Галина Нельбисова

Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр


Скачать книгу

пансионакка түбэспиккэр махтан уонна бэйэҥ доруобуйаҥ туһунан санаа ээ… – Ольга суос-соҕотох оҕотуттан эрэйгэ тэбиллибит барахсаны туох диэн тылларынан уоскутуон билбэтэ даҕаны.

      – Ээ, ол билигин кэлэн туоҕум туһугар доруобуйабын көрүнэбин? Оҕом таһырдьа хаама, аччыктыы сырыттаҕына, – Дора Никандровна уйа-хайа суох ытаан, санна дьигиҥнээн барбытыгар Ольгалаах Евдокия иккиэн ойон туран, уоскутар аакка түстүлэр.

* * *

      – Оҕотуттан ити айылаах охсуу ылан, атаҕастанан баран, билигин даҕаны аһынар аакка сылдьар эбит дии, – Ольга Дора Никандровна аймалҕанын көрбүтүттэн сөҕө санаабытын быктарда.

      – Ийэ барахсаҥҥа ханнык да түгэҥҥэ күндүтэ, күнү көрдөрбүтэ оҕото буолан бүппэт. Эрэйдээх кырдьар сааһыгар оҕотун туһуттан хараҕын уутунан суунара иэдээн дии. Олох сүрэҕим хамсаата, сатаан утуйуом да суох.

      – Итинниккэ тиксиэх кэриэтэ оҕоломмотох да ордук эбит дии санаабаккын дуо? – Ольга кыһыйбычча-абарбычча эмиэ санаатын баллаччы этэн баран, кэмсинэ санаата.

      – Оо, дьахтар киһиэхэ оҕо диэн Таҥара бэлэҕэ, Айыы чыычааҕа буоллаҕа дии. Кини хайдах киһи буолан иитиллэн тахсара төрөппүтүттэн эрэ тутулуктаах буолбат быһыылаах. Төрөппүт эрэ оҕотун олох дьолугар анаан улаатыннарар буоллаҕа. Дьэ онно бу күннээҕи олохпут, тулалыыр эйгэтэ, дьон сиэрэ-майгыта уларыйыыта барыта сабыдыаллаан эрдэҕэ. Ити уола эрдэттэн хаайыыга эҥин түбэһэн олоҕун отуора алдьаммыт быһыылаах. Аны аҥаардас ийэҕэ иитиллибит, уол оҕо аҕата суох улаатара төһөлөөх охсуулаах буолуой… Эмиэ оҕо гымматах уолчааммын санаан кэллим… Күүскэ санаан кэллим, кэмсиммэтэх күнүм диэн суох… – Евдокия, бөтө бэрдэрэ сыһа-сыһа, саҥарбытыттан Ольга улаҕа хайыһа сыппыт бэйэтэ эргиллэ түстэ:

      – Дуся, ол аата, туох диэн эттэххиний?

      – Мин оҕоҕо наһаа баҕаран Оҕо дьиэтиттэн биэһигэр чугаһаабыт уолчааны ыла сылдьыбытым. Ону кэргэним төттөрү илтэрбитэ. Артемкам, оҕом сыыһа, таҥаһын хаалаабыт спортивнай суумкабытын соспутунан ытыы, былаачыйам тэллэҕиттэн тардыһа хаалбыта харахпар хаалан хаалбыт, хаһан да оспот сүрэх бааһа буолбут. Ыксаан хааламмын биһиги аҕаҕыныын ыраах үлэлии барабыт, кэлэн баран ылыахпыт диэх курдук тугу эрэ үлүгүнэйбитим быһыылааҕа. Төһөлөөх күүтэ сатаабыта буолуой?!

      – Оо дьэ, оннук баар эбит дуу, Дуся-аа… Ол тоҕо төттөрү бэрдэрэр?

      – Билиҥҥини билбэтим, ол саҕана куоракка Оҕо дьиэтиттэн иитэ ылар наһаа уочараттаах этэ. Төрөөбүтүнэн оҕолору бэрт түргэнник илдьэ бараллара. Кэргэммин хас да сылы быһа хаайбытым, оҕо иитэр туһунан. «Оҕо дьиэтиттэн ылбаппыт, аймахтаргыттан бул» диэн тыллааҕа. Дьонум-сэргэм мин оҕото суохпуттан санаарҕыыллара ахан, көмөлөһүөхтэрин баҕараллара да, киһиэхэ биэриэх курдук элбэх ыччаттаах киммит да суоҕа. Кэргэммэр Гермаҥҥа этэ сатаан баран, синим биир диэммин, кистээн уочараттаабытым. Ол сырыттахпына, эмискэ төлөпүөннээбиттэрэ. «Биэс саастаах уол оҕо баар, кэлэн көрөҕүт дуо?» диэбиттэрэ. Тиийбитим, ол Артемкам: «Ты – моя мамочка?» – диэн баран, моонньубар иилистэ түспүтэ. Уйадыйан, бэйэм