Дабаччыма

Атыыһыт Кырбаһааҥкын


Скачать книгу

эбэтэр хонуктарыгар хобордооххо ыһаарылаатахтарына сибиэһэй балык курдук тиллэн кэлэр, олус тотоойу буолар. Аны биир олус минньигэс, мааны астарынан буосса буолар, маны айанньыттар таптаан илдьэ сылдьааччылар. Тарыҥ Үрэххэ саас аайы өрүстэр, үрэхтэр халааннаан тахсан чугастааҕы күөллэри толороллор, онно кыра балык тахсан күөл былыыгынан аһаан уойар. Дьэ оччотугар балыксыттар сыа балыгы (ньоҕору), майаҕаһы анаан-минээн бултаан ууттан таһаараат буһаран, хоргунун баһан ылан тууйастарга туспа мунньаллар. Оттон этин маска тиирэн баран күн уотугар хатаран буосса диэн ас оҥороллор. Айаҥҥа бардахтарына буоссаны тирии халаабыска, эбэтэр матаҕаҕа кутан илдьэ сылдьаллар уонна миин курдук хобордооххо сылытан баран минньигэстик тото-хана аһыыллар. Ити астары Ньукулай тэрийэн, кэргэнэ үтүө Даарыйа кэтэбилинэн астаан-үөллээн, хаһаанан, ыраах айаҥҥа туһаналлар. Ити астар үксүлэрэ бу Өймөкөөн, Халыма диэки туһаныллаллар. Аны іссө ыраах айанньыттарга сибиэһэй амтаннаах аһылыгынан тайах, таба кыыллар хатарыллыбыт эттэрэ буолаллар. Манныгы булчуттарга, табаһыттарга этэн бэлэмнэттэрэллэр. Онуоха булду уҥуоҕуттан арааран баран этин оргуйа турар ууга уган хаҕылыйыар диэри тас өттүн буһаран ылаллар, оччотугар иһэ сиикэй сылдьар. Ол кэннэ анал тимир эрэһээҥки үрдүгэр ууран баран анныгар уот оттон, ыйааһынын чэпчэтэн хатаран баран дьиэҕэ аҕалан сөрүүн ампаарга ыйаан айаҥҥа бэрэмэдэйгэ уга сылдьан наадата кэллэҕинэ буһардахтарына адьас сибиэһэй, минньигэс амтаннаах, тотоойу буолар.

      Биир үтүө күн Ньукулай Массакыны кытта Сордоҥнооххо тиийэн Сэмэннээйи Атылааһабы, Бүөтүччэ Мөлөкүүрэби, Сэмэнньэ Куруомабы илдьэ түөрт уонтан тахса көтөл табалары ньуоҕулаан, ыраах Охуотскайга аттаннылар. Сүрүн сирдьиттэрэ Сэмэнньэ ханнык да бэйэлээх ыарахан түгэҥҥэ киэҥ-холку, миҥэлэрэ үксэ киниэхэ айааһаммыт уучахтар. Бу көтөл табалар бөдөҥнөрө, күүстэрэ-уохтара олус µчµгэй. Өймөкөөн табалара, биирдэ баран эттэххэ, туундара табатынааҕар быдан үрдүктэр, кыахтаахтар. Барахсаттар харахтара бүлтэһэн, сааллара туолан, самыылара төгүрүһэн төһө баҕарар айанныах курдуктар, – дии саныы турда Кырбаһааҥкын бааллан турар табаларын имэрийтэлээн ыла-ыла, – сотору бу табалар барахсаттар бытархан тымныыны баардаабакка үрэхтэри, өрүстэри батан, таас хайалары уҥуордаталаан инньэ сүүрбэччэ күн айаннаан Охуотскай муораҕа элэҥнэтэн тиийиэхтэрэ турдаҕа…

      – Чэ, доҕоттоор, айанныаҕыІ! – диэбитинэн Сэмэнньэ бастаан баран Куйдуһун үрэх сымнаҕас хаарын күдээритэ ыһан тус илин диэки хайысханы тутуста, атыттар кинини батыстылар. Үрэх икки эҥээринэн эҥсиллэн, хоҥкунаан, хоболор тыастара ыраахха тиийэн симэлийэ сүппүттэрэ. Ньукулайы ортоку балайда бөҕө-таҕа, сиэдэрэйдиҥи соҕус оҥоһуулаах наартаҕа олордубуттара. Өр-өтөр буолбакка табалар тамайа сиэлбиттэрэ, тымныы салгыҥҥа кинилэр итии тыыннара үрүҥ буруо буолан бургучуйан хаалбыттара.

      Ньукулай табалар түргэн айаннарыгар бигэтэн анал оҥоһулаах наарта кэлин биттэҕэр өйөнөн муннун