суох буолар. Этэргэ дылы, бу сырылас куйааска сөрүүн, тоһуттар тымныыга сылаас дьиэҕэ бүгүн даҕаны үлэ чуумпу кэмэ сатыылаабыт.
Хаҥас кынакка үһүс этээскэ баар Миряев кабинетыгар Горнаков уонна Соттинцев билбэт биир киһитэ – сэрэйдэххэ, инструктор быһыылаах – бааллар.
Соттинцев инструктор биэрбит кумааҕытыгар суруллубуту ааҕан бүтэн, төбөтүн өндөтөн, балтыһахтыы тардыллыбыт остуол баһыгар күүппүттүү көрөн олорор Миряев диэки хайыста.
– Михаил Михайлович, үҥсүүнү ити аахтыҥ. Туох диэн быһаарардааххын? Биһигини, биллэн турар, анонимнайа сэрэхэдитэр.
– Барыта холуннарыы! – Соттинцев үҥсүү суругу эргим-ургум тутар. – Үлэһиттэргэ тус бэйэм сыһыаным үчүгэй. Ким эрэ тэрийиитинэн суруйбуттар.
– Кимнээх буолуохтарай?
– Сирэйбэр бары үчүгэйдэр. Онон таайар уустук. Сыыһыахпын сөп.
– Оннук. Оччотугар суругу пууннарынан ырытыахха. «Коллективы үрэйэн эрэр…» диэн бигэргэтиигэ тугу этэрдээххин?
– Ханнык даҕаны чахчыны аҕалбатахтар, барытын саба быраҕан эппиттэр. Кими эмэ чопчу ааттаабыттара буоллар, ким тэрийбитин балай эмэ оруннаахтык сабаҕалыахха уонна, үөрэтэн көрөн, булан ылыахха сөп этэ.
Миряев инструктор диэки көрөр.
– Ити үҥсүүгэ ахтыллар үлэһиттэр эн бэрэбиэркэҕэр туох диэбиттэрэй?
– Бары мух-мах хоруйдаабыттара. Үтүктүспүт курдук: «Миэхэ быһаччы сыһыана куһаҕана суох эрээри, биллибэтинэн хайдыһыыны тэрийэрэ иһиллэр», – дэһэллэр. Ол хантан уонна кимтэн иһиллэрин эмиэ токкоолоспутум. Сойуолаһыыга, тылга-өскө, сиигэ-одууга түбэһиэхпит диэн дьаарханаллар, онон чопчу ааты этэртэн туттуналлар үһү, – итинник сорудахтары толоро үөрүйэх быһыылаах, инструктор быһаарыытын лоп бааччы биэрдэ.
– Михаил Михайлович, – Миряев мүчүк гынаат, ачыкытын көннөрүнэн ылла. – Оттон «үлэһиттэргэ омугунан көрөн сыһыаннаһар, холобура, сахалары олус өрө тутар, элбэхтик бириэмийэлиир эҥин» диэн этиигэ туох быһаарардааххын?
Соттинцев, улаханнык сонньуйдаҕына буоларыныы, ону туох диэхпиний, суох аата суох буоллаҕа диэбиттии, ытыһын нэлэс гыннаран кэбистэ.
– Алмаас үлэтигэр төрүт олохтоох дьон ахсаана адьас аҕыйах. Уон бырыһыаны даҕаны кыайбаппыт. Онон мин обком конференциятын уурааҕын олоххо киллэрэр соругу күүскэ туруорабын. Олохтоох каадырдары иитиигэ, кинилэри алмаас промышленноһыгар угуйууга улахан болҕомтобун уурабын. Ол туһунан мунньахтарга аһаҕастык хаста да эппиттээхпин.
– Итини сорох ыйытыллыбыт дьон омугумсуйуу чахчыта диэбиттэрэ, – барытын бэрт сэргэхтик истэн олорор инструктор тыл кыбытаат, бастаан, Миряев, онтон Горнаков диэки көрдө.
Онуоха аны Горнаков мүчүйэн, эттээх сонтойбут муннун ньухханна.
– Бука, эйигин бэйэбит киһибит, нуучча диэн, бэйэлэрин диэки тардарга дьулуспут буолуохтаахтар.
Инструктор тута кэҕис гынна.
– Испэр инньэ дии санаабытым. Ол гынан баран, санааларын ситэ эттиннэр диэн буойа саҥарбатаҕым. Истэн эрэ олорбутум.
– Сөпкө