сөп этэ. Мин кырдьан хааллым».
Кэлин Хаппытыан: «Поскачин кулуба инньэ диэбитигэр төбөм хаппаҕа аһылларга дылы буолбута», – диэн кэпсиирэ.
Мантан ыла Хаппытыан күөлү хорор санааҕа киирэр. Кэлин, кулуба буолан баран, Өргүөт, Тоҕус, Тааһаҕар дьонун күһүн, от үлэтэ бүппүтүн кэннэ уонна саас мунньан хордорор. Манна хороллоругар туох да хамнаһа суох, хорбут киһи, бу сир алаас буоллаҕына, онтон сир ылыа диэн этиинэн үлэлииллэр.
Биир киһиэхэ икки саһаан сир тиксибит. Дириҥэ 4–5 м кэриҥнээх гына. Буора тохтубатын диэн икки өттүттэн сындырыыстаан иһэллэр эбит. Буору тэптиргэнэн, саар ыаҕаһынан таһаллар эбит. Манна дьон: «Хаппытыан иинин хаһабыт», – дии-дии үлэлииллэрэ. Бу курдук биир биэрэстэ кэриҥэ уһуннаах хорууну 2,5–3 сыл кэриҥэ үлэлээн бүтэрбиттэр.
Ыкса күһүн бары баайдар, хорууну хаһыыга үлэлээбит дьон хоруу аһыллыытыгар мустубуттар. Хорууну хаспыттар. Уу кыайан барбатах, дьоҕойон сыккыраабыт эрэ. Онно баар кырдьаҕастар этиилэринэн, туох да бэлиэтэ суох буор хара тиҥэһэ оҕуһу сүрэҕин, тыҥатын, быарын, икки бүөрүн бырахпыттар. Уонна алгысчыт ойууну аҕалан тыл этиттэрбиттэр. Ол кэнниттэн үс хонон баран, сүрдээх күүскэ этиҥ тыаһын курдук тыаһаан барбыт. Уута Тайыллар диэн күөлгэ түһэр. Сүрдээх элбэх балык чүөмпэлэргэ олорон хаалбытын күһүн куйуурдаан сииллэр. Үһүс сылыгар ходуһа буолар. Баайдар үчүгэйин бэйэлэригэр ылаллар. Хаппытыан кулуба билигин Пятилетка Үөһэ диэн ааттанар сири ылбыт. Атыттар биэстии дьэһээтинэнэн үллэстибиттэр. Маҥнайгы сылларыгар мантан от бөҕөнү ылаллара. Бу сир, уута барарын кытта, Муоһааны аата умнуллан барар, ортотугар арыылааҕын иһин Арыылаах диэн ааттыыллар. Манна күөл уута маҥнай Тайылларга түһэригэр Тайыллар Күөл тамаҕар олохтоох ыаллар дьиэлэрин Арыылаах уута кэлэн тимирдэн кээһэр. Дьонноро тыаҕа нэһиилэ куоталлар.
Билигин Арыылаахха икки күөл онно баар: Арыылаах уонна Тамах. Арыылаах иэнэ 800 га. Оттон оттонор ходуһата 500 га этэ. Мантан 500–600 тонна оту ылаллара. Кэлин, уута суох буолан, курааннаан, сирэ барыта хара дубдук буолан хаалбыт. Дэлби хайыта хатан хаалбыт. Уонна аһыыка сиэн кэбиһэр. Ходуһатын талах, хатыҥ бөҕө былдьаабыт. Кэлин, 1965 сылга, 10 т оту да ылбыттара биллибэт. Бу бачча улахан алаас таах хаалан эрэр.
Бу күөл хоруллубута 100-чэкэ сыл буолуо диэн сабаҕаланар. Хаппытыан, онтон кини уола Ньукулааһа, онтон кини сиэнэ бандьыыт Маччааһай үйэлэрэ.
Хорууну аһарга, сорохтор этиилэринэн, уу кыайан барбатаҕын иһин, дьадаҥы оҕонньору умса анньан кэбиспиттэрэ дииллэр. Сорохтор бу күөлү хорору утарсаллара үһү. «Бачча улахан күөлү хорор сэттээх-сэмэлээх буолуо», – дииллэр эбит.
Анна Семенова. Бүлүү Бороҕоно. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
ХАҺА ЭМЭЭХСИН
Уруккута бу томторго Хаһа диэн эмээхсин олорто үһү. Бу эмээхсин иннинэ кимнээх олоро сылдьыбыттарын билэр кырдьаҕастар суохтар. Кини олоро сылдьыбыт дьиэтин онно дэриэбинэ арҕаа өттүгэр аймаҕын уһаайбатыгар баар. Хаһа эмээхсин, дьон этиитинэн, биллэр-көстөр күүстээҕэ дииллэр.