Соһуллааччы балачча «айака-дьойоко» диэх курдук иһэн, саҥата суох барбыта. Онтон Дьоҕур атахтарынан тирэх сири көрдөөбүтэ, тобуктара токуруйар буолбуттара, ынчыктыырын быыһыгар туох эрэ диэн баллыгырыы сатыыра.
Дьиэтин аана хатааhыннаах эбит. «Доо, дьиэҥ күлүүһэ?» – диэн туох да эппиэти күүппэккэ, сонун сиэптэрин хаспыта да, булбатаҕа. Кууркатын иһинээҕи уҥа сиэбэ испиниэгинэн бобо тардыллыбытын сүөрбүтэ, күлүүһэ онно сылдьар этэ. «Сордоох, бу да буоллар бэркэ дьаһанар ээ», – диэн хайҕаабыта, ааны аһаатын кытта ыарахан аһыы сыт муннуга саба биэрбитэ, түннүгүнэн ыйдаҥа тыган сырдатар оронугар киһитин сытыарбыта, ол кэннэ уоту умаппыта.
Дьиэтэ тымныйбыт этэ, тахсан барбыта балачча буолбут быһыылааҕа. Харытыан сып-сап курдук оһоҕу оттубута, таһа лаппа лаҥхарбыт чаанньыкка муус уутун кутан билиитэҕэ уурбута, оттон үс лиитирэлээх бөдүөнү булан, кипятильнигынан уу сылыппыта.
Дьиэни эргиччи үөрэтэ көрбүтэ: арыгыһыт киһи уйата туох аанньа буолуой, барыта үөдэн-таһаан, онно-манна ыһыллыбыт, ыскайдаммыт. Остуолга хомуллубатах иһит, эргэрбит арыы тобоҕо, хаччаччы хаппыт икки-үс быһыы килиэп, икки үрүүмкэни кытта түгэхтэригэр чэй тобоҕо ордон хаалбыт ыстакааннар, төгүрүччү быһыллыбыт луук эмтэркэйдэрэ уонна тобоҕоломмотох «Сайра» балык кэнсиэрбэтэ баара. Остуол анныгар биир кураанах бытыылка сытара. Арааһа, манна «аһаан» баран салгыы барбыт буолуохтарын сөп эбит.
Бу дьиэ хайа да бэйэлээх киһини ыга баттыыр саҥнааҕа. Утары эркиҥҥэ хаһан да быыла сотуллубатах, дьаарыстаммыт хараара дьиппиэрбит обургу соҕус уонча хаартыскалаах араама ыйанан турарын Харытыан өйдөөн көрбүтэ. Бэркэ интэриэһиргээбитэ даҕаны, көҕө суох умайар кыра кыамталаах лаампа уотугар тугу да арааран көрбөтөҕө.
Ачыкылааҕын өйдөөн сиэбиттэн булан таһааран кыҥастаспыта – Дьоҕур барахсан ийэлээх аҕата, бииргэ төрөөбүттэрэ, бэйэтин кыра эрдэҕинээҕи хаартыскалара эбиттэр. «Чээн, ыраас да көрүҥнээх, сырдык да тыыннаах хаартыскалар. Бу үчүгэйдэрин: оччотооҕу баар-суох мааны таҥастарын кэтэн чөмчөччү туттан түспүттэр, туох да кир-хох сыстыа суох бэйэлээхтэр, инники сырдык олоҕу ыралаан үөрбүт-көппүт сирэйдэрэ-харахтара үчүгэйин!» – Харытыан мантан да атыны ботугуруу-ботугуруу хаартысканы истиэнэттэн ылан бэркэ сирийэн көрбүтэ. «Дьоҕур сордоох бу хаартыскаларын көрөн дууһатын уоскутунаахтыыра дуу, эбии кыйаханан кыланара дуу?! Ону ким билэн эрэр? Биллибэ-эт. Биир эмэ «кыттыгас табаарыһыгар» тугу эмэ кэпсиирэ буолуо дуо? Биллибэ-эт. Арааһа, соҕотох кэмигэр ылан ньилбэгэр уурунаахтыыра уонна тугу-тугу эргитэ саныыра буолла? Тааска баар бээтинэлэр кини хараҕын уута буолаллара чуолкай, аата элбэҕин. Суолуттан көрдөххө, сотон да ылаахтыыр эбит. Бу сыллар тухары хараҕын уута төһө элбэхтик таммалаабыта, ону төһөтө-баччата сотоохтообута буолаахтыай!!!
Сордоох, дьэ, оттон ыарахан дьылҕаламмыт киһи. Туохтан? Билбит киһи баар ини! Суох буоллаҕа, бу тухары тугу да кэпсээбитэ биллибэт. Биирдэ эмэ, уйа-хайа суох ытыырын истибитим да, онно тугу да быктарбатаҕа… Олох