мин суол курдук сурахтаах, аат курдук ааттаах киһибин. Ампара Хоһуун диэммин. Мин быһаас аҕаҕынан илдьиттээбитим. Оҕунан ытыалаһарга, илиинэн охсуһарга».
«Аҕыйах охтооҕум сайылыкпар хаалбыта».
«Оччоҕо илиинэн охсуһуох».
«Үйэбэр охсуспатах баҕайым».
Онуоха киһитэ тахсан, кэҕэлии-кэҕэлии, куккууктуу-куккууктуу, тойон өһүө баһын тоҥсуйан хонор. Мэлтэгэр саныыр: «Бу икки атахтаахха айыыга киирбэккэ төннүөм диэбитим. Дьэ, бу киһи айыыга киллэрэр буолла быһыылаах».
Сарсыарда халлаан сырдыыта анараа баҕайы, кини тахсыбытыгар, үрдүгэр түһэр. Охсор үһү да, хотуппат. Соччо өлөрөр-хаалларар курдук туттубат. Мэлтэгэр буоллаҕына таба охсубат. Аһарыгаһа олус. Хонноҕун аннынан ити ааһар, бу ааһар. Ону киирэр аан таһыгар баҕанаҕа өйөнөн турар быраата Сыспа Сыһыах көрөн туран: «Ыа, курданыаххынан нии, курданыаххынан», – диэн киҥинэйэр. Ону өйдүөн көрбүтэ, оҕус кутуругун курдук суһуоҕа субуруйан ааһар эбит. Онтукатыттан харбаан ылаат, икки төгүл көхсүгэ охсор. Киһитэ: «Тохтоо, сөп буоллум, көрдөөбүт көмүспүн ыллым! – диир. – Дьэ, үтүө киһи буоллаҕыҥ, дьылҕалаа эрэ, төһө баран охтуомуй?»
«Мин курдук киһи охсубутун кэннэ этэҕин ээ. Ортону аннынан киһи буоллаҕым дии. Үс көһү толоруоҕуҥ», – диир Мэлтэгэр Боотурап.
«Үс хонон баран суоллаар. Хоонньубар 12 кырсаны уктан турабын. Ону ылан баран, араҥаста тутан кээһээр», – диэбит Ампара Хоһуун.
Ол баран, Дэлгэр хоту өттүгэр тиийэн өлбүт.
Нина Степанова. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
КЫРГЫДАЙ
Мин олорор сирим кыракый дэриэбинэ. Кини аата Кыргыдай диэн. Былыр манна тоҥустар олорбуттар. Онно сахалар кэлбиттэр. Кыргыһыы буолбут. Ол саҕана туттар сэптэрэ ох саа эбит. Бу кыргыһыыга тоҥустар хотторбуттар. Ол иһин бу кырыыстаах сири Кыргыдай диэн ааттыаҕыҥ дэспиттэр. Онтон ылата Кыргыдай дэнэр.
Биһиги дэриэбинэбит таһыгар Эргичийэр диэн сир баар. Ол сир туһунан маннык кэпсииллэр. Ити кыргыһыы саҕана биир киһи элбэх тоҥус тоһууругар түбэспит. Ол дьон, кинини төгүрүктээн баран, ох саанан ытыалаабыттар. Ону туран, кини эргичийэ, тула холоруктуу сылдьан, охторун барытын тарбаҕын ыырааҕын быыһыгар кыбытан испит. Бэйэтэ элбэх киһини өлөрбүт. Онтон, биир оҕо хаалбытын кэннэ, кинини сүрэххэ түһэрбиттэр. Кинини чиэстээн, ити сир Эргичийэр диэн ааттаммыт. Онон сахалар Кыргыдайы улахан эрэйинэн ылбыттар.
Дьахтар Күөлэ. Бу күөл туһунан маннык үһүйээн баар. Бу күөл таһыгар сэттэ дьахтар олорбут. Онно кыргыстар кэлэн, дэлби сэймэктээн, эттэрин-сииннэрин алдьаппыттар. Өлөрбүттэр. Ол иһин Дьахтар Күөлэ дэнэр.
Зоя Степанова. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
КЫАДАҤДА
Бу сир тоҕо маннык ааттаммытын туһунан маннык сэһэн баар.
Былыр Луоҕа Боотур диэн киһи 40-ча киһилээх, сүөһүлээх-астаах Тыгынтан күрээн кэлэр. Кини Чыыбы хайатыттан чугас элбэх күөллэр баалларын көрөр. Онно биир күөлгэ хопто курдуктар