үс саҥатык остуолу симпиттэр, учуутал остуолун киирэр аан таһыгар туруорбуттар. Саҥа суруйар дуоска, кыра оҕо суруйарыгар анаан, аҥаара усталыы сурааһыннаах, аҥаара ахсааны суоттуурга килиэккэлээх эбит.
Биэрискэ чоҕулуччу көрбүт уоллаах кыыһы кытта билистэ. Кырачаан дьонтон салла санаабыта ааһан, аа-дьуо үөрэҕин саҕалаан барда. Кырачааннар инники дьылҕалара хайдах-туох буолуохтааҕын, олохторун оҥкулун оҥорооччу кини – Биэрискэ! Оттон кырачааннар олохторун суолун аартыга арыллыбытын, кэлэр кэм, кэтэһэр дьылҕа ыллыгын омоонугар маҥнайгы хардыыны оҥорбуттарын билбэттэр. Субу түгэнинэн олорор дьон мэниктииллэрэ, ыһыллаллара баһаам буоллаҕа. Ситинник аа-дьуо, биллэрбэккэ, быһаарыылаах уларыйыы барыбыт олохпутугар киирэр. Кинилэр дьоллоругар, маҥнайгы учууталлара Вера Петровна – кыһамньылаах киһи. Сороҕор остуоруйалаан, сороҕор бэйэлэрин тэҥнээҕэ оҕо буолан, оонньоһон, сороҕор хаастарын түрдэһиннэрэн, дьиппинийэн, миннэрин билсэн, оннуларын булан бардылар. Үлэ-хамнас саҕаланна.
Быйыл кыһын Биэрискэ муҥха диэн баарын биллэ. Муус ылыытыгар сылдьыста, сыарҕалаах акка олоруста, кыракый кулууп дьиэҕэ маннааҕы эдэрдэри кытта киэһэ аайы оонньоото. Сопхуос туттарар этигэр барар сүөһүлэрин өлөрүүтүгэр сылдьан, сөхтө-соһуйда! Оройуон киинин таас чоҕунан оттуллар оһохторун хара турбаларыттан тунуйар, курунньук сыттаах салгыныттан букатын атын, чэбдик, ыраас салгынынан тыынан сырытта. Оройуоҥҥа ыйга биир эрэ киилэ эт киһиэхэ тиксэр, лааппыттан нуорманан ылаллар. Биэрискэлээххэ ол бэйэлээхтэрэ наар моой өттө состоруулаах буолар. Онтуларын ыйга хайдах эмэ уһатан-тардан аһыыр эбит буоллахтарына, Биэрискэ манна эти күн аайы сиир. Маннааҕылар эттэрэ эмиһэ, минньигэһэ бөҕө. Буойунаҕа уотунан оҕустарыллан өлбүт сүөһүттэн уратыта үһү.
Үүт, сүөгэй, суорат – төһөнү кыайаргынан! Ынах арыыта минньигэс да буолар эбитин Биэрискэ Чуурайга кэлэн биллэ. Сайын үтүөтүн, күөҕүн иҥэриммит араҕас арыыны Марыыска бэйэтэ таптайан хаһаанар эбит. Эчи минньигэһин, сүөгэй амтаннаах дьиҥнээх арыы! Оттон оройуоҥҥа арыы син биир нуорма, өрүү ахтаах биитэр туустаах буолааччы. Биэрискэ күөлтэн субу таһаарыллыбыт өрө мөхсө сылдьар собону хатырыктыы үөрэннэ. Кинилэргэ балык биирдэ эмэ тиксэр этэ, ону да ким эмэ бэристэҕинэ. Алҕаска биир эмэ собо мөҕүл гыннаҕына, Аана часкыйа түһээт, балыгын ыһыктан кэбиһэрэ уонна хамсаабатын диэн, өлөрөөрү, быһаҕын өнчөҕүнэн төбөҕө сынньара.
Кус, куобах, мас көтөрө кыһыннары-сайыннары мэлдьи баар. Кирииччэ байанайдаах булчуттартан ордуктара быһыылаах, тайҕаттан хаһан даҕаны тутуура суох кэлбэт. Быйыл күһүн байтаһын тайаҕы үс буолан охторбуттара. Эмис тайах этэ сырдык буолар эбит уонна сыата дьэҥкэрэр, эт – сыа, эт – ыа дьапталланан, ол курдук дьиктитик уойар эбит, миинэ да минньигэһэ бөҕө! Аны ким эрэ тыатааҕы этин бэрсэн, суор курдук «хуух» диэн баран сиэбиттэрэ. «Эн эккин мин сиэбэппин, суор сиир диэн биллэрэр үһүгүн» диэн Марыыска быһаарбыта. Ити быйаҥтан Биэрискэ бэйэтэ аһыырын таһынан, ийэтигэр