олорон кэбистэ. Сырдык тиистэрэ сандаараллар, хара хараҕа күлүм аллайбахтыыр. Мин ону көрө-көрө харахпын аралдьытан, Лена күһүҥҥү иирэлэрин одуулаһабын, өрүс түргэн сүүрүгүн өксөйө сатаан, ыар таһаҕаска ыга ылларан иннибитигэр «Быстрый» эрэйдээх икки өттүгэр үөмэхтэһэр долгуну кытта тэҥнэһэн өрө биллигирии иһэр. Чааһы быһа айаннаатыбыт да, Даркылаахпыт ааһан-араҕан биэрбэт. Ааттыын түргэн көлөбүт бытаана салытыннарыах быһыылаах.
Иһийэн олорбохтообут оҕолор, оҥочолоро хамсаабатын, улаханнык уу киирбэтин көрөн, хамсаан-имсээн саҥаран кэллилэр. Көр-нар соҕотохто өрө оргуйа түстэ. Уон араас куолаһынан ырыа Лена өрүс барахсан устун доллоһуйа кутулунна. Оҕолор «Петя» диир көрдөөх, сытыы уоллара Тамара баанан иһэр кыһыл былаатын көрүөх бэтэрээ өттүгэр туура тардан ылан, оҥочону анньынар уһун ураҕас төбөтүгэр баайа охсоот, оҥочо ортотугар туруору анньан кэбистэ. Киһи эрэ сэргиэх, үөрүөх кыһыл былаах өрө умайыктана түстэ. Тамара олоҕуттан туран былаатын былдьаһыах курдук гынан иһэн, кыһыл былаах буолбут бэйэтин дьиктилээх былаатын көрдө-көрбүтүнэн олоро түстэ. Онно кини тобугуттан тоҥолоҕуттан тайанан, сыҥааҕын кыҥначчы быраҕан ураты кэрэтик мичээрдии олорбута. Былаатын ылан ыйаабыт хорсун, сытыы Петяны хайҕаан ытыс тыаһа хабылынна. «Көттө» диэн оонньуу саҕаланна. Онно ким остуолу, олоппоһу, онтон да атын көтүө суоҕу көтүппүт ыстарааптанан иһэр. Ол кини омуннурбут буруйугар кыһыл былаах – Тамара былаатын анныгар туран ыллыыр эбэтэр хоһоон ааҕар, көрдөөҕү тугу эмэ кэпсиир. Уһун суол оонньууга кылгаан, күн биллибэккэ аастар-ааһан истэ. Сүппэккэ муҥнаабыт Даркылаах сүттэ, Бэстээх ааста. Күн киэһэрэ быһыытыйда. Катербыт муҥнаах ньохчойбутун курдук ньохчойон, биир кэм өксөйөн өрө буллугуруу иһэр. Оҕолор да сылайдылар. Көр-нар, айдаан ньим барда. Арай холку, наҕыл Лена талбаарбытын курдук талбаара, дьалкыйбыта-дьалкыйбытынан уолуһуйбакка устар. Дөрүн-дөрүн куба көтөр курдук туналыһан, ууга олорботох, сииккэ сыстыбатах тэҥэ кынтаһан айан борокуоттара күйгүөрэн, көрүлээн ааһаллар. Күөх мэндээр ууга модун күөннэринэн ыга түһэн, уонунан бөдөҥ, толору таһаҕастаах баржалары соспут таһаҕас борокуоттара, таас чох хара өһөх буруотун өрө биһилэхтээн, хас эмэ сүүһүнэн миэтэрэ сиргэ субуйан, кылгас-кылгастык эҕэрдэлэһэн ааһаллар.
Ыкса киэһэ таас биэрэккэ тохтоотубут. Күһүҥҥү киэһэ түргэнник хараҥарда. Модьу-таҕа киһи: «Кэллибит. Миигин батыһын», – диэн кылгастык, чуордук хаһыытаат, таас булкаастаах туруору кумах биэрэги өрө хааман харбыаласта. Күнү быһа оҥочоҕо олорон көһүйбүт, киэһэнэн тоҥо быһыытыйбыт дьон, бэрт дуона суох тутуурбутун сүгэ-сүгэ, киһибитин эккирэттибит. Утаакы буолаат, күһүҥҥү, өссө да сэбирдэхтэрин ситэ ыһыкта илик, үөттэр быыстарынан уоттар кылаҕалдьыстылар. Бөһүөлэк биэрэстэттэн эрэ ордук эбит.
Ол күһүнү быһа мин Тамараны кытта биир бааһынаҕа, ардыгар кэккэлэһэ кирээдэҕэ толуу хортуоппуйу хостообуппут. Сир сииктээҕин, халлаан тымныытын, силбиктээҕин иһин, миэхэ ураты сылаас, сымнаҕас күһүн