Ойуур Уйбаан

Хотун Куо


Скачать книгу

дьахтары аһара дьүүллүү, сирэй-харах анньа сатаабаттар ини. Мишка да оскуола оҕото буолбатах. Намнааҕы педучилищены бүтэрбит. Учууталлыан баҕарбакка хартыына уруһуйдаан атыылыыр. Дьоҕурдаах быһыылаах, сыстан үлэлээтэҕинэ худуоһунньук бэрдэ буолуох чинчилээх. Арай дьэ ийэ, аҕа бэлэмигэр үөскээбит куорат оҕото буолан, оттомо суоҕа бэрт. Тыаҕа тахсан, от оттуура, мас мастыыра буоллар, тиэриллэҥнээбэт буолуо этэ.

      Күннэй ийэтэ биэрэн ыыппыт бэрэскилэрин сылытан аһаары, саҥата суох хоһуттан тахсан куукунаҕа барда. Манна туалет, суунар сир, куукуна, көрүдүөр – барыта уопсай. Алта киһи уочаратынан ас астанара эрэйдээх баҕайы… Хата ким да суох эбит. Гаас оһоҕу холбоон, хобордооххо бэрэскилэрин сырдьыгыната сылытан, сыт-сымар бөҕөнү таһаарда. Ол кэмҥэ түүппүлэтин тыаһа талырҕаан, сибэкки ойуулаах кыһыл өҥнөөх халааттаах ыстаараста Марыына күөстэнэ киирдэ.

      – Привет, красавица! Хайа, ханна сүтэ сырыттыҥ? – Күннэйи суохтаабыттыы саҥа аллайда уонна кырааскалаах уоһун үөннээхтик мүчүҥнэттэ: – Соседкаҥ молодой художнигын эмиэ үүрдэ дуу?

      Тоҥуй бэйэтэ сонун истээри сымнаабыт аҕай. Табыллыбатах олохтоох саастаах дьахтар, Люцияны «эдэр уоллаах» диэн ордугурҕуу санаан, кини туһунан хоп-сип тарҕата охсоору сэргэхсийбитэ, үөҥҥэ-күрдьэҕэҕэ тиллибитэ саҥатыгар-иҥэтигэр, туттарыгар-хаптарыгар, көрөрүгэр-истэригэр да биллэр буолбут.

      Күннэй ыстаараста майгытын билэр буолан, аһаҕастык кэпсэтэртэн туттунна. Марыына да салгыы доппуруостуу сатаабата. Туһа тахсыа суоҕун өйдөөтөҕө буолуо, күөһүн оргута уураат, тыастаахтык талырҕаан тахсан барда.

      Куоракка сылаалаах, туох да үчүгэйи билгэлээбэт күһүҥҥү киэһэ үөмэн кэллэ. Туох барыта хараҥа былыкка былдьаммыкка дылы буолла. Муҥар, уопсайга олорор учуонай дьахталлар бэйэ-бэйэлэриттэн ордо сатаан муҥнаналлар, өйдөспөттөр. Күннэй манна олохсуйуоҕуттан ыла хайдах эрэ туга да сатаммат курдук сананар.

      Ыһаарыламмыт бэрэскилэрдээх хобордооҕун туппутунан хоһугар киирдэ. Минньигэс ас сыта кыараҕас хос иһин толорон кэбистэ. Люция санаата син көнньүөрбүт. Остуолга ас тардан бэлэмнээбит. Кыыһырбыта-тымтыбыта ханна да суох. Бааһынай хааннаах буолан эбитэ дуу, төһө да уохтаахтык кыыһырдар, түргэнник аһарына охсон, күлэн-үөрэн барааччы. Өһүргэнэ истибитин өр тута сылдьыбакка умна охсон кэбиһэринэн маладьыас.

      Люция сааһынан аҕа да буоллар, Күннэйдиин сэлэһэрин астынар. Барыны бары билэ-көрө сатыыр, бэйэтэ аныгылыы туспа өйдөөх-санаалаах сытыы-хотуу кыыска сымнаҕастык, болҕомтолоохтук сыһыаннаһар. Кэлин улахан салайааччы буолуохтааҕар эрэнэр быһыылаах. Оттон бэйэтин дьиэ эрэ иһигэр дьаһаллаах, хаһаайыстыбаҕа ордук сыһыаннаах курдук сананар. Хата сэбиэскэй кэм эстэн, сонун үйэ кэлэн сэргэхситтэ. Онон Люция ордук атыы-эргиэн, эргитии-урбатыы өттүгэр дьоҕура арыллан эрэр. Бокуонньук эрин мас дьиэтин атыылаабыт. Сэттэлээх кыысчаанын бэйэтин сааһыран эрэр ийэлээх аҕатыгар илдьэн хаалларбыт. Соҕурууттан саҥа көмпүүтэрдэри сакаастаабыт. Онтун бэрт кэбэҕэстик атыылаан,