да, билигин да, киһи барыта суруйааччы буола сатыыр, – Мациев бу сырыыга баҕас, чахчы, эҕэлээхтик күлэн ылла. – Латинскай Америка президеннэрэ, үксүлэрэ, романистар дии. Биһиги Хрущёвпут даҕаны: «Бостууктуу сылдьан хоһоон суруйар этим», – диэбитэ буолбаат. Мао Цзэ-дун эмиэ хоһоон кинигэлээх. Үтүө үгэс көҕүтэр эбээт!
– Уот харахха этэҕин.
Хайалар!
Очуос таастар уһулута ойон тахсан
халлааны тыыраллар.
Халлаан сууллуоҕун
Халыҥ тирээбил буолан,
хата, өйөөн тураллар.
Күүстээхтик хоһуйан этии буолбат дуо? Мао Цзэ-дун хоһооно. Оттон Нерон ыраахтааҕы эмиэ дьиҥнээх поэт эбитэ үһү. Хаһан эрэ «Нерон – хаанымсах поэт» диэн кинигэни аахпыттаахпын.
– Мин кини туһунан атын кинигэни аахпытым. Онно Нерон бэргэн тылын холобурдаабыттар этэ. «Дьон диэн хой үөрэ, оттон мин маныыһыппын» диэбит этэ, – ити кэннэ Мациев, хайдах курдук эттим диэбиттии өҥнөн ылаат, өттүк баттанан баран, биилин имиллэҥнэттэ. – Өссө ол Нерон «харчы – сыта суох» диэбитэ эмиэ баар, тахсан киирэр сирдэргэ түһээн олохтоон баран. Үрдүк мораль сытыйыытын чаҕылхай көстүүтэ буолбаат?!
– Чэ, кытаат, эрчимнээхтик эрчилин. Эн мунньахтарга этэриҥ курдук, доруобуйа алмаастааҕар да күндү. Оттон «харчы сытын» туһунан Веспасиан император эппит буолуохтаах этэ, – Соттинцев, үгэргиирин кыратык да биллэрбэккэ, ыскамыайкаттан маастаркатын ылан саба быраҕынна.
– Оо, билигин дьиэҕэ тиийэн, сөп-сөрүүн уунан сайҕанан ылыллыа! – Оготоев Соттинцевы батыста. – Михаил Михайлович, аҕыйах сыллааҕыта «Кыымҥа» Мао Цзэ-дун хоһоонноро сахалыы тылбаастанан таҕыстылар диэн суруйбуттар этэ дии?
– Тахсан-тахсан. «Уон аҕыс хоһоон» диэн. Георгий Васильев тылбааһа…
Мациев, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, ыраатан эрэр дьоҥҥо кэннилэриттэн, кистээн, хокуоска көрдөрө-көрдөрө сыыбырҕыы хаалла:
– Бу баар эһиэхэ, табаларга! Маолаахтар баҕастаахтар! Веспасиаҥҥын даҕаны эмэһэҥ үүтүгэр симин! Мациев «харчы сыта суоҕун» кинитэ да суох бэркэ билэр!
Онтон эмискэ үлүгэр сүр көрүдьүөстүк дайбаҥнаан барда. «Баччааҥҥа диэри эрчиллибэтэх киһи, кэнники кэмҥэ эмискэ күөрэйбиппин уорбалыы саныахтара, бээ, «табалар» харах далыттан сүтүөхтэригэр диэри таймаҥнаабыта буолуохха» дии санаата. Мэктиэтигэр, хантан эрэ көтөн кэлэн, тииккэ үөн көрдөөн, кэтэҕэ кэҕиҥнии-кэҕиҥнии, хатырыгы харса суох тоҥсуйбалаан табыгыратан испит тоҥсоҕой, «бай да, бу тугуй?!» диэн соһуйбуттуу көрүөлээтэ, онтон чиччигинии түстэ даҕаны, тоҥсуйан торулатта.
Мациев ол диэки хайыста уонна сиртэн хаппыт мутугу харбаан ылаат, тоҥсоҕойу быраҕан кыыратта. Астыммыттыы арсаҕар тииһин быыһынан «чыырк!» гыннарда, баран иһэр дьону өһүөннээхтик дьөлө көрдө.
Эрчиллибитэ буолан тараҥнааҥҥыт, төһө уһун үйэлэнэргитин көрүөхпүт, көр да маны, эһиги чыс кутуйахтарга холооннооххут, биһиги баабырдарга тэҥнээхпит!
Киэбирэ санаата, наначчы тутунна.
Халлааҥҥа кимнээх тирээбил буолалларын биллэриэхпит!..