Семен Маисов

Аҕа


Скачать книгу

курдук эрдэлээбит сааһы уонна билбэппин. Тураах муус устар саҥатыгар хайыы-сахха дааҕырҕаан ырааппыт этэ. Балаҕан үрдүн хаара күрдьүллэн, күн уота быһа сиэн хараарбытыгар туллуктар түһэ-түһэ, дьиэттэн киһи таҕыстаҕына үргэн, тыал тыаһыныы суугунаан, үрэл гынан, сааскы көй салгыҥҥа уйдаран дьурулаһа, үрүҥ солко былааты тэлимнэппиттии бэйдэҥнэһэ көтөллөрө. Мас-от моойдонон, тыа сыа хаара ууллан бүтэн, суугуначчы кэһиллэр кып-кырылас, лып-лыҥкынас көмүрүө эрэ хаар хаалан сытара. Киһи хараҕын саатырдар сып-сырдык эбэ иэнэ, сиҥэ уута киирэн, хобурдаан көҕөрүмтүйэн көстөрө, дьэргэлгэн биир кэм дьэргэйэ ытыллара. Тумуһах будьурхай үөтүгэр хатанан олорон, үнүгэстээн үссэнэр хабдьылар дьэргэлгэҥҥэ хаас саҕа буолан бөдөҥөөн көстөллөрө…

      Мин өйдөнүөм эрэ иннинэ, ыппыт Чуорук Сыаҥда үрэҕин кырдалыгар эһэ арҕаҕын булбутугар, эһэм Орто Суртан Харалаампыйап Баһылай Тиитэбис диэн оҕонньору аҕалан, биир арҕахтан үс эһэни бултаабыттара. Аны санаатахха, оҕонньоттор барахсаттар харса суох дьон эбиттэр. «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан» диэбиккэ дылы, айах хамсатар өттүнэн отой быстыынньа кэмнэр этэ. Хайа эрэ алаас өтөҕөр киһи хоргуйан өлбүт, хайа эрэ ыаллыы холкуоска ыал ыалынан имири эстибит үһү диэн сураҕы истэрбит. Дьэ бу кэмҥэ эһэм аах арҕахтарыттан тахсаары быгыалаһа сыппыт үс эһэни бултааннар, бэрт кырыымчыктык күнү-хонугу кээрэтэн олорор дьон эмискэ ас үрдүгэр буола түспүппүт. Ол эрэн, булчут олоҕо диэн былыр-былыргыттан күннээҕинэн эрэ дэлэй. Бүгүн баар, сарсын суох. Аны туран, оҕонньордоох ол бултаабыттарын истэн, аска тииһинээри, чугас эргин олорор дьон түөрэ сыбыытаспыттара. Ийэм кэлиҥҥэ диэри сөҕөн кэпсиирэ: «Оо, ол булт ыалдьыта-хоноһото элбээбитин…» – диэн. Туох көстүбүтүнэн, баарынан-суоҕунан бэйэ-бэйэҕэ өлүүлэһэн, ирээттэһэн бэрсиһии, үллэстии – саха киһитин ытык сиэрэ, үгэһэ.

      Ас суоҕуттан эбитэ дуу, миинэ бардын диэн эбитэ дуу, эһэм быччыкыны хатырыктыын буһарара. Онтута балыгын хатырыга күөс түгэҕэр туспа арахсан, сөҥөн хаалан, сииргэ-аһыырга туох да улахан куһаҕана суоҕа. Оҕонньордоох бултуйуохтарын иннинэ ийэм сохсоҕо баттаппыт куобаҕы очоҕоһун ырытан, куутуйалыын баҕастыын буһаран сиирбит.

      Эһэм Мэхээлэ собону сиирэ ырааһын сүрдээҕин сөҕөрүм. Сиһин уҥуоҕуттан ойоҕоһун уҥуоҕун биири да араарбата, аҥаардас кылыгырас уҥуоҕун эрэ хаалларан кубарытан кэбиһэрэ. Үтүктэн көрөрүм да, хайдах да эһэм курдук ыраастык уҥуохтаабатым.

      Эһэм оҕонньор тииҥ куртаҕын сиикэйдии сиирэ.

* * *

      – Аҕаа, хата, сиэннэргэр били «чугуун иһит алдьархайын» туһунан кэпсээ эрэ… – диэтэхпинэ, аҕам барахсан эбии көрдөһүннэрэ барбакка, ол ааспыт, урукку алдьархайы наҕылыччы сэһэргээн барара.

      Хас кэпсээтэҕин аайы туох эмэ саҥаны, сонуну эбии истэрбит.

      – …Сайын Бөтүрүөп таҥара күнүгэр диэри үтүөрэн, дьоммун батыһан окко кытары сылдьыһар киһи буолбутум… – диэн ол сэрии саҕанааҕы быһылаанын түмүктүүрэ…

      Аҕам миэнэ сэрии кэмигэр үлэ бөҕөтүн