кэҥээбитэ, ону-маны дьүүллээн-дьаабылаан, дьэ, көрөн барбыта уонна аттыгар турар аанньал кэриэтэ Харытыаны одуулуу олорбута. Онтон: «Баһыыба… баһыыба», – диэн сэниэтэ суохтук ньүкэнник, иһиллэр-иһиллибэттик хаста да сибигинэйбитэ.
– Олор, илиигин ууттан ылыма, атаххын эмиэ, – Харытыан ити тылларын этээт, ыстакааҥҥа итии чэйи кутан остуолга сойута уурбута уонна бачыыҥкалары ылан, оһоххо куурда, олоппос үрдүгэр кэккэлэппитэ. Күлүүкэнэн оһоҕу булкуйбута, маһын эбэн биэрбитэ. Сылыйбыт оһох итини эрэ күүтэн турбут курдук, көхтөөхтүк умайан күлүбүрээбит, тачыгыраабыт тыаһа иччитэхсийбит дьиэҕэ олус истиҥник, олох уостубат бэлиэтэ буолан, бэрт сэргэхтик иһиллибитэ, сылааһынан угуттаабыта.
Дьиэ биир муннугар турар эргэ хомуот үрдүгэр хаһыат бөҕө чөмчөлөммүт, оттон аттынааҕы истиэнэҕэ ыксары оҥоһуллубут, дьоҕус соҕус тутуулаах этэсиэркэҕэ кинигэлэри кэккэлэппит этэ. Харытыан маны сөҕө санаабыта: «Сатана, ааҕар аҕай эбит буолбат дуо! Ол иһин, биирдэ эмэ түбэһэн кэпсэттэххэ, билэрэ-көрөрө элбэх буолааччы ээ. Хаарыан киһи! Сордоох, төһө да билии баарын үрдүнэн, бэйэтигэр хаатыйалана сырыттаҕа, ону ким төһө сэҥээрэрэ буолла?! Саарбах, арыгыһыт киһи тылын аахайбат киһи элбэх бука. Оннук ээ. Арыгыһыт аатырдыҥ, көмүс да солотуу абыраабата буолуо-о!». Харытыан орон төбөтүгэр баар туумба үрдүгэр «Спидола» араадьыйаны сэргии көрбүтэ, хайаан да араас сонуннаах, элбэх долгуннаах аныгы улахан мал турар эбит диэн бүтэйдии быһааран кэбиспитэ.
– Дьоҕур, чэ, дьиэҕэр кэлбит киһи этэҥҥэ сынньан. Мин бардым. Сарсын үлэ бөҕө кэтэһэр, от тиэйиэхтээхпин. Сарсыарда эдьиийгэр эрийиэм, кэлэн көрөн-истэн эмтиэ-томтуо буоллаҕа дии, – диэн Харытыан сонун кэтэ туран саҥарбыта. Чочумча буолаат, кыйаханнаҕа буолан: – Дьэ, оттон сордоох киһигин. Өлө сыспыккын өйдөө, ол ыраахтан буолбатах, нохоо, – диэн таҥас ыйыыр анныгар элиппит бэргэһэтин уонна үтүлүктэрин көрдүүр түбүгэр түспүтэ.
– Ыых… – кэннигэр симик саҥаҕа эргиллибитэ уонна Дьоҕур уу-хаар баспыт, махталы этиэххэ айылаах ханнык да кыымы ыспат, өлбөөдүйбүт харахтарын өйдөөн көрбүтэ, хайдах эрэ олус аһынан, этин саастара аһыллан дьарылыы түспүттэрэ. Бу түгэҥҥэ киниэхэ санаа баттыга эбиллибитэ, туран эрэ, эмискэ, нукаай буолан хаалбыта. Дьоҕур, кини көрдөҕүнэ, хара таҥаһынан бүрүнэн олороро, тугунан эрэ дьөлө астарбыт курдук, дьигис гына түспүтэ, харахтарын бокуойа суох ньухханан барбыта. Онтон өйдөөн көрбүтэ, Дьоҕур кирдээх да буоллар, сырдык маайкалаах олороро, оттон баккыта, кырдьык, хараҥа этэ. «Ол иһин да, хараҕым ити туох буолан ыларый ээ, иирэрин дьүһүнэ дуу?» – диэн бэйэтиттэн ыйыппыта, уонна муодарҕаабытын дуу, соһуйбутун дуу дьүүллээн-дьүһүннээн билбэккэ турбута. Итинник турукка туран, үтүлүктэрин булбута, көстүө суохтаах көстүбүтүн курдук, олус диэн үөрбүтэ. Өйдөөн, чөмөхтөөбүт бакыаттаах бөҕүн ылбыта.
– Дьаабы… дьиикэй… – Харытыан, ити чуолкай соҕустук иһиллибит саҥаҕа эргиллибэккэ эрэ, тахсан барбыта. Ааны сабан таалан турбута: «Сордоох, өлөн хаалбат