сэкирэтээрэ Горнаков бэрт тупсаҕайдык бааллыбыт хаалтыстаах, сэргэх сэбэрэлээх саха киһитин астыммыттыы көрө-көрө:
– Үлэҥ сүнньүнэн Миниистирдэр Сэбиэттэрин промышленноска салаатыгар уонна атын туһааннаах сиргэ бэйэлэрин сүбэлэрин биэрбит буолуохтаахтар, – диэтэ.
Соттинцев «атын туһааннаах сиргэ» диэн тоһоҕолонон этиллибититтэн чөрбөс гына түстэ.
Горнаков, ону бэлиэтии көрөн, быһаарда:
– Эн кандидатураҥ киэҥ өрүттээх сүбэлэһиини, тургутууну ааспыта. Онон мин, чопчу, обком аатыттан партия сорудаҕын тиэрдэбин, – Горнаков остуолга иннигэр сытар паапканы арыйда.
– Истэргэ бэлэммин, Николай Дмитриевич.
– Быһаччы кэпсэтиэх, – Горнаков чаһытын көрүнэн ылла, ханна барыахтаах дуу, кими эрэ күүтэр дуу быһыылаах. – Бастакытынан, эйигин саҥа ананыыгынан эҕэрдэлиибин. Севернэйдээҕи хайа комбинатыгар генеральнай дириэктэр солбуйааччытынан барар буолбуккунан. Мин төлөпүөнүнэн генеральнай дириэктэр Бульдокову кытта хайыы-үйэ кэпсэппитим. Кини көрсөргө, үлэни билиһиннэрэргэ толору бэлэм олорор.
– Махтанабын!
Горнаков суруктаах, бэчээттээх лиис кумааҕыны көрдөрө-көрдөрө, Соттинцевка биэрэр.
– Маны, бюро уурааҕын, Бульдоковка илдьэн биэрэҕин. Сүрүн үлэҥ таһынан коллектив партийнай тэрилтэтин сэкирэтээринэн ананыаҥ. Ити – иккиһинэн. Ону эрдэттэн биһиги Бульдоковка эмиэ сэрэтиэхпит.
– Арай сөбүлэспэтин?
– Инньэ гынар бырааба суох, үрдүкү партийнай уурааҕы толоруохтаах. Субординацияттан ханна барыай? – Горнаков, кыраҕа да ымыттыа суох бэйэтэ, мүчүк гынан ылла.
– Миигин хонтуруоллата ыыппыттар диэн, иһигэр кымырдаҕас хаамыа суоҕа дуо?
– Дьэ, ол иһин сэрэтээри олоробун. Кинини кытта ханнык да күрсүүгэ киириэ суохтааххын. Сирэй утарсыма. Ол кэриэтин туохха эмит сөбүлэспэт түгэҥҥэр миэхэ биллэрэ тураар. Көмөлөһүөхпүт.
– Көмө хаһан баҕарар наада, – Соттинцев кэҕис гынаат, ыас хара өрүкүйбүт баттаҕын тарбаҕынан өрө анньан ылла.
Горнаков эмиэ чаһытын көрүнэр:
– Үсүһүнэн, коллективы сутурук курдук биир сомоҕо оҥорон, үлэни-хамнаһы өрө көтөҕөргө ылсаҕын, сүрүн күүскүн ол диэки туһаайыахтааххын. Ыйытардааххын дуо?
– Барытын өйдөөтүм. Партия сорудаҕыттан хаһан да аккаастана иликпин.
Горнаков, эмиэ чаһытын көрүнэ-көрүнэ, кириэһилэтиттэн туран кэллэ. Пиджагын тимэхтэннэ, хаалтыһын көннөрүннэ.
– Бюро буолара чугаһаабыт. Чэ, саҥа ананыыгынан өссө төгүл эҕэрдэлиибин уонна ситиһиини баҕарабын! – диэтэ.
Онтон, эмиэ оннуттан турбут Соттинцевка тиийэн, эрчимнээхтик илии тутуһан илигирэттэ.
Аллаах Үүнтэн кэлэн, Совнархозка үлэҕэ киирэн, икки оҕолоох ыал быһыытынан үс хостоох мас дьиэ ылан, дьэ, түптээн-таптаан олоруохпут диэн санаалаахтара. Хата, Нюрбината итини барытын буолуохтааҕын курдук ылынан иһэр. Хомнообот. Хомойбутун-хоргуппутун биллэрбэт. Үтүөкэн киһи! Дьиҥэр,