Николай Босиков

Эн онно хайаан да тиий


Скачать книгу

Истиҥ, мин оргууй аҕайдык, сибигинэйэн этэбин: «Поэт өлбүт». Сымыйанан эппит курдук, соруйан буолбутун курдук. Кини хайдах өлүөхтээх этэй?

      Кини хоту олороро. Мин Тамарам олорор сиригэр. Саас мунньахха, поэзия мунньаҕар кэлэн барбыта. Сүрдээҕин дьүдэйбит этэ. Ол эрээри өрүү буоларын курдук, саҥа суруйбут хоһооннорун курдук сибиэһэйэ, сэргэҕэ. Ол кэннэ суох буолбут. Өлүөн үс хонук иннинэ, туох баар күүһүн түмэн, хайыһар хаалыгын тайахтанан, өлбөт аналлаах ырыатыгар уйдаран почтаҕа баран кэлбит. Онно сылдьан, бу мин тутан олорор Ленин төбөлөөх открыткабын атыыласпыт, өлүөн үс хонук иннинэ. Тиһэх хоһоонун бу открытка кэтэҕэр суруйбут, өлүөн үс хонук иннинэ. Ол бу баар:

      Сүрэҕим тиһэх төгүл тэбэр.

      Күн

      уу иэнигэр,

      Сир үрдүгэр,

      Мин эдэр түөспэр —

      Көмүс тарбахтарынан

      Тайанан,

      Сүрэҕим тыаһын

      Тиһэх төгүл истэр.

      Күүстээх хоһоон. Өлөөрү сытан, уота умуллан эрэр сүрэҕин тыаһын тиһэх төгүл истэ сытан маннык хоһоону суруйбут ээ кини.

      Мин Ленины, доҕорум хоһоонун харахпын араарбакка көрө олоробун. Араас санаа төбөбөр эргийэр. Үөрүү, хомолто кууһар. Сүрэхпэр-быарбар өрүү чугас, сырдыы сылдьар бу эриэккэс сэбэрэ, бу хаас, бу харах мин киһини билэр буолуохпуттан баар. Кинини, доҕорум өлөр күнүгэр тиийэ, бэйэтин кытта илдьэ олорбутун, олоххо көрсүбүт үөрүүтүн, эрдэ баран эрэр хомолтотун киниэхэ кэпсээбитэ эрэбил. Мин үөрэнэ сырыттахпына Тома төрөөбүт күммэр «В.И. Ленин. Разливка» диэн уруһуй фотографиятын бэлэхтээбитэ. Ону кытта кини бүтүн бэйэтэ, тэһитэ кэйии сүүтүк ойуута ойуулаах ырбаахытыныын, хап-хара, уоттаах, сырдык, эйэҕэс хараҕыныын киирэн кэлбит курдуга. Бу бүгүн хомолтолоох куһаҕан сураҕы кытта өлбөт аналлаах ырыа кынаттанан, өлөн баран өлбөт аналлаах, улахан поэт сүрэҕин тыаһын, күн буолан иһиллээбитинэн миэхэ тиийэн кэллэҕэ, сүүһүнэн мөлүйүөн сүрэхтэргэ күн буолбут киһи – табаарыс Ленин.

      Дьолу, тапталы, доҕордоһууну – бу көстөр күнү, халлааны миэхэ кини, Ленин, биэрбитэ. Ол аата кини миигин «таптаа, ыллаа, дьону кытта эриэккэстик доҕордос» диэбит эбит. Мин оҕолуу сырдык дууһабар таптал алыптаах чыычааҕын кини ыллаппыт эбит.

      Өрдөөҥҥүттэн кэриэстээн таптал таҥарата оҥостон уура сылдьар фотографиябын уурдум. Тыыннаах уонна өлбүт доҕорум бэлэхтэрэ холбоһо түстүлэр. Кинилэр миэхэ баҕарбыт туох баар үтүө баҕалара бу сирдьит сырдык мөссүөнэ баар ойууларыгар иҥмиттэр. Миигин омуннаах улахан олох ыҥырар. Урут мүччү туппут маһым лабаатын бүгүн ыгатык харбыырбар, сыыһа үктээбит суолум чэрин таба үктүүрбэр, олоххо тардыллыбыт айа кирсии курдук кытаатан, лыҥкыначчы олорорбор кинилэр баҕарбыттар эбит манан, бу, бу өлөрү билбэт сырдык, улуу мөссүөнүнэн.

      Халлааҥҥа былыттар күрсэллэр. Ити былыттары урут оҕо сылдьан, Тамараны кытта Сайсары күөл нөҥүө хаама сылдьан олох атыннык көрөрүм. Кинилэр сырдык уонна модун этилэр. Күөх халлааны биирдэ саба халыйан, биһиги баҕа санаабыт хаар маҥан баарыстара