Май Емельянов

Буулдьа суола


Скачать книгу

сарыннаах, будьурхай баттахтаах, ис иһиттэн сайаҕас майгылаах, биир тылынан киһи астынар, эрэнэр киһитэ.

      Куоракка тиийээт, үргүлдьү министиэристибэҕэ барбатыбыт. Вокзалга кэлэр-барар дьон мустар, аалсар сирдэрэ. Хайаан да кэрийэн көрөргө быһаарынныбыт. Сылдьыбыт сыыһы, көрдөөбүт көмүһү булар дииллэр. Аллараа этээһи төттөрү-таары хаамыталаатыбыт да, Головановка майгынныыр киһи баара көстүбэт. Иккис этээскэ кэтэһээччилэр ыскамыайка аайы толору олорбуттар. Ким кинигэ ааҕар, сэһэргэһэр, сорохтор олох да утуйбуттар. Икки өттүнэн бардыбыт. Көннөрү таҥастаах буолан, биһиги сылдьарбытыгар ким да наадыйбат. Дьоннор сирэйдэрин сэмээр кылап-халап көрө-көрө, аргыый аҕай хааман истим. Арай, киһим дьон быыһыгар бу олорор. Төһө да таҥаһа уларыйдар, көрөн тута биллим: сабыс саҥа кыһыҥҥы сонноох, харатыҥы көстүүмүн иһинэн спортивнайдаах, атаҕар тиэриллибит хара хаатыҥкалаах, төбөтүгэр сигиэйкэ бэргэһэтин кыҥнары анньынан уол оҕото!

      – Дима, дорообо! Хайа диэки айаннаатыҥ? – табаарыспын көрсүбүттүү үөрэ-көтө дорооболостум.

      – Ийэбэр бара сылдьаары. Көрбөтөҕүм да ыраатта, – диэн киһим туох да буолбатаҕын курдук хардарда.

      – Көрсүбүччэ, баран бэлиэтиэххэ, – диэн ыҥыран кытыыга таһаардым.

      Гриша кэлэн, милииссийэ хоһугар илдьэ бардыбыт. Кэпсэтии быһыытынан баһаар туһунан бастаан тугу да ыйыппатыбыт:

      – Дима, ийэҕэр барардыы быһаарыммыккын биһириибит. Ити үчүгэй, хайдах куруук дьоно суох киһи курдук ускул-тэскил сылдьыаҥый, – диибин. Онтон соһуччу:

      – Универмагтан ылбыт харчыҥ онно тиийэрэ саарбах. Ийэҥ Иркутскайга олорор дуо? – диэн ыйыттым.

      – Иркутскай тыатыгар. Харчы кэтэһэн олорбутум этэ, телеграмма ыыппытым баара…

      – Таҥаскын бэркэ саҥардыммыккын.

      – Оттон кыһыыта бэрт ээ, кулуупка үөрүү-көтүү, үҥкүү-битии, бэлэх-туһах бөҕөтө. Арай мин эрэ эргэ, кирдээх баҕайы таҥастаах уулуссаҕа торҕон бөрөлүү соҕотоҕун сылдьарым. Дьон миигиттэн туораан ааһаллар. Оттон мин барбах холуочук эрэ этим, Саҥа дьыл буоллаҕа дии! Биирдэ көрбүтүм, универмаг аттынан ааһан иһэрим. Маҕаһыын түннүгүн маһынан тоҕо биэрэн, иһирдьэ киирбитим.

      – Уотун тоҕо умаппатаххыный?

      – Ону эмиэ билэҕит дуо?

      – Чүмэчиҥ сыата муостаҕа тохтубут этэ дии.

      – Дьон көрүө диэн, кырдьык, элэктэриичэстибэ уотун умаппатаҕым. Биир кыра хостон чүмэчини булан уматтыбытым.

      – Элбэх сиргэ сылдьыбыт суолуҥ суоҕа.

      – Ээ, ол хоско туох барыта баара.

      – Оттон таҥаскын хаасса аппараатын хоһугар уларыттыбыт этиҥ дии?

      – Урут ити маҕаһыыҥҥа сылдьыбыт буолан, хаасса ханна баарын билэрим. Баҕар, харчы баар буолуо диэн, остуол дьааһыктарын көрбүтүм.

      – Бэрэдэбиэстэр дьааһыкка бэйэлэрин харчыларын хаалларбыттарын ылбыккын.

      – Аҕыйах солкуобай баара. Онон көтөн кэлбитим.

      – Сороҕун ханна гынныҥ?

      – Манна рестораҥҥа аһаабытым.

      – Маҕаһыынтан ханна барбыккыный? – Григорий Григорьевич ыйытыыга