Николай Якутский

Төлкө


Скачать книгу

арыгылыыллар. Харатаайап кулуба: «Бу киһи кэргэн кэпсэтэр туһунан хаһан саҥарара буолла?» – диэн көһүтэ олорор. Уол тоҕо эрэ кыыһы кытта оонньоспот, кэпсэппэт, кыыстан, куттаммыт курдук, тэйиччи соҕус туттар. Баҕар, ити Дьокуускай эбэ хотун курдук киэҥ сиртэн сылдьар киһи кинилэр Маайаларынааҕар буолуох үчүгэй кыыһы, ханнык эрэ улахан тойон кыыһын кытта кэпсэтиилээҕэ буолуо.

      Маайа, сирэйэ кытаран баран, аат эрэ харата аһыыр, урукку чобуо бэйэтэ сыппаан, хаҥыл бэйэтэ сымнаан, кэнэн баҕайытык туттан олорор. Уол эмиэ иҥин хаана кэйэн, сирэйэ-хараҕа уоттанан кэлэр. Сэмэн Уйбаанабыс ону эндэтиэх бэйэлээх буолуо дуо, бэлиэтии көрөр. «Сөбүлэһэллэр быһыылаах. Арыгыны элбэхтик истэхтэринэ уостара аһыллыа», – дии санаан, оҕонньор сотору-сотору үрүүмкэлэргэ арыгы кутуталаан бычалытар.

      Маайалаах Сүөдэр үрүүмкэлэрин оҕонньор олус толору гына куппута тохтоору бычалыҥныы турара хайдах эрэ ытаары гыммыт киһи хараҕын уута таммалаары туолан турарын маарынныыр.

      – Көр, эдэр дьон, эһиги, толору дьоллоох буолсуккут, үрүүмкэлэргитин олус толору гына кутан кэбистим, – диир Сэмэн Уйбаанабыс үөрэн-көтөн, холуочуйан чаҕылыйбыт хараҕынан уоллаах кыыс сирэйдэрин көрө-көрө. – Чэйиҥ, эһиги, эдэрдэр, дьолгут иһин!

      Маайалаах Сүөдэр үрүүмкэлээх арыгыларын көтөҕөн туран сирэй-сирэйдэрин килбик баҕайытык көрсүһэн кэбиһэллэр.

      V

      Бу киэһэ туох да олохтоох кэпсэтиитэ тахсыбат. Холуочуйа соҕус арыгылаан, аһаан-сиэн бүтэллэр. Маайа хаппахчытыгар киирэн хаалар. Харатаайап оҕонньор, өр соҕус кэргэнин Ылдьаананы кытта тугу эрэ сибигинэһэн ботугуруу сыппахтаан баран, утуйан муннун тыаһа хаһыҥыраан барар.

      Маайа өр утуйбакка оронугар мөхсө сытар. Кини урут хаһан да санаабатах санааларын санаталыыр. Бу кэлэн иккис түүнүн кинилэр дьиэлэригэр утуйа сытар эдэр киһи туһунан арааһы эргитэ саныыр…

      Сэмэн Уйбаанабыс сарсыарда эрдэ туран кыыһын хаппахчытыгар киирбитэ, Маайата уһуктаҕас сытара.

      – Маайа, ити атыыһыт оҕотун туох дии саныыгын?

      «Уол миигин ыйыппыт буоллаҕа дуу?» – диэн Маайа үөрэ түһэр, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээмэхтиир.

      – Аҕаа, тоҕо ону ыйытаҕыный?

      – Кистээмэ, эн ити уолу сөбүлүүгүн дуу, суох дуу? – диэн оҕонньор кыыһын кулгааҕар сибигинэйэр.

      – Ыйыттарда дуо? Мин сөбүлүүрбүн тоҕо ыйытаҕыный?

      Оҕонньор, саҥата суох олорбохтоон баран, хаппахчы иһиттэн тахсаары туран, туохтан эрэ улаханнык санаарҕаабыт курдук, кэтэҕин тарбанар:

      – Ыйыттарыытын ыйыттара илик да, мин эн санааҕын билээри гыммытым.

      – Ыйыттарбатах буолтун кэннэ… – Маайа хомойбут курдук саҥарар.

      Сэмэн Уйбаанабыс, кыыһын хараҕа уу-хаар баспытын көрөн, аттыгар кэлэн олорор, төбөтүн имэрийэр.

      – Ити оҕо биһиэхэ кэргэн кэпсэтэр наадалаах кэлбэтэх. Кини атын дьыалаҕа сылдьан таарыйда… Дьоно өлөн хаалбыт, соҕотох оҕо эбит… Киһи иһигэр киирбэх оҕо быһыылаах. Эн сөбүлүүр буоллаххына, кинини кытта мин бэйэм да кэпсэтиэ этим.

      Маайа аҕатын илиитин бобо