сыста саһыл иитэр ампаар баар. Дьиэ иһэ былыргы ыал олорорун курдук. Онно-манна талах олоппостор иҥнэритэ түспүттэр. Оһоҕо сууллубут. Оһох иннинээҕи кырыыһаҕа сүгэ уга, хотуур, дүлүҥкэскэ кыстык бааллар. Хаҥас диэкки кыра төгүрүк остуолга ытык, хайдыбыт хамыйах, долбуурга хайдыбыт мэһэмээннэр тураллар. Хоһун иһигэр мас ороҥҥо таҥас сытар быһыылаах. Ороҥҥо сыста уулан хаалбыт. Үөһээ кырыыһаҕа эмиэ таҥас ыйаммыт быһыылаах. Илби сытыйан, ньолҕойон турар.
Хаҥас диэкки сыста тутуллубут саһыл ампаарыгар киирэбин. Хабыс-хараҥа. Кубарыччы, хайыта хаппыт ыаҕайалар, мэмэһээннэр кубарыһа сыталлар. Киһи куттаныах ынырык дьиэтэ!
Манна, ити таҥастаах хоско, Чучуһу Ньукулай саамай үчүгэй, ылгын кыыһа, кыһыҥҥыга олорон кэлэн, бэйэтин хоһугар ыйанан өлбүт. Онтон бэттэх бу дьиэҕэ ыал олорботох.
Дьиэттэн ыраах соҕус, үрдүк сиргэ икки ампаар баар. Биирэ хатааһыннаах. Хаһан эрэ, 70-ча сыл анараа өттүгэр, хатаммыт күлүүс. Дьэбин быһа сиэбит. Биирдэрэ аһаҕас, аана да суох. Булууһа сиҥнибит. Кыһыҥҥы өтөх эмиэ үрдүк сиргэ турар. Тулата оччотооҕуттан турар. Былыр туоһа хаҕыламмыт кырдьаҕас хатыҥнар, ону бэтэрээ өттүнэн эдэр хахыйахтар, өтөх диэкки сырсан эрэр оҕолор курдук, үмүрүччү үүнэн эрэллэр. Дьиэтин көһөрөөрү көтүрбүттэр. Ампаардаах. Дал, кыбыы, остолбо бөҕө баһаан. Сааскы диэн кыараҕас соҕус өтөх дьиэтин, хотонун онно да суох. Уот сиэбитэ дуу, хайдаҕа дуу? Ампаара хатааһыннаах. Ампаар быыһынан көрдөххө. Торбуйах тириитэ, тайах баттаҕа долбуурга аргылана ууруллубуттар, түүлэрэ дэлби ыһыллыбыт. Ыйанан турар куобах тириитин түүтэ сиргэ тохтон хаалбыт. Бука, көйүүр кыймаҥнаан, тириитэ нэһиилэ иҥнэн эрэ турар быһыылаах. Оо, хас сыл итинник туруохтарай уонна турбуттара буолуой?!
Антонина Петровна Борисова. Бүлүү, Мастаах. 1966 с. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
ДЬАЛКЫҤДА
Аатырбыт улахан эбэ күөл. Бу күөл дьиҥнээх аата Дьалкыҥда диэн. Ону кырдьаҕас дьон олох ааттаппаттар. Биир-икки сыллаахха диэри кини дьиҥнээх аатын билбэт этибит. Ыйытабыт да, ким да эппэт. Онтон биирдэ, окко сылдьан, биир оҕо: «Бу күөл аата Дьалкыҥда үһү», – диэбитигэр Мыйа диэн кырдьаҕас дьахтар быһа тарда сыспыта.
Наталья Бакарова. Бүлүү, I Чочу. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
НООЛУР ЫТААБЫТ
Ноолур Ытаабыт – I Чочу оттуур ходуһата. Бу ходуһаҕа былыр Ноолур диэн баай киһи, хаартыга элбэх сүөһүтүн сүүттэрэн баран, биир улахан баҕайы харыйа мас үрдүгэр тахсан ытаабыт. Уонна өссө ол харыйатын төбөтүн суорбут үһү. Ол иһин бу сири Ноолур Ытаабыт диэн ааттаабыттар.
Юлия Алексеева. Бүлүү, Баппаҕаайы. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
МААРЫЙА КҮӨЛЭ
Маарыйа Күөлэ манныктан ааттаммыт. Былыр ити сиргэ быстар дьадьаҥы оҕонньордоох эмээхсин олорбуттара эбитэ үһү. Кинилэр итиннэ баар күөлтэн балыктаан сиэн олорбуттар. Онтон олох кэнники балыктара киирбэт буолан барбыт. Кэлин, аны тугу да аһыыллара