан, атаахтыыр майгытын утахтара биллибитэ. Ол эрээри ону дөбөҥнүк үүрбүтэ – кэнники сылларга өссө бэргээн иһэр кэп-дьэбэр майгыта тиргиллэн кэлбитэ, кыйахаммыта, төттөрүлэһиэх кэмэлдьитэ «мөхсөн» барбыта. Онно баһыйтаран, аны, эдьиийэ кэлбитин сөбүлээбэккэ: «Тоҕо, хантан тиийэн кэллэ? Ким эттэ?!…», – диэн санаа баттыгын булан ылбыта.
Хаартыһыт Харытыан кинини быыһаабытын, абыраабытын билигин да өйдөөбөккө сытара. Онтон эмискэ: «Дьэ, сордоох киһигин… Мин бардым…», – диэн Харытыан саҥата кулгааҕар иһиллибитигэр олус диэн соһуйбута. Туох буолбутун дьэ тобулан, кинини Хаартыһыт Харытыан аҕалбытын туман курдук өйдүүрүн билиммитэ. «Ээ, Харытыан эттэҕэ дии…», – тиэрэ түһэ сытан түмүктээбитэ, буруйдааҕын билинэн буоллаҕа, хараҕын кырыытынан эдьиийин көрбүтэ – саҥата суох нүксүллэн олороро, санныгар туус маҥан таҥас сырдыырыттан сэргэхсийэн, санаатыгар хараҕа эмиэ сырдыырга дылы буолбута, онтон сиэттэрэн эдьиийэ курутуйбут харахтарын өйдөөн көрбүтэ. «Эдьиийим барахсан…» диэн киһилии майгыта уһуктан, аһына санаабыта, ону ситэрэн, абыраан буоллаҕа, оргууй орҕостон, умса нөрүйэн олорунан кэбиспитэ.
– Дьоҕуор, кэл, илиигин, сирэйгин сотуум, – олоппоһун соспутунан тиийэн, Дьэбдьиэй инчэҕэй салфетканан быраата үлүйэн хабыллыбыт тарбахтарын оргууй сэрэнэн соппутунан барбыта.
– Айыкка… айка-айка, сэрэн… – Дьоҕур төһө да кыатаннар, ыарыыта баһыйан саҥа аллайа, атын илиитинэн даллараҥныы олорбута. Ол да буоллар, илиилэрин төттөрү ылбатаҕа. Сирэйин иэдэстэрэ эмиэ хабыллыах курдуктара, ол эрээри ыарыыта ама этэ, тулуйбута.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту