диэн тыллары кытта тугу эрэ эбии баллыгыраабыта, туох аһы илдьэ барыаҕын өйүгэр сыымайдаабыта. Оҕонньоругар чэйдии олорон биир-икки тылынан быһыта-орута кэпсээбитэ, биирдэрэ даҕаны олус соһуччу, сонун буолбатаҕын билэн, туох да саҥата суох истэн кэбиспитэ, «оттон, хайыаххыный?!» диэн тылларынан түмүктээбитэ.
Хатааһына суох дьиэҕэ Дьэбдьиэй оргууй, тыаһа суох киирбитэ. Дьиэ сөрүүдүйбүт, ол гынан баран сылааһын ыһыкта илик этэ.
Быраата оронугар токуллан сытара, арай сыгынньах атаҕын кирдээх тиҥилэхтэрэ чуолкайдык хараараллара, аллара диэки сулбуруйбут ыстаанын, үөһэ диэки чөмөхтөнө тардыллыбыт кирдээх маайкатын икки ардыларынан кубарыйа куурбут сиһин этэ ала-чуо маҥхайара, тоноҕоһун уҥуохтара дьураа буолан бөлтөрүһэ субуһаллара. Дьэбдьиэй ити хартыынаны көрөөт, дьыбарынан эрэ тыынар, олоҕо табыллыбатах, соҕотох суор курдук сылдьаахтыыр, кими да кытта эҥээрдэһэ сатаабат адьынаты тобулбут быраатын олус диэн аһыммыта: харахтара ууланан чаҕылыһа түспүттэрэ, куолайыгар кэлэн туох эрэ туора турбута, муомахтанар кэриэтэ тыына кылгаталаан ылаттаабыта, атахтара нукаай буолбуттара. Остуол диэки сатаан кэлбэккэ, оһох аттыгар турар олоппоско олорунан кэбиспитэ.
Ол олорон ийэтин санаабыта: «ийэбит барахсан бу уолу наһаа да таптыыр этэ, атаахтатара, кини эппитин, баҕарбытын кыаҕа тиийэринэн толоро сатаахтыыра. Наһаа атаахтаппыта тугунан диэлийбитин билбитэ эрээри, ону алҕаһынан дуу, сыыһанан дуу ылынаахтаабыта буолуо дуо?! Ол туһунан биир тылы быктараахтаабакка эрэ анараа дойдуга бараахтаабыта. Кыра эрдэҕинэ наһаа да минньигэс, ыраас да оҕо этэ, эрэйдээҕим сыыһа. Ол бэйэтэ бу буолан сыттаҕа, сордоох. Дьэ, эрэйдээх дууһа, оттон!» Ытаан сыҥсыйбыта. Син балачча ытаабыта, кэҥээбитэ.
Уоскуйа түһэн баран оһоҕу оттубута. Сойо илик оһох бэрт көхтөөхтүк умайбыта. Сылаас тыын илгийэр тачыгырас тыаһа дьиэ иһин сэргэхсиппитэ.
Дьэбдьиэй тааска турар ууну ылан, дьиэ сотор солуурга кутаары көрдөөн көрбүтэ да көстүбэтэҕэ. Тэҥнэһиэ дуо, муостаны сууйбутунан барбыта. Ыһыллыбыт хаһыаттары дьаарыстаабыта. Хаһыат быыһыттан Далан «Дьылҕам миэнэ» кинигэтин булан ылбыта, оттон хомуот биир уһугар Эрилик Эристиин хомуурунньугун иккис туома ойуччу сытарын көрбүтэ. Кинигэлэри ылан этэсиэркэҕэ уурбута.
Истиэнэҕэ ыйанан турар хаартыскалаах арааманы ылан ньилбэгэр уурбута, ийэлээх аҕатын көрөөт, уу-хаар баһан сыҥсыйан барбыта, ытыһынан айаҕын, муннун бүөлэммитэ, онтон бөтө бэрдэрэн тыына хаайтарыах буолбута, тыын былдьаһан айаҕын атан уһуутаабыта, кыратык кэҥээбит курдук буолбута. Былаатын сүөрэн арааманы тохтоло суох өр соппута.
Харачаайаптар хааннарын салгыахтаах, кинилэр удьуордарын тэнитиэхтээх киһибит бу буолан сыттаҕа. «Баҕайы, ол туһунан саныыра дуу, суоҕа дуу? Дьэ, алдьархай да буолар эбит! Абаккалаах да баҕайы, оттон!!! Туох аньыылаах-харалаах буолан маннык суолу тобулан сылдьарый, ээ?!» Эмиэ ытаан барбыта, хараҕын уутун былаатынан соттон сууралаабыта, арааманы ылан түөһүгэр ыбылы туппута, кэлэйэн, быраатын диэки