Дабаччыма

Атыыһыт Кырбаһааҥкын


Скачать книгу

ботуруон. Сибиниэһэ үстүү бууттаах, хардаҕас курдук быһыылаах балбаанканы ат икки өттүгэр ыҥыырдыллар. Кирпииччэ (дьуола) чэй биир киппэҕэ 48 устуука киирэр, эмиэ үстүү бууттаах киппэ, ат икки өттүгэр ыҥыырдаллар. Итини таһынан билээгэлээх арыгы, табах, саахар, үрүҥ бурдук (курупчаакы), арсыынай таҥас арааһа: даба, сиидэс, билиис, солко уо.д.а. бааллар.

      Онтон кыһынын үксүгэр кини эмиэ итинник күндү түүлээҕин хомуйан ыраах Охуотскай муора биэрэгэр турар Айаан диэн кэлии-барыы, атыы-тутуу тэнийбит дойдутугар тиийэн батарар. Дьокуускайга айаныгар тыһыынчаттан тахса биэрэстэни үксүн атынан саас, күһүн сылдьар эбит буоллаҕына, Айаанҥа диэри алта сүүсчэкэ биэрэстэни үксүгэр күһүөрү кыһын таба көтөлүнэн айанныыр. Бу эмиэ олус кутталлаах, наар адаар таас хайаларынан тулалаабыт айан суолугар дэбигис киһи санамматын ыарахан олохтоох, тулуурдах табаһыт эбээннэри кытта уонунан сылларга алтыһан, доҕордоһон эрэ кыайа туппута. Ол курдук былыр-былыргыттан таба иитиитинэн дьарыктанар эбээннэр Өймөкөөн сиригэр Үчүгэй уонна Сордоҥноох нэһилиэктэринэн киэҥник тэнийэн олороллор. Ордук чуолаан Үчүгэй, Күбэмэ, Аҕыйакаан, Орто Балаҕан, Кураанах Салаа диэн миэстэлэринэн балайда элбэх табалардаах ыстаадалар бааллар. Бу олус дьоҕурдаах, табаларын батыһан өрүү сиртэн сиргэ көһө сылдьан иитэр хоһуун дьонноох норуоту кытта Ньукулай үчүгэйдик доҕордоспута, кинилэр астарын-таҥастарын тэриниилэригэр, ордук сааларын-сэптэрин булуналларыгар атыыһыт бэрт элбэх сыратын-сылбатын уурбута. Өрүү көмөлөһөр, ылсар-бэрсэр буолан, кини тыһыынча кэриҥэ кэтэх табаны ииттэрэр, онтунан ыраах айанныырыгар солбук табалардаан отучча, ардыгар түөрт уонча көтөлүнэн адьас эрэллээх, кыайыгас-хотугас табаһыт уолаттары илдьэ барар.

      Онуоха хата биир улахан өйөбүлүнэн бу Өймөкөөнтөн тиийэн Охуотскай биэрэгэр олохсуйбут эбээннэр уонна сахалар бааллара буолар. Манна Оротук уонна Сэйимчээн диэн нэһилиэктэргэ хас биирдиилэригэр иккилии сүүстэн тахсалыы киһи олохсуйан олорор. Кинилэр хас эмэ көлүөнэ ыччаттар үөскээбиттэриттэн сэрэйдэххэ онно тиийбиттэрэ сүүһүнэн сыл анараа өттүгэр быһыылаахтар. Ону түөлбэлээн олорбут сирдэрин ааттара да туоһулуур: Саҥа Толоон, Бөрөлөөх, Тэҥкэ, Сордоҥноох, Эмтэгэй, Буор Ылбыт, Луоскалаах, Адаҕалаах, Сэйимчээн, Тааскаан, о.д.а. Онон Кырбаһааҥкыннаах атыыһыттыы тиийдэхтэринэ ол биир дойдулаахтарын быһа ааспаттар, кинилэргэ ырбыт табаларын солбуһуннаран, сынньатан, таһаҕастарын уурдаран, хонон-өрөөн ыалдьыттаан ааһаллар. Анараалар да дойду сириттэн кэлбит доҕотторун, аймахтарын туох баалларынан-суохтарынан көрсөн ыалдьыттатан, аһатан-сиэтэн, сынньатан атаараллар.

      Ньукулай атыыһыт табаһыттар сыралаах үлэлэрин өрүү сыаналыыр буолан дьонун кытта сөптөөҕүнэн көрөн төлөһөр. Итиниэхэ кини Охуотскайга айанныырыгар Сордоҥноох табаһыттарыгар көрдөрөн туруорар табаларын өрүү кэтээн көрөр, кэмиттэн кэмигэр хонтуруоллаан кини көлө табаларын туруктаах илдьэ сылдьалларын ирдиир. Тоҕо диэтэххэ үчүгэй көлө табанан айанныыр букатын