Огдо

Буолар да эбит


Скачать книгу

саҥалаах эрээри, эттэҕинэ төрдүттэн тоҕу түөрээччи. Онон киэһэ-сарсыарда эн-мин дэсиһэр дьон эйэлэрин араарбатахтарына сатанар. Алаапыс да аньыыта-харата чугаһынан биллэрэ оччо буоллаҕа-а. Кэргэнэ өлбүтүн кэнниттэн киһиэхэ барытыгар сыҥаланан, Тиити кытта «өҥөҥнүүр» сурахтааҕа да, кэпсэл омуна ини. «Аҥаардас хаалбыты дьон атаҕастаан да араастык саҥарыахтара, эн онно тугуҥ дьыалатай», – диэн Өлөөнчүгүн биирдэ эрэ буойбута. Тыл-өс түргэнник тарҕаммытын курдук сотору уостубута. Кырдьык эрэ, сымыйа эрэ, Алаапыс икки уоллааҕын, соҕотоҕун кыайыа суоҕун билэн, аймахтара куоракка үөрэттэрэбит диэн ылбыттарын аньыыта, оҕолор онтон ыла биллибэттэр. Сураҕа, биирэ Москубаҕа, биирэ эмиэ ханнык эрэ куоракка үөрэнэллэр үһү диэн. Алаапыстан, ким эрэ аһынан, ким эрэ сүрүргээн, ыйыппаттар эбит этэ. Ол иһин, бу да сырыыга дьахтар, ааранан, бэйэтэ дьаарханна быһыылаах, төттөрү хардары ыйытыыттан толлон, туора ойдо, солуурдарын харбаат, хаарын баһына ыстанна…

      – Тоойуом, чэ, тур, чэйдиэхпит, – таһыттан ынаҕын аһылыгын иһитин таҥкынаппытынан киирбит Өлөөнчүк кыыһын уһугуннарда.

      Татыйык, кэмниэ кэнэҕэс дьиэтигэр кэлбитин итэҕэйбэккэ, сылаас оронугар сытан үөһэ-аллара тыыллаҥнаата, массыынаҕа сахсыллыбытын аахсыбакка, дуоһуйа утуйбутуттан үөрэн ойон турда. Ийэ-аҕа үөрүүтэ үксээтэ. Тугунан да маанылыахтарын билбэт дьонноро, биирдэрэ биир өттүттэн, иккиһэ иккис өттүттэн астарын-үөллэрин сыҥалыы олордулар. Онтон аһара астаран кыыс эмиэ да күллэ:

      – Ийээ, эн наар минньигэс өттүн сиэтэ сатыыр эбиккин: сарсыардааҥҥы күөрчэх, дьэдьэннээх тоҥ күөрчэх, барыанньа, бискибиит… Оттон аҕабын көрүүй: бэрэскитэ сиэ, эттэ сиэ, бу тууһаммыт сыа баар, бу хаан, бу ыһаары собо диир. Барытын хайдах биирдэ олорон туруомуй? – кыыстара кычыгырыыр.

      Бука бары да ахтыспыттарын таһааран, арааһы кэпсэтэ-кэпсэтэ, хаһааҥҥытааҕар да өр олорон чэйдээтилэр. Уһун өрөбүллээх кыыс тугу гыныаҕын былааннаатылар, барар-кэлэр саҕана буолбакка, бу сырыыга көлөнү эрдэттэн сураһан булунарга болдьостулар.

      Инньэ гынан, аҕата этэринии, «хоньокууллаах хотоку» соччо-бачча кулуубунан, киинэнэн үлүһүйэ барбата, наар сынньанна. Ол быыһыгар дьиэтин үрдүн кылбаччы сууйда. Түннүк сабыыларын турута тыытан ылан уларыттылар. Били ааспыт кыһын аҕата киниэхэ анаан быспыт аан дьиэтин көтүрү тардан ылан эркинин оппуохалаатылар, ордугар обуойу сыһыаран дьиэлэрин кэҥэттилэр. Өлөөнчүк кыыһыгар кыһыл саһыл тириититтэн сабыс-саҥа бэргэһэни тиктэ, онно дьүөрэлээн киин лааппыттан кытархайдыҥы саарпыгы атыыластылар.

      Киэһэ утуйуох иннинэ Татыйыкка бииргэ үөрэммит кыргыттара төлөпүөннүүллэр.

      – Ээйиис, кыыспыт былыттаах халлааҥҥа быкпат буолан кэлбиккин дуу? – диэн дьээбэлииллэр.

      Ол эрээри Татыйык, дьонун ахтылҕаннарын ханнаран, дьиэтигэр олоруох буолбут былаанын ыспат, кыргыттара да кыыс быһаарыныытын ылыннылар. Онон, хайыахтарай, сонуннарын суһал үлүгэрдик төлөпүөҥҥэ эрэ сибигинэйэллэр.

      – Татыйык, Кириил киэһэ аайы таансыга баар ээ, кими эрэ көрдүүр курдук, сааланы кэрийэ көрөөт, тахсан барар.