Хабыкый диэн киһилэрэ, арыычча сытыы киһилээхтэр эбит, куоракка үҥсэ киирбит. Ол киирэн, кумаакы таһаарбыт. Сурук. Онон олохтоох дьон нэһилиэнньэ гыммыттар.
Торбос Харах, биир Куукуй диэн үһү. Хайдах эрэ дүлэй киһини Куукуй дииллэр дуу.
Торбос Хараҕы буоллаҕына Алаас диэҥҥэ олохтообуттар. Куукуй диэни Огдорооҥҥо олохтообуттар, Хабыкый диэни – Харыйалаахха. Онон олохсуйан хаалбыттар. Ол дьон хантан да кэлбиттэрэ биллибэт. Сахатынан сахалар эбит.
Иннокентий Михайлович Неустроев. Мэҥэ улууһа, Баатара нэһилиэгэ (билигин Бэдьимэ нэһилиэгэ). 1983 с. кэпсэтэрбэр 62 саастааҕа.
АТЫЫР ТИРИИТЭ
Атыыр Тириитэ ааттаммыта – былыр айаннаан иһэр дьахтар, суолга оҕолонон баран, кулун тириитигэр оҕотун суулаан баран, чабычахха уган, тиит мутугар ыйаан кэбиспит. Ону олохтоох кырдьаҕас оҕонньор, түбэһэ түһэн, оҕо ытыырын истэн, дьиэтигэр кэлэн, оҕо оҥостубут. Ол оҕоттон Боппуоктар төрүттэрэ үөскээбит. Ити дьоруойдар төрүттэрэ. Кинилэр былыргы хос ааттара Масхалар диэн эбит. Маска ыйааммыттар, Масхалар, диэн.
Сайылыгы Атыыр Тириитэ диэн ааттаабыттар – сонтон.
Семен Никонович Стручков (1912). Мэҥэ улууһа, Дьабыыл нэһилиэгэ. Баргыдай аҕатын ууһа. 1991 с. суруйбутум.
АМПААРДААХ АЛААС
Ампаардаах Алаас диэн улахан сир баар. Дириҥ уулааҕынан, улахан соболооҕунан аатырбыт сир. Былыр-былыргыттан киһи аймах тоҕуоруйан олорбут сирэ. Бу сир былыргы аата Муҥха Баалы диэн эбитэ үһү. Илин бас, баһын халдьыытыгар былыр сэриилэһээри, кыргыс үйэтигэр, ампаар туппуттара турар. Бу алаас олохтооҕо Поповтар төрүттэрэ мин оҕо эрдэхпинэ Бөлтөккөй Бөтүрүүс диэн оҕонньор баара. Кини кэпсээнинэн, бу ампаар тула киһи уҥуоҕа уонна сылгы уҥуоҕа мээнэ ыһылла сытара үһү. Ону айыырҕааннар, хомуйтаран ылан, көмнөрбүттэрэ үһү диэн буолар.
Бу Поповтар төрүттэрэ баай дьон уолларыгар илин улуустар баайдарын кыыһын ойох ылбыт. Хайа улууһа биллибэт. Просто илин диэн. Ол кыыһы уол сүгүннэрэн киирэн испит. Бу сир халдьыы өттүнэн Халдьыы Үрэҕэ ааһар. Ол Ампаардаах Алааһы аппанан сибээстиир. Аппа киирэр буоллаҕа. Онон ол аппанан киирэннэр, ол Ампаардаах Алааһы өҥөс гына түспүттэр. Дьахтар буоллаҕына, бу сири өҥөйөөт, ат миинэн иһэн, эригэр сыста түһэн, эппит: «Бу дьүһүннээх сиргин арбаан-хайҕаан кэпсээбитиҥ дуу?» – диэбит.
Онтон ата бүдүрүйбүт. Сотору соҕус буолан баран. Кыыс атыттан сууллан түспүт. Ол түһэн, тыла суох буолан, өлбүт.
Баай ыал кыыһа туох да баһаан симэхтээҕэ, энньэлээҕэ эбитэ үһү. Ону ол алаас халдьыытыгар атын симэхтэри, дьахтар симэхтэри көмөн кээстэр. Онон сир аннынан ханан эрэ кылаат сытар диэн сабаҕалыыллара. Ханан сытара, ханан көмпүттэрэ букатын биллибэт.
Илин улуустар истиилэригэр кыыскытын күтүөккүт өлөрөн кээспит диэн тиийбит. Онтон илдьит ыыппыттар илин улуустар: «Сэп курдук сэрэнэн олоруҥ, ох курдук оҥостон олоруҥ. Биһиги сэриилээх тиийэбит», – диэн.
Онно күтүөт, сэриилэһэргэ бэлэмнэнэн, туттарбыт ампаара диэн кэпсииллэр. Дьэ, онно күтүөт сэриилэһэрдии бэлэмнэнэн, бу ампаары туттарбыта үһү.
Кырдьык да, тула өттө барыта чуолҕаннаах этэ.