Александра Спиридонова

Чуумпу дьол


Скачать книгу

эбит дии санаабыта.

      Розалия Тимофеевна, уруккута борокуруор ойоҕо, бэйэтэ үөрэх салаатыгар хотун этэ. Эрэ бүөр ыарыһах буолан, саастарын ситэ бииргэ олорботохторо. Кырдьар сааһыгар сынньалаҥнык сылдьаары, төрөөбүт дойдутугар, Чуурайга тахсан олорбута ырааппыт этэ. Улахан кыыһа быраас, күтүөтэ райсэбиэккэ кыра тойон. Уола эмиэ туох эрэ тойон, куоракка олорор. Кыра кыыһа соҕуруу юрист үөрэҕин бүтэрэн, хотугу улууска кэпсэтиинэн судьуйалыы барбыт кэмэ этэ.

      Үйэтигэр хотумсуйа үөрэммит, өрүү салайар үлэҕэ сылдьыбыт сааһырбыт дьахтары эмээхсин диэҕи, киһи тыла тахсыбат. Розалия билигин да толуу-мааны көрүҥнээх, уостара-иэдэстэрэ уола илик, харахтарын өҥө кубарыйбыт курдук эрээрилэр, сытыы уоттаахтар. Бэл, баттаҕын кырааскалана илик, маҥхайан эрэр сүүмэхтэр онон-манан кыратык көстөллөр. Кини Биэрискэ уруутугар ыҥырбытын да иһин сылдьыбат. Төһө да Чуурай буолбуттарын иһин, уруккута сопхуос суоппара дөйбүт курдук саҥата суох Сааба кини эргимтэтэ буолбатах. Розалия колхуостааһын саҕана кулаахтаммыт Чуурай сис баайын сиэнэ. Оччотооҕуга кистэнэн хаалбыт сундууктар билигин да ампаарга тураллар, былыргы таҥас-сап, көмүс иһит, тэллэх саҕа Экэтириинэ кумааҕы эбилигээссийэлэрэ, сахалыы кутуу симэхтэр билигин да симиллэн сыталлар…

      Арай Саабалаах кийииттэрэ кыыс… Вера аҕатын аата төһө да Петровна буолбутун иһин, хараҕа, төбөтүн кыҥначчы туттан олороро, сахсархай баттаҕа кытары, кини кыра кыыһыгар наһаа даҕаны майгынныыр. Күнүү уонна кини арахсыспат ханыыта – абааһы көрүү, ыарахан уртуут халкыҥныырын курдук, дууһа иһигэр үөскүүр сиикэй бааһы дьалкыҥнаатаҕын аайы кэҥэттэр кэҥэтэн иһэр, дууһаны харааччы сиир, хаҕын эрэ хаалларар…

      Ити кыыһы Розалия төрөөбүт Чуурайыттан хайдах да үтэйбэт буолла. Саатар, Сэмэнэптэр сүөһүлэрин-сылгыларын барытын эһэн туран, Аммаҕа улахан кыыстарыгар көстүлэр. Кинилэр саҥатык тутуу дьиэлэрин Саабалаах уолларыгар ылан биэрдилэр. Үлэтиттэн үүрдэриэ эбит да, кыыс туох да киһи баайсыах айылаах дьиэгэ суох, саамай үчүгэй ахсааҥҥа киирсэр учуутал. Ол иһин сыппах быһаҕынан сыарҕа быатын аалан, кыыһы ахсарбатаҕа, кини диэки көрбөтөҕө буола сатыыр.

      Айаҕалыы сатаан, кыра сылтах булан, Розалия Тимофеевна кыыс ийэтигэр тиийэ сырытта. Киирээт, сүрэҕэ мөҕүл гынна. Мап-маҥан испиэскэлээх улахан оһох оттуллан, ураата күүскэ тардан сирилэтэ турара. Маннык сылаас, киһи эрэ кута-сүрэ тохтуох ыраас, мааны, минньигэс сыттаах дьиэҕэ кини эрэ буолуохсут аараан, сынньанан ааспыт буолуон сөрү-сөп эбит. Оччотооҕуга Розалия, салайар үлэ үөһүгэр сылдьар дьахтар, хайдах барытын саба тутуоҕай – дьиэтин иһэ күөрэ-лаҥкы, кир-хох этэ. Эрэ «кэп дьэбэргин» диэтэҕинэ, «дьыалабыай бэспэрээдэк» диэн куотунааччы. Оҕолорун ыһыытаан-хаһыытаан, син кэмиттэн кэмигэр дьиэни хомуйтарар этэ. Билигин даҕаны, сынньалаҥнык да олордор, үөрүйэҕинэн, боруҥуй дьиэтигэр болҕомтотун уурбат, түннүктэрэ быыллаах халыҥ сабыынан өрүү саба тардыллан тураллар, ыалдьыт киниэхэ уруккуттан мустубат. Кинини