өлгөм отунан долгулдьуйа көрүстэ.
Ким эрэ охсооччулартан: «Оо, дьэ, аатырыан аатырбыт эбит, Булуустаах эбэ, нөрүөн-нөргүй буоллун! Эн киэҥ көхсүгэр бу бүгүн дууһабыт иэйиитинэн сирдэтинэн ааттаахтары кытта алтыһаары, бэртэри кытары бэһиэллэхтэһээри, иҥиирдээхтэри кытта иилэҥкэйдэһээри кэллибит. Атыҥырыы көрсүмэ, бэртэх буолан мичилий!» – диэн саҥаран субурутан баран былаҕастабыы охсунна уонна хотуурун таҥас сабыытын сүөрэн иирэ талах төрдүгэр тиийэн өйөннөрү уурда.
Сотору күүлэй дьоно бары мустубуттарын кэннэ, Ньукулай атыыһыт кэргэнэ Үтүө Даарыйалыын кэккэлэһэ туран охсооччуларга туһаайан:
– Дьэ, доҕоттоор, өр күүтүүлээх күүлэйи тэрийэр кэммит тиийэн кэллэ. Халлаан да анаабыт курдук күнү бэлэхтээтэ, кыттааччылар да кэлэ сатаатылар. Билиҥҥи туругунан 42 охсооччу ходуһаҕа илин-кэлин түсүһүөҕэ. Бириистэрбит да куһаҕана суохтар. Өссө саас Аллараа Новгородтааҕы киэҥ Арассыыйа атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар кытта сылдьан от охсооччуга аналлаах сэби-сэбиргэли аҕалбытым, олор истэриттэн бүгүн аҕыс ааттаах бастыҥ охсооччуларга буускап хотууру уонна үс түргэн, икки эдэр, икки саастаах охсооччуларга туттарыаҕым. Онтон сорохтор кыстык, өтүйэ, аалыы таас, о.д.а. тэриллэргэ тиксиэхтэрэ. Дьэ, онон кытаатын, эрэттэр, ким күүстээх, уһун тыыннаах – ол кыайдын!
Ити кэнниттэн алгысчыт Арамаан ходуһа саҕатыгар аал уоту айах тутан аһатан, алҕаан баран үрүҥ сылгы сиэлинэн, арыылаах алаадьынан айах тутта:
«Аал уотум иччитээ, Хатан Тэмиэрийээ!
Күөх быйаҥтан сомсоору Күүлэй тэрийэн эрэбит,
Хороҕор муостааҕы хойуннараары,
Сыспай сиэллээҕи сырыһыннараары,
Уйгулаах олоҕу унаардаары,
Аймах-билэ дьоммутун аһатаары
Алгыспытын түһэрэн эрэбит, Дом!..»
Онтон сотору охсооччулар аллараа сиккиэр тыалтан долгулдьуйар хойуу оттоох ходуһа кытыытыгар мустан бэлэмнэнэн киирэн бараллар. Илиилэрин-атахтарын мускунан, хас эмэ абырахтаах халыҥ даба соннорун сыбыдахтанан, хаһааҥҥыта эрэ туус маҥан ырбаахылара киртэн-хахтан дьүүлэ-дьаабыта көстүбэт буолбутун кэтэн хаалаллар. Охсуохтаах сирдэрин чинчийэн көрдөхтөрүнэ, сорох сирдэринэн кытаанах кылыс, ардыгар хопто тыла диэн дэбигис хотуур кыайбат отторун тэҥэ боруу булкаастаах сиппит кулун кутуругун хараҥатыҥы төбөтө харах ыларын тухары тэнийэн, ырааттар-ыраатан хатыҥ мастардаах халыҥ тыа саҕатыгар тиийэн анньыллар…
Өр-өтөр буолбат, тэрийээччилэртэн Үстүүн Атылааһап: «Чэ, саҕалааҥ!» – диирин кытта куоталаһааччылар утуу-субуу киирэн сытыы хотуурдарынан куһуйбутунан бараллар. Дьиҥэ, бириэмэ да эрдэ. Сарсыардааҥҥы күн үрдүк тииттэр төбөлөрүттэн саҥа тэмтэйэ ойон тахсан эрэрэ. Аны күнүскү омурҕан уонна түөртүүр минньигэс аһылык кинилэри күүтэрэ. Томтортон кэлбит Кырыы Дьарааһын хайа да күн эдэрдэргэ иннин биэриэ суоҕа эрдэттэн биллэр курдуга. Кини уруккуттан удьуор күүстээх Атастыыраптар сыдьааннарыттан тардыылааҕа. Дьарааһын, өрүү буоларыныы, ааттаахтары кытта аат былдьаһарыттан, күүстээхтэри