, үс күн устата сөмөлүөт көппөккө, элбэх киһи тоҕуоруһа муһунна. Кэлэр-барар аалыҥнаһыыттан сылайан, номоҕон дьүһүннээх кыыс, ардах ибиирэригэр да кыһаммакка, таһырдьа таҕыста. Сөмөлүөт кэллэ, билиэттээх киһи Дьокуускайдаан хаалыан сөп этэ да, кыһытыан иһин, халлаан киэҥ-куоҥ далайыгар туох да көтөн иһэрэ көстүбэккэ дылы.
Эмискэ кыыс көтөр аал тыаһын иһиттэ. Киҥкиниир киэҥ халлаан хаба ортотугар туох эрэ харааран көһүннэ. Куугунас тыас улааттар улаатан барда. Сотору буолаат АН-24 сөмөлүөт бирилии-барылыы тыаһаан-ууһаан, үрдүнэн көтөн уһууран ааста уонна ырааҕынан эргийэн, авиапорт хонуутугар тиийэн түстэ. Өр кэтэспит-манаспыт билиэттээх дьон малларын-салларын туппутунан регистрациялана охсоору тиэтэйэ-саарайа суксурустулар. Билиэтэ суох дьон касса иннигэр үтүрүһэ-анньыалаһа туруна охсон кэбистилэр.
– Тохтооҥ! Болҕойон истиҥ! Бу чааһынай хампаанньа сөмөлүөтэ тустаах дьону ылаары кэллэ. Рейсовай сотору кэлиэҕэ, тулуйан кэтэһэ түһүҥ! – диэн модьу-таҕа көрүҥнээх милииссийэ уол суолларын бүөлүү турунан, аймалҕаны таһаарда.
«Эс, хайдах оннугуй! Ардахтаан кыайан көппөккө, хас да күн устата эрэйдэннибит буолбат дуо?! Итиччэ көтөн кэлбит сөмөлүөккэ хайдах кинилэр эрэ барыахтаах үһүлэрий?!» – диэн абарбыт саҥалар баргыһа түстүлэр.
Уочараттаан билиэт ылар диэни билбэт, өрүү быһа ааһа үөрэммит дьоһумсуйбут көрүҥнээх, мааны таҥастаах дьон тосполдьуһа хааман тиийэн кэлбиттэригэр, көтөр кыахтара суох ыгылыйбыт муҥнаахтар кинилэри быһа ыытымаары, бүөлүү турунан кэбистилэр. Били хап-харанан чоҕулуччу көрбүт кыыс эрэйдээҕи ким эрэ садьыйбытыгар, «Уой!» диэн саҥа аллайбытынан сырдык плащтаах хара көстүүмнээх, кытархай хаалтыстаах, кылбаччы ыраастаммыт бачыыҥкалаах хамыһаарга кэтиллэ түстэ.
– Хайа, бу туох үлүгэрэй?! Денисов, бэрээдэги көр-иһит эрэ, – көстүүмүн саҕатыгар анньыллыбыт норуодунай дьокутаат значогун көрдөрөөрү плаһын тимэхтэммэтэх, хаҥас бэгэччэгэр кыһыл көмүс чаһылаах чинэччи туттубут мааны киһи кыыһы өйөөн ылла.
Бу тэлэбиисэргэ сотору-сотору көстөр норуот дьокутаата Андрей Николаевич Архипов буоларын кыыс тута биллэ. Отутун саҥа аастар да, дьон ытыктыы-сүгүрүйэ көрөр киһилэрэ. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ тыын боппуруостарын быһаарсар буоллаҕа. Дьүһүнүнэн да сирдэрбэт.
– Андрей Николаевич, баһаалыста, көмөлөс эрэ. Бүгүн көппөтөхпүнэ, үлэбиттэн үүрүллэбин, – диэн кыыс Архиповка өйдөнөр да түгэн биэрбэккэ ыгылыйбыт, долгуйбут куолаһынан көрдөстө.
– Оннук буоллаҕына, конечно, помогу, – дьокутаат кылбаарыйбыт ыраас хааннаах нарын кыыһы көрөн, кыыһырбыта уостан, сирэйэ-хараҕа сырдыы түстэ.
– Эн туораа, мэһэйдээмэ! – диэт, милииссийэ кыыһы холус соҕустук хонноҕуттан ылан эрдэҕинэ, «она со мной» диэн Архипов тохтотто. Милииссийэ сыыстарбытын билинэн төбөтүн кэҕис гынна уонна туора хаамта.
Кыыс сөмөлүөккэ киирбит үөрүүтүттэн аргыһын хайгыы көрдө, махтана санаата. Дьэ, үтүө майгылаах барахсан эбит. Кини тойону-хотуну тоҕо эрэ улахамсык, тыйыс дьон буолуохтара диэн толло саныыра. Ол иһин билсэ, кэпсэтэ сатаабат этэ. Арай бүгүн, Дьокуускайга көтөр баҕаттан эрэ, бэйэтэ көрдөстө. Киниттэн ураты кими да ылбатылар.
– Эн миигин хантан билэҕиний? – диэн сэргэстэһэ олорон санаата көтөҕүллүбүт Андрей Николаевич, мичээрдии-мичээрдии, туоһуласта.
– Телевизорга көрөөччүбүн, – диэтэ кыыс килбигийбиттии умса көрөн олорон.
– Бээрэ, оттон эн аатыҥ ким диэний? Баҕар, аймаҕым оҕото улааппытын билбэккэ сылдьарым буолаарай? – Андрей Николаевич кыыс кулгааҕар сыстан ыйыталаста.
– Саргылаана диэммин.
АН-24 собуоттанан, мотуора куугунуу барылаан, салгыы кэпсэтэр кыах биэрбэтэ. Сотору буолаат, сөмөлүөт үөһэ өрө көтөн тахсан, ньирилиир тыаһа эрэ иһиллэр буолла.
Күннэй былырыын кэтэхтэн аспирантураны бүтэрбитэ, быйыл кандидатскай үлэтин ситиһиилээхтик көмүскээн үөрдэ-көттө. Ити курдук үрдүк үөрэх, билии күүһүнэн үөһэ талаһан, ханнык эмэ улахан тэрилтэни салайар баҕа санаата туоларыгар бүк эрэллээх. Бөлүүн түһээн Ытык Хайа үрдүнэн көтө сылдьыбыта ону билгэлииргэ дылы…
Кыыс абыраллаах үтүө аргыһын дьэ сыныйа одууласта. Тыа уолаттарыгар холооно суох кыахтаах киһи буолара мааны таҥаһыгар эрэ буолбакка, саҥатыгар-иҥэтигэр, туттарыгар-хаптарыгар да биллэр. Улахан дуоһунастаах киһи кинилиин тэҥнээҕин курдук кэпсэтэрэ дьикти. Сорохтор киэбирэн үөһэнэн хантаарыҥныы сылдьар буолааччылар ээ. Оттон кини эйэҕэһэ-сайаҕаһа, аһыныгаһа, кэпсэтинньэҥэ сүр дии…
Күннэй эр дьону аҕатыгар, убайыгар тэҥнии көрөн, сыана быһааччы. Аҕата Сэмэн Сэмэнэбис Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, норуот номоҕор киирэн аатырбыт Манчаары дойдутугар Сотоҕо төрөөбүт. Өй-билии, үөрэх-хаар барыта баар интэлигиэнэ. Ол бэйэтэ арыгы дьаатыгар ылларан, сордоно сылдьаахтыыр. Үлэтиттэн да тааҕы-таах үүрүллүөн сөп. Эбэтэр саастаах киһи ыалдьан охторо да манан буолбатах. Уонча сыл устата улуустарга ананан борокуруордаабыта. Ойоҕун дойдутугар кэлбиттэрэ сэттэ сыл буолла. Сэбиэскэй кэм саҕаттан, араас таһымнаах мунньахтар кэннилэриттэн арыгылаан чалбардааһын кинини иэдэтэн эрэр. Кыһалҕалаах дьон дьыалаҕа тардыллартан куота сатаан аһатар, бэл бэрик биэрэ сатыыллар. Куобах күрэҕэр барда да, аатын билбэт буола