Дабаччыма

Атыыһыт Кырбаһааҥкын


Скачать книгу

мэнэйдэһии тэриллэн эрэрин бэлиэтии көрдүлэр. Онно чукча, юкагир, ламут, эбээн омуктар мустан кус-хаас тойугун түһэрэн эрэллэр эбит. Ол иһигэр тэрийээччилэр араас оонньууну-көрү, арыгыны-аһы, чэйи-табаҕы туох баарынан тардыбыттар. Үгүстэр кырса тириитин, араас суол балык аһы, көтөр булдун, быыһыгар мамонт аһыытын атыылыы сатаан улаханнык саҥара, далбаатана, дьон болҕомтотун тардаары хаһыытыы-ыһыытыы да тураллар. Ким эрэ атыылаһан үөрэр-көтөр, ким эрэ туохха да тиксибэккэ дьаарбаҥканы салгыы кэрийэр.

      Ньукулай итини барытын элбэхтэ көрөн-истэн билбит дьыалата. Кини хаһан да иҥсэлээх-оботтоох атыыһыкка маарыннаабат буолара. Ол курдук табаардарын дьаарбаҥка сыанатыттан намыһах соҕус гына тутара, аны кини түүлээҕэ үксүгэр туруга үчүгэй буолан хамаҕатык барара. Өссө үгүс баайдар кини кэлбитин биллэхтэринэ, кэпсэтэн, дуогабардаһан табаарын куулунан ылаллара, онтон кэлин оҕонньор бүтэн барбытын кэннэ, лааппыга таһааран үрдүк сыанаҕа атыылыыллара. Ол ити дьаарбаҥкалар суруллубатах сокуоннара этэ. Икки өттүттэн көдьүүстээх эргинсии – эргиэн сүрүн быраабылата. Ньукулай атыылыырыгар мэлдьи кичээҥи, сэрэхтээх, аһара барыыта суох буолан, кимиэхэ да албыннаппат этэ.

      Кырбаһааҥкыннаах уонтан тахса хонук дьаарбаҥкаҕа сылдьан, түүлээхтэрин үксүн батаран, сороҕун мэнэйдэһэн саа-сэп, буорах, бурдук, чэй, табах, таҥас, иннэ, чаанньык, о.д.а. тэриллэринэн байан, кэлбит соруктарын ситиһэн, ону-маны көрө сырыттылар. Дьон маҥнайгы күннэрдээҕэр быдан аҕыйаан, үксэ харчыта кыра, эбэтэр төрүт да суох, аҥаардас кырсаны эрэ тута сылдьар табаһыттар эрэ ордубуттар быһыылааҕа. Олор да ол-бу түгэннэргэ түбэһэн, иһэн- аһаан, сирэй-харах холлубут дьоннор курдуктара. Арай кинилэри кытта аттыларыгар бэйдиэ сылдьар ыттар иилэҥкэйдэһэллэрэ. Сороҕор араас сүүлүктэр эмиэ көстүтэлииллэр, кинилэр дьону албыннаан, арыгылатан, тылларыгар киллэрэн туох эмэ ордубут табаардарын босхону үрдүнэн мүччү туттаран ылаллара. Туһугар эмиэ туспа талаан, сатабыл диэтэҕиІ, дьону албыннааһын, сүүлүктээһин. Ол барыта манна баар.

      Бүтэһик күннэргэ дьаарбаҥка таһыгар турбут түһүлгэлэр сыбыдахтанан, хомуллан, атыыһыттар баран-кэлэн, иҥэн-сүтэн бардылар. Аны олор чугастарыгар турбут табаһыттар, булчуттар тордохторо, эмиэ көтүрүллэн аҥаардас баҕаналар уонна сис мастар эрэ онно-манна чочоруһан, адарайданан хааллылар. Хата олорго «бу биһиги баарбыт» диэбиттии муора хоптолоро кэлэн түһүтэлээн истилэр.

* * *

      Ньукулай атыыһыт, ол-бу дьиэҕэ-уокка, олоххо-дьаһахха туһаныллар тимир тэриллэри төһө да Дьокуускайтан аҕаллар, ордук анньыы, мас хайытар сүгэ, хотуур, кыстык курдук тэриллэр олохтоохторго өрүү тиийбэт буолан, маннааҕы дьон-сэргэ Чабылаан Ууска, эбэтэр Муттук Ууска эрдэттэн үлэһэн оҥортороллор. Оттон адьас былыр сайдыы суох үйэтигэр бу түҥкэтэх хоту дойдуга тимири олох да булбаттара. Хата, дьолго, бу Индигиир өрүс икки хочолорунан иҥиэттэр таас хайаларга тимир уһаарыллар тааһа кыралаан да буоллар баара тимир уустара сайдалларыгар