Багдарыын Сүлбэ

Үһүйээннэр, номохтор


Скачать книгу

баран, табаарыһын: «Чэ!» – диэт, Сохообут диэки ыстаммыт. Кинини ким ситиэй, ол иһин күүтэ-күүтэ аа-дьуо барбыт. Түөрэчээн тоҕус былас чиэрчимэ маамыктаны 3 көхсүгэр баанан баран сүүрдэҕинэ, ууга да, хонууга да маамыкта сиргэ тиийбэтэ үһү. Сохообукка тиийбиттэр. Ол омуктар олорор сирдэриттэн үс биэрэстэ усталаах ходуһа баар. Ол ходуһа бүтүүтүгэр улуу тумуһах баара үһү. Бу манна кэлэн, хоһуун доҕоругар эппит: «Мин анныкы буоларбын көрдөххүнэ, бэйэҥ бэйэҕин билинээр. Онтон мин үөһэ буоларбын көрдөргүн эрэ, бэрт түргэнник миэхэ кэлээр».

      Ол гынан баран, хаһыыра-хаһыыра ходуһа устун омуктарга ыстаммыт. Ону сэттэтэ ытан кэбиспит. Орпуттары барытын, ураһаҕа тиийэн, кырган кэбиспит. Доҕоро ону көрөн сүүрэн истэҕинэ, хааннаах батыйатын таҥнары тайанан баран, утары көрсүбүт: «Дьэ, атаһыам, өрөгөйбүт үрдээтэ, соргубут көтөҕүлүннэ. Сүбэбитин тыырсыах. Тоҥустан биир дьахтардарын, сахалартан биирдэрин ордордум. Дьэ, миэхэ хайатын аныыгын? Мин санаабын сөпкө эттэххинэ, үйэлээх сааспытыгар доҕордуу буолуохпут, оттон сыыһа эттэххинэ, бу батыйанан дьөлө түһүөм!»

      Онуоха доҕоро, толкуйдуу барбакка, эппит: «Эйиэхэ, сылдьарыҥ дабааннааҕынан, тоҥус буоллаҕына хайдах буолуой?»

      «Ыы, доҕорум барахсан! Дэлэ да киһи омуктартан куотуо дуо?» – диэт, доҕорун кууһа түспүт.

      Онтон Түөрэчээн Ньиндэ бэтэрээ өттүнэн сылдьыбыт, дэлби байбыт, хаста да киирэн тоҥустары кыргыбыт. Үһүс кыргыытыгар, утуйа сыттаҕына, тоҥустар, соһутан, кыһын өлөрбүттэрэ үһү диэн кэпсииллэр кырдьаҕастар.

      Ньиндэ бэтэрээ өттүгэр Түөрэчээн Күөллэрэ диэн хас да күөл баар үһү. Сохообукка ол Түөрэчээн өлтүн кэннэ биирдэ Бургумай диэн хоһуун кыргыһа сылдьыбыт уонна кыайбыта үһү. Ол кэнниттэн тоҥустар: «Иккитэ соҥообут күөлбүт, онон Сохообут диэн буоллун», – диэбиттэр.

      БУОРДААХ СУТ

      Былыр Хаҕыҥҥа дуу, Кыргыдайга дуу Сөдүөт диэн кинээс олорбут. Былыргы отчуттар саары саҕанааҕы отторун 4 атырдьах ыйын 30-с күннэрин диэки кээһэллэр үһү. Ол дьыл от кээһэ сырыттахтарына, киһи сототунан кэһэр хаара түспүт. Онон кыһыҥҥы буолан хаалбыта үһү. Сөдүөт кинээс кээспит ото төһөтө сүөһүгэ сөп буоларын кэмнээн баран, орпут сүөһүтүн барытын өлөрбүт. Сылгытын даҕаны, ынаҕын даҕаны. Хаһыыга төһө эмэ сылгыны үүрэн кээспитэ үһү. Онтон соҕотох тыһы тый эрэ ордон хаалбыт. Бары өлбүттэр. Нэһилиэнньэҕэ эмиэ эппитэ үһү: «Төһө оттооххут да, оччо сүөһүнү ордоруҥ. Орпуттары өлөрүҥ», – диэн.

      Ол дьыл суолга көрсүбүт киһи, былтарыйарыгар, хаары күрдьэн ааһаллара үһү. Ньукуола уон хонуга ааһыар диэри сыппыта үһү ол хаар. Онон үгүс ыал сүөһүлэриттэн илии соттубуттар.

      Ол сылы сахалар Буордаах Сут диэн ааттаабыттар. Хаар үрдэ хайдах эрэ буору ыспыт курдук хараара сыппыт. «Ньукуола таҥарабыт сыарҕаттан ааста», – диэн ытаһаллара үһү сүөһүлэриттэн быстыбыт дьон. Ол нөҥүө дьылыгар алыс үчүгэй дьыл буолбута үһү. Оннук дьыл буола илик диэн кэпсииллэр кырдьаҕастар.

      Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

      1 Тэҥситтэттэ –