Дабаччыма

Атыыһыт Кырбаһааҥкын


Скачать книгу

арба омурҕаммыт да чугаһаатаҕа. Ол иһин тэрийээччилэр итинник эргиттэхтэрэ. Үһүс эргиирдэрэ буола оҕустаҕа. Дьэ хата бу үлүгэрдээх киэҥ дуолу тулутуохтара суох. Кырбаһааҥкыммыт адьас сөпкө дьаһайбыт, ходуһатын киэҥ көхсүн бүтэртэрэн кэбистэҕинэ, отун сүрүн үлэтин түмүктүүһү…

      Омурҕаҥҥа тахсыбыттара, сыалаах эт дэлэччи тардыллан күөх окко тэлгэтиллибит. Арыылаах саламаат көһүйэлэргэ сойутуллан турарын отчут дьон хамыйаҕынан ылан сиэн тунахтаан бардылар, ол кэнниттэн дьон сыалаах эти тэллэччи быһа-быһа ыстаан ыллаҥнаттылар.

      – Оо, хата, бу эппит сымнаҕас баҕайы эбит! – дии-дии Кырыы Дьарааһын эти минньигэстик ыстаталаан дьүккүк гынан ыйыста олордо.

      – Дьэ, үлэһит киһи аһастаах буолар баҕайыта, бу Дьарааһын биир күүлэйгэ сап-саһархай сыалаах сылгы үс ойоҕоһун биирдэ тиниктээн кэбиспитэ. Онто сэниэ биэрдэҕэ буолуо, ол сырыыга кини күүлэйгэ эмиэ миэстэлэһэн турардаах.

      – Оҕонньор, сураҕа, эн эмиэ эдэргэр охсор үһүгүн дии, ити хотууру сатаан оҥостууттан улахан тутулуктаах дииллэр, миэхэ барыта биир курдук дии? – чугас турар Дьөгүөр Дьэкиимэп ыйыталаһар.

      – Ээ, мин диэн, урукку кунайдар бааллара, киһи киэнэ кииллээхтэрэ, охсоочу киэнэ хоннохтоохторо. Ити охсууну үс сүрүн күүс быһаарар – илии күүһэ, сис күүһэ уонна сарын күүһэ. Дьэ олору сөптөөхтүк дьүөрэлэһиннэрэн оҕустахха киһи төһөнү баҕарар охсор куолута. Холобур, кыбыс-кытаанах бэттиэмэ окко илииІ күүһүн туһанаҕын, оччотугар икки күүһүҥ сынньанан ылар. Аны кэбирэх уу отугар санныҥ күүһэ сөп буолар. Онон ханнык өттүттэн, сириҥ ньууруттан көрөн охсуохтааххын. Олус имиллэҥнээн, түллэҥнээн оҕустаххына биир күҥҥэ күүскүн эһиэххин сөп. Сорох отчуттар хотуурдарын угун эриллэ хаппыт үөт мастан оҥостоллор, оччотугар хотуур уга эриллэҕэс, мэтэҕэс буолар. Хотуурун укка олортоҕуна, хотуур биитэ бакыр буолар, ол охсорго өссө үчүгэй.

      – Оо, тоҕо мындырдарай, былыргы дьон барахсаттар. Ол иһин да оту-маһы кыайан эрдэхтэрэ.

      – Оннук-оннук. Төрүкү хотуур биитэ сир кырсын кытта биир тэҥ хайысхалаах буолуохтаах.

      – Кырдьык да бэрт кэпсээни иһитиннэрдиІ, – уол ходуһа диэки хайыста.

      – Бай, оннук буолумна, онтон биир ханнык эрэ күүлэйгэ Күүстээх Киэсэ диэн бухатыыр көрүҥнээх киһи тоҕус хамыйах сыа саламааты сиэн турбута эбитэ үһү. Оччотооҕу биир хамыйахтара биир көһүйэ истээх үһү, дьэ санаан көрүҥ эрэ, төһө аһастааҕын.

      – Оо, дьэ эмиэ кырдьык аһастаах уол оҕото эбит…

      – ?

      Итинник кэпсэтэн, аһаан-сиэн баран бүтэһик сырыыга киирии саҕаланар. Күн арҕаа тыа саҕатын диэки салаллан сыралҕана арыый мөлтүү охсубут, онуоха эбии хоту хайа диэкиттэн сөрүүн салгын илгийбит, үлэлииргэ бэртээхэй киэһэ үүммүт.

      Омурҕан кэнниттэн кунайдар күрэстэрэ өссө күүскэ тэтимирэн саҕаланар. Били Дьарааһыннаах түөрт-биэс киһи буолан биир хотоҕос курдук субуруспуттарын кубулуппакка түһэ тураллар. Кинилэр кэнниллэриттэн кыра соҕус арыттаах Хоточчу Хотуоһаптаах айаннаабыттар, бу бөлөххө арыый эдэр охсооччулар мустубуттар.