хас да түннүк алдьаммыта көһүннэ. Баһаарынайдар алдьаппыт буолуохтарын сөп. Сылдьыбыт дьону барыларын доппуруостуу сылдьабыт. Дьыаланы онуоха-маныаха диэри дьалаҕайтан диэн көбүттүм. Күлүүс тылын илдьэ сылдьыбыт бэрэдэбиэс Петрова көрдөрүүтэ халбаҥ. Кинини хаайарым буолуо. Төһө хоромньу тахсыбытын ааҕарга хамыыһыйа анаттым. Быһылаан буолбут сирин көрүүнү оҥоро охсуохха баар этэ. Тит Николаевич, ити боппуруоска өссө төгүл Афанасий Гаврильевиһы кытта кэпсэтэриҥ буоллар.
– Сөп. Дьокуускайтан дьон кэлэ илигинэ көҥүллүүрэ саарбах да буоллар, ыйытан көрүөм. Атыыһыттары эрэ буолбакка, кинилэр билсиилээхтэрин кытта доппуруостуохха наада. Элэктэриичэстибэ ситимин хаһан тардыбыттарын чуолкайдыахха. Софрон Васильевич, ол-бу сүппэтин наадатыгар дьуһуурустубаны салгыы тэрийиэххэ наада.
Ити күн сөмөлүөт кэлбэккэ туһата суох ааста. Нөҥүө күнүгэр сарсыарда кэлэн барда, министиэристибэттэн ким да кэлбэтэ. Үһүс күнүгэр борокуруор А.Г. Парфенов сарсыардаттан көрүү оҥорорго сорудах биэрдэ. Сонно тута силиэдэбэтэл И.Е. Петров маҕаһыын кэлин ааныттан көрүүнү саҕалаата. Кини иҥэн-тоҥон туран, боротокуолу суруйар. Мин кэрэһиттэри кытта кэмнээн биэрээччи буоллум. Инньэ гынан, эбиэт саҕана маҕаһыын ортотун эрэ диэки тиийдибит. Онно намыһах хаптаһынынан эргитиллибит хоско хаасса аппараата турара. Ол туһунан Иван Ефремовичка этэ-этэ, иһирдьэ киирдим. Иван Ефремович кэрэһиттэри батыһыннара сылдьан барытын боротокуолга тиһэн истэ. Онно көрө түспүтүм, муостаҕа эргэ таҥастар сыталлар: ыстаан, истээх сон, бэргэһэ, тэстибит хаатыҥка, хаһан да сууллубатах ис таҥастар. Ол иһигэр кир-хох иҥэн хаалбыт, өҥө да кыайан быһаарыллыбат буолбут, көрөн олох билэр сибиитэрэм баар.
– Бай! Кэлиҥ эрэ, «бич» таҥастара сыталлар дии, – диэтим.
Дьонум биирдэ баар буола түстүлэр. Кимин саныы сатаатым да, төбөбөр киирбэтэ. Силиэдэбэтэл боротокуолга киллэрбитин кэннэ таҥастары милииссийэҕэ илдьэ бардым.
Хоспор киирээт, вытрезвитель сотруднигын Г.Г. Корякины ыҥыран ыллым, кини хайаан да билиэхтээх. Бу киһи кини илиитин иһинэн ааспыт буолуохтаах.
– Гриша, бу таҥастары үчүгэйдик өйдөөн көр эрэ. Бу киһини кыайан өйдөөбөккө олоробун, – дии-дии, сибиитэрэни көрдөрдүм.
– Голованов таҥаһа дии. Эн соторутааҕыта Үгүлээттэн киллэрэн, бытархай күлүгээнистибэҕэ олордо сылдьыбытыҥ буолбат дуо? Болдьоҕо бүтэн тахсыбыта аҕыйах хонно.
– Ээ, арба даҕаны!
Картотекабын хаба тардан ылан Головановы булан ыллым. Ханнык ыстатыйанан сууттаммыта, олорор сирэ, хаартыската, о.д.а. баара.
Начальникка киирэн дакылааттаатым:
– Быһылаан буолбут сирин көрүү кэмигэр хаасса аппараатын хоһуттан Голованов Иван Станиславович диэн 1951 сыллаахха Иркутскай уобаласка төрөөбүт, уорууга сууттана сылдьыбыт, ГорПО-ҕа хачыгаардыыр, түптээн олорор сирэ суох киһи таҥаһын булан ыллыбыт. Маҕаһыыҥҥа киирэн таҥаһын уларыттан тахсыбыт курдук. Онон кини уоттаабыт буолуон сөп. Иван Ефремович быһылаан буолбут сирин салгыы көрө хаалла.
– Головановы