Багдарыын Сүлбэ

Үһүйээннэр, номохтор


Скачать книгу

Иванов. Мэҥэ Хаҥалас, Чыамайыкы нэһилиэгэ. 1967–1968 сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут. Киниэхэ Чыамайыкы төрүт олохтооҕо Ион Семенович Федоров (1898) кэпсээбит.

      ЧЫАМАЙЫКЫ

      Былыр Чыамайыкы диэн эмээхсин олоро сылдьыбыта үһү. Кэлии дьон кини кыргыттарын кэргэн ылан, манна олохсуйбуттара үһү. Бу нэһилиэккэ саамай улахан күөл Чыамайыкы дэнэр эбит. Ону харыс тылынан солбуйан, Эбэ дииллэр. Бу күөл нэһилиэк кииниттэн 10 км таҥнары Тамма сүнньүгэр сытар.

      Тихон Егорович Никитин (1915). Илин Хаҥалас улууһа, I Хаптаҕай нэһилиэгэ (билигин Мэҥэ Хаҥалас оройуона, Хара нэһилиэгэ). Айалаах аҕатын ууһа. 1982 с. кэпсэппитим.

      ХАПТАҔАЙДАР

      Хаптаҕайдар тустарынан былыргы оҕонньоттор кэпсээннэрин истэр этим.

      Хаптаҕайга, өрүскэ, Тииттээх диэн аҕа ууһа баар. Мыла үрэх төрдүгэр олохтоох. Онно, дьэ, былыргы оҕонньоттор кэпсииллэринэн, өрүһүнэн, тиити миинэн, устан кэлэн олохсуйбуттар. Онтон кэлбит дьоннор ол Тииттээххэ олохсуйан үөскүүллэр.

      Онтон кинилэр уҥа өттүлэригэр Харгыйа аҕатын ууһа баар. Огдураан да диэн ааттыыллар. Олор Тииттээхтэр кэннилэриттэн харыйаны миинэн кэлбиттэр диэн кэпсииллэр. Ол атааннаһар эрдэхтэринэ ааттыыллара эбитэ дуу.

      Кинилэри онно тохтотумаары, Тииттээхтэр ох саанан ытыалаан тоһуйбуттар. Ол кынан баран, Харгыйа аҕатын ууһа элбэхтэр. Күүстэринэн олохсуйан хаалбыттар.

      Хаптаҕайдар ситинник үөскээбиттэр уонна тыаҕа тахсан испиттэр. Мыла үрэх устун. Тииттээхтэр Мыла үрэх устун тахсыбыттар. Харгыйалартан эмиэ мыраан үрдүгэр Харыйалаахха олохсуйбуттар. Харыйалаах аҕатын ууһа үөскүүр.

      Чэ, итинник.

      НӨӨРҮКТЭЭЙИЛЭР

      Нөөрүктээйилэр тустарынан Нөөрүктээйи оҕонньотторо кэпсииллэринэн.

      Нөөрүктээйигэ маҥнай Петровтар диэннэр олохсуйбуттар. Биллэн турар, соҕуруу диэкиттэн кэлбиттэрэ буолуо. Өрүһүнэн. Кинилэр кэннилэриттэн Нөөрүктээйилэр диэннэр кэлбиттэр. Элбэх киһи. Эмиэ өрүһүнэн устан.

      Ол Нөөрүктээйи аҕатын ууһа халыҥ дьон, өрүскэ үөскээн баран, тыаҕа тарҕанан барбыттар. Кэнники, арахсаннар, түөрт Нөөрүктээйи буолбуттар. Олус ыраах-ыраах үөскээннэр, тэнийэн хаалбыттар. Ити билиҥҥи Павловскайынан, Мооронон, өрүһүнэн-тыанан. Саамай улахан нэһилиэк хаалан хаалар.

      Онтон бу диэкинэн, ити Түүйэнэн, Көлөт Нөөрүктээйитэ арахсар. Туспа нэһилиэк буолар. Уонна Нөөрүктээйиттэн Тыараһа диэн нэһилиэк арахсар. Бу Мыла үрэх халдьаайытынан уонна Хомпу куулатынан, икки өттүнэн, сүнньүнэн. Биир нэһилиэк гынан баран, эмиэ нэһилиэктэри туораан, Тыыллыма нэһилиэгин туораан.

      Уонна өрүскэ, Ороссолуода соҕуруу өттүгэр, Дьөппөн бэтэрээ өттүгэр, ити икки ардыгар, Быллараат Нөөрүктээйитэ диэн кыра нэһилиэк баар этэ. Ол билигин Дьөппөҥҥө киирэн турар.

      Көлөт Нөөрүктээйиттэн, Түүйэттэн хоту билигин Мөҥүрүөн диэн ааттанар. Чоочо үөскээбит сирэ былыр.

      Ороссолуода Түмэти диэн ааттаах былыргыта, Торуой Тыыллыма диэн. Ити Ороссолуоданан тыаҕа тахсар. Ыраах тахсар. Түөрт көскө