сиэрэ суох тахсыаҕыттан куоттараары, араастаан мөҕүл-мөҕүл тэбиэлээн, таайтара сатаата.
– Суох-суох! Кириил, хайдах буоллуҥ?! Туох дакаастабыла нааданый?! Тугу-тугу диигиний?!
– Ээ, эйигин таптыыбын диэтим буолбаат? Таптыыр кыыспын ууруурум, кууһарым буруй үһүө?! – диэт, уол бокуойа суох Татыйыгы хам кууһан ылла, ыарыылаах баҕайытык биилиттэн тутта да, уолуйбут кыыс уостарыгар утаппыттыы түстэ…
Мучумаан буолла, Татыйык кутталыттан уонна маннык түргэнник уларыйан хаалбыт табаарыс уола киниттэн тугу эрэйэрин дьэ өйдөөн, титирэстэс буолуор диэри ыгылыйда, араастаан төлө көтө сатаата да, ытарчалыы ылбыт илиилэр кинини ыыппатылар…
– Кириил! Мин хаһыытыам билигин! Күн сарсын үҥсүөм! Кыбыстыам суоҕа, атаҕастаата диэн олохтоох араадьыйанан кытта биллэриэм! – ыксаабыт кыыс дьүүллээн-дьаабылаан тугу диирин өйдөөбөтөр да, туох баарынан, тугу сатыырынан көмүскэнэ сатаата.
Олохтоох араадьыйа диэн бу эргин суостаах соҕус өйдөбүл. Араадьыйа Арамаана диэн аҥаар атаҕынан доҕолоҥ киһи, оннооҕор ол-бу хобу-сиби тиһэн, туһааннаахтары бэртээхэйдик кымньыылыыр биэриилэри таһаартыыра. Сүрэҕэлдьээбиттэри, арыгылаабыттары элэктээн, оннооҕор үөхсэр саҥаларын кытта (хантан хайдах устан ылара буолла, ким да билбэт) бар дьоҥҥо олохтоох араадьыйатынан иһитиннэрэн ууга-уокка түһэртээччи, саакка киллэртээччи.
Онон, кыыс эттэр эрэ, сыыска түһэрбэтигэр саарбах суох. Ол Кириил төбөтүгэр Татыйык ытыырынааҕар түргэнник тиийдэ, таах, оройго охсубуттуу, оломо суох уолу ойутан туруорда. Онон Татыйык, быыһанарын быатыгар, саамай сөпкө «араадьыйаланан», кэлии уолу Кириили чаҕытта. Арааһа, уоҕун таһаарда быһыылааҕа, сотору уоскуйа быһыытыйбыт уол, хомойон-хоргутан ытыы олорор Татыйыгы санныттан сымнаҕастык тутта уонна:
– Бырастыы гын… Мин туох да куһаҕаны оҥорор санаам суоҕа… Алҕаска… итинник тахсан хаалла… – диэтэ уонна, үгүс саҥата суох, уларсык хоһугар киирэн хаалла.
Татыйык олорбохтоото уонна абаккатыттан:
– Эн ол иһин бэркэ үөрэппиккин дии, уолаттары кытта киинэлээмэ, кинилэри кытта ханна да кииримэ диэн. Ол аата уол эрэ бары маннык быһыыланар буоллаҕа, киирбит кыыһы атаҕастаан ыытар… Ити бэйэтин этэрэ буолуо дии санаабатаҕым. Доҕорум дии санаабытым баара, баара-суоҕа… хоонньоһор эрэ баҕалаах киһи эбиккин! – диэн иһэн, ситэри саҥарар кыаҕа суох, ытаата, тахсан барда.
Кириил хоско киирбитин курдук биллибэтэ. Кэлииккэҕэ тиийиэр диэри Татыйык уолу, баҕар эккирэтэн тахсан кэлээрэй диэн, күүттэ быһыылаах. Онтон өссө төгүл бырастыы гыннарыа, оччоҕо, кырдьык алҕаһаабыта буолуон эмиэ сөп, бырастыы гыныам диэбитэ да… Кириил тахсыбата, эккирэппэтэ, уоскуппата. Абаккатыгар уоһун быһа ытырбытынан, кыыс, ытыы-ытыы, дьиэлээтэ…
Ити толоос быһыы кыыһы чахчы хомоппута. Ол да гыннар, санаатыгар Кириил алҕаска итинник дьүһүн кубулуйбута буолуо диэн холкуйа сатыыр. Биир өттүттэн өйүнэн бэркэ өйдүүргэ дылы, кини кыыһы атаҕастаары эрдэттэн оҥостубута сэрэйиллэр. Табыгастаах кэм диэн, угаайытыгар угаары, дьиэтигэр киллэрдэҕэ. Онтон кэлин этиэхтээҕэ буолуо: киирбит