Дабаччыма

Атыыһыт Кырбаһааҥкын


Скачать книгу

тутар уонна чинэрис гынан түллэн ылар. Утарылаhааччыта Хаамыска икки илиитин холбуурун кытта тэрийээччи киhи «чэ» диэн хамаанда биэрэр. Сонно тута икки өттүттэн кытаанах чиччигинэhии буолар, иҥиир тыаһа лаґыгырыыр. Көрөн турааччылар маҥнай суугунаhыах курдук буолан иhэн ах бараллар, ким эрэ «кытаат-кытаат», «тулуй-тулуй» диэн истэриттэн ыган таhаараллар. Тэбинэр мастара икки күүстээхтэр бүгүллэҥнээн хамсааhыннарыттан оннуттан сыҕарыйбытын тутан олорооччулар кыайбакка ынчыктаhаллар. Ол кэмҥэ Хаамыскалара кытарбыт сирэйэ ыгыллан, устунан муннун анныттан хаан быгыалаабытын дьон көрөн: «ТохтотуІ-тохтотуҥ, киhигит хаана барда», – диэн тохтотон, кыайыыны Күүстээх Дьөгүөссэҕэ быһа биэрэллэр. Салгыы Дьөгүөссэ барыларын кыайан бастаан тахсар.

      Ити кэнниттэн атах оонньуута саҕаланар. Аан бастаан кылыйсыы, онтон ыстаҥа, куобах оонньуулара ыытыллар. Онно үксүгэр Томтор уолаттара күннээтилэр, үс аҥаардыы ыллар хаамыылаах уон биир туоска Куола Мөлөкүүрэп, Бэһэл Дьөгүөрэп уонна Уйбаан Ностуруойап утуу-субуу миэстэлэргэ тиксэн сыалаах мүһэ тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Ити кэнниттэн хапсаҕайдаһан тустуу саҕаланар. Онуоха хотторбут бөҕөс туораан иһэр буолан, күрэхтэһии бэрт судургутук, улахан мөккүөрэ суох баран истэ. Уолаттар курданалларыгар диэри сыгынньах, сыалдьалаах сылдьан араас хамсаныыларын албастаһан охторсоллор. Арай Үчүгэй тустууга Куруомап Сордоҥноох уолун Халдьыа Хаабыһабы тарбахтарыттан ылан сыһыары тардаат, моонньун холуоккалаан ыксатар, онтон сыалдьатын бүүрүгүттэн харбаан бүдүрүтэн сири булларар. Кэмниэ-кэнэҕэс икки бөҕөс – Өймөкөөнтөн Көөскө, Тарыҥтан Сэмэнньэ хаалаллар. Дьэ, кырдьык да иккиэн быһыы-таһаа чахчы мааны уолаттара буолан ыһыах дьонун болҕомтотун тартылар. Арай Сордоҥноохтон сылдьар Миитэрэй Дээгилэп уонна Үчүгэйтэн кэлбит Дайыыла Баайыһап ким кыайыаҕар мөккүһэн сакалааттаһан турдулар.

      – Чэ, мин Сэмэнньэни ылабын, дабаай уксуохха.

      – Кырдьык этэҕин дуо? Мин Көөскө диэки буолабын, холоон кыайыаҥ, – диэн кыһытыһа турдулар.

      – Сөп, чэ, оччоҕо ким кыайбыт үстүү тииҥ тириитигэр киирсиэххэ, – Дайыыла булчут киһи эрэмньилээхтик этинэр.

      – Чэ, сөп, сөбүлэһэбит, – Миитэрэй киһитин илиитин ыга тутар уонна хайалара эрэ аттыгар турарыгар быстарар.

      Сотору хапсыһыы саҕаланар да, уолаттар тэбис-тэҥҥэ эрийсэллэр, иҥиирдэрин тыаһа лаһырҕаан олорор. Ону көрөн Дайыыла:

      – Оо, дьэ, тэгил сиртэн тэҥнээхтэр көрсүспүттэр да, мин Сэмэнньэм арыый күүһүнэн баһыйарга дылы. Кытаат-кытаат!

      Итини истибиккэ дылы Сэмэнньэ харса суох кимэр, онтон аллараттан кууһан ылаат, түөһүнэн көтөҕөн таһаарар да, уола халбарыс гынан мүччү көтөр. Онуоха тарыҥнартан ким эрэ:

      – Дьэ, хаарыан уолбутун кыайаары гынна-аа! Кытаат! Ити Көөскө бэйэ ыккардыгар биирдэ эмэ туһуннахпытына халбархайа бэрт буолан тулутааччыта суох. Дьиҥэ туруору күүһүнэн киһи киирсэр киһитэ, ол гынан баран сылбырҕата, түргэнэ бэрт буолан хайдах охтубуккун соһуйан эрэ хаалаҕын. Дьэ, дьикти тустуук! Арай букатын кыараҕас сиргэ-уокка киһи хам тутан