аҕам кырдьык да хомуньуус этэ. Харытын күүһүнэн, таһаарыылаах, холобур буолар түмүктээх үлэтинэн хомуньуус буолбут тыа сирин сэмэй оҕонньоро. Биир да кылаас үөрэҕэ суох аата, сылдьан эрэн үөрэнэн, биригэдьиирдииригэр суот-отчуот кумааҕытын, төһө да үгүс сыыһалаах-алҕастаах буоллар, бэйэтэ толороро. Хара үлэ ханныгар да икки ими ыпсыһыннарбыт, барыта холкуос, сопхуос туһа диэн бэйэтин харыстамматах, баламат, хоһуун үлэһитинэн мэлдьи ытыктабылга сылдьара.
Билигин араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ (хаһыакка биир оннук): «Хомуньуустар сиэбиттэрэ-аһаабыттара, хомуньуустар түөкүттэр!» – дии-дии, оччотооҕу кэм дьонун, араара барбакка, барыларын биир киэпкэ кутан, ыт аһаабыт иһитигэр кулгуйбутугар дылы, айахтара кытарааччылары, уот тылларынан кыырааччылары букатын саарбах, татым өйдөөх-санаалаах дьонунан ааҕабын. Ол, бил баһыттан сытыйбытыгар дылы, былаас баһа сытыйбытыгар, кыра-хара, үөрэҕэ суох, ол эрэн олоҕу туппут сүүһүнэн тыһыынча тыа сирин үлэһит хомуньуустара туох буруйдаах буолуохтарай. Былыр-былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри олоҕу хара үлэни хото баһылаабыт дьон тутан кэллилэр уонна инники да өттүгэр тутан олоруохтара. Мин маннык түгэҥҥэ Кытай биир улуу бөлүһүөгэ: «Сир үрдүгэр, муҥур уһукка, айылҕаны кытары күннэтэ алтыһар ураты нарын ситимнэрин быспатах, тыа сирин үлэтиттэн тэйбэтэх, күүс үлэтин үгэстэрин ыһыктыбакка илдьэ тиийбит омуктар эрэ ордон хаалыахтара», – диэбитин тэһэ санаан кэлэбин.
Ийэлээх аҕабыт биһигини кыра эрдэхпититтэн бэйэлэрин кытта бииргэ илдьэ, батыһыннара сылдьан үлэҕэ-хамнаска үөрэппиттэрэ, такайбыттара киһи быһыытынан үүнэн-сайдан тахсарбытыгар олус да туһалаах, сөптөөх да иитии эбит. Күүс үлэтэ диэн тугун, дьиҥин отой оҕо саастан билии олоҕу ис-иһиттэн дириҥник сыныйарга, дьон-сэргэ үлэтин сыаналыы, харыстыы үөрэнэргэ сүҥкэн да суолталаах эбит.
Мин окко бэрт кыра эрдэхпиттэн сылдьыбытым. Маҥнай көннөрү, саппай уопсан батыһан киирэрим, барсарым. Төһө да бырдах, оҥоойу сиэтэр, күлүмэн быһа ыстаан супту уулаатар – устар уһун күнү быһа ходуһаҕа төттөрү-таары тээспэрэйдэнэрбиттэн төрүт салгыбатым. Түөртээх-биэстээх, ас иҥмэтэх бэрт кыра, хачаайы оҕо үөн-көйүүр сиирин ньухханан, тэһэ тарбанан баас-үүт буола-буола, көлөһүн иҥпит сиидэс былааппын төбөбөр бастыҥалыы бааммытынан, кыһыл толбонноох маҥан өҥнөөх, кытархай муннулаах ыппын Саһылдьыты батыһа сылдьан баҕалаан-чохулаан, сир үөннээн, ходуһаттан төрүт тахсыбатым. Саһылдьыт, хордоҕой буорун хаһан тибилийэ-тибилийэ, кутуйахтыыра, бурҕаалыыра: тэтэркэй муннун хороон иһигэр батары анньан баран, дьигиһис гына-гына сытыргыыра, төхтүрүйэ-төхтүрүйэ ытырдара, онтон сыр кырсын ытыра-ытыра логлорута тардан киэр илгэрэ. Күөл кытыытыгар, кутаҥныы сытар кута сиэлигэр киирэн, чулум-чалым уулаах сиргэ, илин атаҕын өрө көтөҕөн туран, иһиллэнэн кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы кус оҕолуура…
Саһылдьыты эбэм Маарпа сурдьа Дьөгүөртэн ылбыппыт. Ыт оҕото ыла күөл уҥуор олорор дьоммутугар ийэбин кытта тиийбиппит. Ситэ харахтана илик тэбис-тэҥ