Дабаччыма

Атыыһыт Кырбаһааҥкын


Скачать книгу

сиртэн-халлаантан ыйаахтаах, сибиэт дойдутуттан силистээх-мутуктаах Үрүҥ Айыы Ойууна олорон ааспыта үһү. Бу ойуун оруобуна 100 сааһын туолан баран өлбүт. Ол усталаах-туоратыгар кыыбаҕа ыарыылары кыйдыы, улахан уоспаны да уостуганныы олорбута үһү. Дьэ бу маннык дьикти устуоруйалаах ытык сиргэ төрөөн-үөскээн, олорон ааспыт эбит саха сирин биир дуулаҕа баайа Н.О. Кривошапкин кырдьаҕас.

      Кырбаһааҥкын баай төрдүн-ууһун ахтар буоллахха: кини хос эбэтэ ол Бордуулаах Удаҕан диэн. Бордуулаахтан Онтойор диэн уол төрүүр. Бу уол улаатан, ситэн баран Уоһук диэн уолу төрөппүт. Уоһук эмиэ ситэн, ойох ылан, ыал буолан баран, син балайда байбыт. 350-ча ынах, сылгы сүөһүлэнэн Орто Алыыга олорбут. Ньукулай, Охонооһой уонна Уйбаан диэн үс уолу, Афимья, Прасковья, Мавра, Анисия диэн түөрт кыыһы төрөтөн, барыларын ыал оҥортоон баран өлбүт. Ньукулай диэн сэһэммитигэр киллэрбит улуу баайбыт. Кини инитэ Тыыллар Охонооһой син байан баран, сиэбигэр биэс харчыта суох буолуор диэри эстэ арыгылаан, хаартылаан, дьадаҥытык олорон өлбүтэ үһү. Онтон үһүс уол Уйбаан байбатах, көннөрү бэйэтин сөпкө көрүнэн ыал буолан олорбут, ойох ылан Сэмэн, Ньургул, Охонооһой, Бугдуун, Бүөтүр, Бүөтүр 2 (Саха Бүөтүрэ), Омукаан Ыстапаан, Ньукулай уонна Өндөрөй диэн барыта тоҕус уолу төрөтөн, улаатыннаран, киһи-хара оҥортообут. Ол оннугар инилэрэ иккиэн оҕону-урууну төрөппөтөхтөр, балтылара Мавра биэс оҕолонон Өймөкөөҥҥө олорбут. Төрдүбүт-ууспут дьэ ити курдук.

      Сайын барахсан саха киһитигэр саамай күндү кэм. Ол эрэн кылгаһын, түргэнник элэс гынан ааһарын эриэхсит. Дьон барахсан өҥүрүк куйааска тутуу былдьаһан сылгыларын, сүөһүлэрин иитээри күөх оту сомсолоһон оттоон-мастаан хаалааччы. Инньэ гымматаҕына уһун кыһыҥҥа баар-суох баайын-дуолун ким көрөн-харайан, аһатан-сиэтэн кыстыгы туоратыай? Дьэ ити курдук күүрээннээх күннэри баттаһа киһи эрэ барыта күүстээх үлэҕэ турунар. Ол кэннэ саҥардыы уоскуйан, дуоһуйан эрдэхтэринэ, көмүс күһүн күөйэ түһэн көстөн кэлэрин кытта, хаһыҥнар, бастакы тоҥоруулар саҕаланаллар. Арай Ньукулайдаах кыраларыгар бырааттара Охоноос, Уйбаанчык буолан Индигиир өрүскэ киирэн сөтүөлээн чомполоноллоро, моҕотойдоон сүүрэллэрэ-көтөллөрө. Ардыгар хонуу уутугар чычаас, сылаас ууга сөтүөлээн күннэрин барыыллара. Оччолорго сайылык оҕолоро ким төһө элбэх моҕотойу бултаһарыгар куоталаһан кэрии тыаны кэрийэллэрэ, ходуһа күрүөлэрин эргийэллэрэ, онно тиритэн-хорутан киэһэ аһылыктарын да умналлара. Ону төрөппүттэрэ мөхпөккө-эппэккэ, хата эбии атаахтатан, ачаалатан ииппиттэрэ. Баҕар ол оҕо этэ-сиинэ сөптөөхтүк сайдарыгар, өйө-санаата көҥүл хайысхаланарыгар төһүү буолбута буолуо. Онтон ити дьоҕур барыта киһи оҕо эрдэҕиттэн саҕаланара баар суол. Ньукулай улаатан истэҕин аайы доҕотторуттан күүһүнэн-уоҕунан, кытыгыраһынан хаалсыбат буолан испит. Ол курдук түү мээчигинэн бырахсыыга, аттаах сырсыыга, харбааһыҥҥа, кулуну тутан сэлииргэ тэҥнээхтэриттэн хаалсыбат буолар. Дьылыгырас үрдүк уҥуохтаах, сырдык ыраас хааннаах, бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх