Багдарыын Сүлбэ

Үһүйээннэр, номохтор


Скачать книгу

түһэн, өлөн хаалбыттар. Софронеев ынахтарын сүлэ сылдьан эппит: «Дьэ, Эбэ хотун, миигин оҥордуҥ. Эйигин да оҥоруоҕум», – диэн.

      Ол саас Эбэ хобуордаан турдаҕына, сарсыарда, күн саҥа тахсыыта, кур сылгы баһын уҥуоҕун кыбынан күөлгэ киирбит. Киэһэ, күн кытара киириитэ, дьиэтигэр төннүбүт. Ким да: «Ханна сырыттыҥ?» – диэн ыйыталаспатах. Ити итинник ааспыт. Ол сайын күөл уута бэрт барбах түспүт.

      Кыһыныгар Ньурбаттан биир киһи, атынан кэлэн, балыктаабыт. Бу киһи дьадаҥы ыалга хонон бултуур эбит. Кини биир сарсыарда туран түүлүн туһунан кэпсиир: «Уон ордуга икки арыылаах Эбэ күөл уута Аллараа Дойдуга таммалыыр тыаһа дыыгыныырын иһиттим». Дьиэлээхтэргэ: «Тойоннооҥ», – диэбитин, «Түүллээх киһи бэйэҥ тойонноо», – диэбиттэр. Түһээбит түүлүн кыайан быһаарбакка, саас дойдутугар төннүбүт.

      Мастаах күөл, аҕыйах уута сыл иһигэр уолан, алаас, ходуһа сир буолбут. Арай онно-манна кыра уулар ордон хаалбыттар. Күөл алаас буолбутугар олохтоох дьон сүөһүнэн улаханнык байбыттар. Ол курдук Маппый диэн киһи 700 сүөһүнү ииппит. Олохтоохтор иһэр ууларын таһынааҕы күөллэртэн оҕуһунан баһан аҕалаллара үһү.

      Уоһук Софронеев бу күөлү: «Иккитэ алаас буолуо», – диэбит.

      Былыр алаас буола сылдьыбыта ити. Билигин эмиэ бу күөл алаас күөл буолан эрэр. Кини үс арыыта, Оҥхойкоон, Бордуолаах уонна Мас Арыы, билигин тыаҕа тураллар. Оттон от арыылара аата-ахсаана биллибэт элбэхтэр. Бу күөл устата биир көстөн ордук. Оттон туората көһү арыый кыайбат. Эргимтэтэ сэттэ көс кэриҥэ.

      Мастаах диэн тоҕо ааттаммытын кырдьаҕастар мас арыыта элбэҕин иһин ааттаммыта буолуо дииллэр.

      Николай Томскай. 1964–1965 сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

      КЫЫЧЫКЫЫН 1

      Кыычыкыын диэн күөл дэриэбинэ биир уһугар сытар.

      Саха сиригэр «Кыычыкыын оҕуһун баһа буоллаҕа» диэн өс хоһоонун дьонтон үгүстүк истиэххэ сөп. Бу өс хоһоонун ис хоһооно – ас уһуннук буһуутун холооһун. Кырдьык, бу күөлгэ Кыычыкыын диэн баай киһи олорбут үһү. Ол иһин кини олорбут күөлэ Кыычыкыын диэн ааттаммыт. Кыычыкыыны бэйэтин нуучча хааннаах киһи диэн кэпсииллэр. Кини, бу дойдуга олохсуйан баран, Бэчиэттэр төрүттэриттэн баай кыыһын кэргэн ылар. Бэчиэт төрүттэрэ бэрт уһуннук баһылаан-көһүлээн олорбуттар эбит. Бэчиэт дьиҥнээх аата – Егоров Сэмэн. Ол да иһин норуот номоҕуттан Бэчиэт наследствотын туһунан иһиллэр.

      Быһыр уолун быһылаана,

      Өлөөһө кинээс өрүскэнэ

      Өтөрүнэн өһүллэрэ

      Өтө көстүбэт, бадаҕа.

      Кыычыкыын олус байбыт, наһаа элбэх сүөһүлэммит. Былыр биллэр баай дьон тугунан эмит аатырыахтарын баҕараллар эбит. Кыычыкыын үүт көлүйэ оҥосторго быһаарыммыт. Кини ол оҥкучаҕын наһаа дириҥ гыннарарга санаммыт. Оҥкучаҕы хаһарга нэһилиэк дьоно бүтүннүү сордоноллор. Оччолорго ханнык үчүгэй сэп-сэбиргэл кэлиэй? Буорун иһиккэ кута-кута быанан таһаараллар үһү. Кыычыкыын үлэлэтэр дьонун оҕус баһынан аһатар эбит. Кини бу аһын уһуннук буһарар идэлээҕэ үһү. Тоҕо? Көлүйэ хаһар дьон, оҕус баһа буһарын кэтэһэн, уһуннук үлэлиэхтээхтэр