бэрбээкэйин быһа дайбыыра буолуо, олус чугаһаама эрэ… Эһиил баҕас бэйэҕит туспа оттооруҥ, мин моой сырыттахпына да сөп буолсу», – диэн күлүө дуо. Ол миэхэ ханнык да сопхуос дириэктэрэ хайҕаабытынааҕар ордук улахан хайҕабыл этэ.
Күһүнүгэр тиийэн хатан, туох да омуна суох биир кэм өрө экчэҥкэлии, кыдьыгыран оту-маһы тутан-хабан көрө сылдьар буолан хаалбытым…
Маҥнай, ходуһа таһаараары хороннор, уулара саҥа түспүт тыа уолба күөллэрин кытылларын, хоннохторун-быттыктарын сирийэн оттоон баран, сай ортото арыыга, Тэбиэлэһэр диэн сиргэ көһөн киирбиппит.
Өрүс мыраанын үөһэ ыттан туран, охсубут хадьымалбыт киэҥин, тыһыынчанан бугул бачыгыраан турарын көрөн, ама, баччалаах киэҥ сири биһиги охсубуппут, оттообуппут буолуо дуо диэн, бэл, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдуга…
Ыраах, улуу эмчит, ытык кырдьаҕас Ньыыкан (номоххо киирбит норуот эмчитэ Никон Алексеевич Васильев-Ньыыкан) оҕонньор олорбут олоҕо, Логлоор хайата өрө үллэн, көҕөрөн көстөрө.
Ыһыкпытын уон хонук баһыгар биирдэ бөлөрүүс тыраахтарынан Дьөгүөссэ диэн киһи аҕалан барара. Ыһык таһар тыраахтар сүтэ-сүтэ бирдьигиниир тыаһа, от-мас быыһынан элэгэлдьийэн иһэрэ үчүгэй да буолара…
Хотуур ортото нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ кэлэ сылдьан, «Өктөөбүр Суола» диэн оройуон хаһыатын аҕалбыта. Онно Маисов Семен Сергеевич настаабынньыктаах үс киһилээх биригээдэтэ илии сибэниэлэрин ортотугар оруйуоҥҥа бастаан иһэр диэн сибидиэнньэ-табылыысса ыйыллыбыт, суруллубут этэ…
Убайым Ньукулай үөрэҕэ суох эрээри хаһыаты, кинигэни добдугураччы ааҕара. Тоҕо эбитэ буолла, наар тыастаахтык, таһыгар ааҕар үгэстээҕэ. Ньукулай ийэтэ Киристиин эмээхсин диэн. Ол иһин Ньукулайы Киристиин Ньукулай, өссө көннөрү Киристиинэп дииллэр.
Кэпсээнтэн кэпсээн. Ньукулай биирдэ, Үһүс Күүлэккэ олорор эрдэхпитинэ, атаҕын көнтөскө эрийтэрэн өлө сыыһан турардаах. Байытаан Кугас диэн саастаах эрээри, тордуос быһыылаах сылгыны тутан баран, тэпсэҥэлии сылдьар ат сиргэ соһуллубут көнтөһүгэр атаҕын эрийтэрбит. Сылгы сиргэнэн ойбут уонна киһини соспутунан, ыһыытаппытынан далы хаста да эргийбит. Хата, уолдьах ийэм түбэһэ тахсан ыһыытаан, уостуганыттан харбаан ылан уйуһуйбут сылгыны тохтоппут. «Дьэ онно баҕас саҥаһым Аана барахсан тахсан өрүһүйэн турар, онтон ынтах баҕас ыт өлүүтүн өлүллүөхтээх этэ», – диэн Ньукулай түгэн көһүннэр эрэ куруук ахтааччы.
Тоҕо эбитэ буолла, убайым Ньукулай, ардыгар, көлүүр оҕуһун ыҥыырдаан баран миинэр үгэстээҕэ үһү…
Биһиги дойду сирин, ходуһатын ото үксэ кылгас эрээри, этэргэ дылы «өлбүт сүөһү өндөйөр» сүрдээх иҥэмтиэлээх, сөлөгөйдөөх от. Киһи бэрт киэҥ сири дайбаан оту ылар. Оттон сорох нэһилиэктэр ходуһаларын ото, туома отчут мунарын курдук бөтө үүнэр эрээри – сүөһү сии туран охтор соппоҥ. Дэлэҕэ биир күрүөҕэ илиинэн уончалыы оту кэбиһиэхтэрэ дуо. Итинник кэлии оту кыһын пиэримэ кыбыытыгар от ыйааһыныгар сылдьан, туома хаптаһын тырыыҥкатын бугуллуу сылдьар курдук сананыллара. Хоччорхойо диибин